ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

бык

туохтуур

Нууччалыы появляться

English to appear

Ис хоһооно · 6

1 туохтуур #

Нууччалыы появляться

English to appear

  • ый быкта
    луна показаласьthe moon appeared

2 туохтуур #

Туох эмэ кэнниттэн, иһиттэн эбэтэр ортотуттан өҥөй, өҥөс гын, көһүн, көстөн кэл

Нууччалыы Выглянуть, высунуться откуда-л

  • Арай биллэрик орон быыһын үрдүнэн оҕо сирэйэ аргыый быган кэллэ.
    Суорун Омоллоон
  • Бэҕэһээ биһиги сыппыт сирбититтэн киһи төбөтө быкта, киһи буолуо дуо, бөлүүн биһиги оҥорбут чуучалабыт.
    Т. Сметанин
  • Кэлин ыаллара уоскуталлар, Бэйэлэрин биллэрэллэр, Онтон-мантан дьоннор быгаллар, Кэҥээн, кэпсэтэн бараллар
    Дьуон Дьаҥылы

3 туохтуур #

Үүнэн таҕыс, сир үрдүгэр, кырсыгар көһүн (саҥа үүнэн эрэр от-мас туһунан)

Нууччалыы Взойти, всходить (о растениях)

  • Онно эппиттэр сүллэр этиҥнэр, Онон ааспыттар иэрийэр силлиэлэр, Улахан да халааннар устубуттар, Кэрэ чэчирдэр сиртэн быкпыттар.
    С. Данилов
  • Сотору халдьаайыга харалдьыктар тахсыахтара, онно маҥнайгы ньургуһуннар быгыахтара.
    С. Никифоров
  • Хаар хайдарын кытта Тимэх оттор быкпыттар.
    Баал Хабырыыс
Өссө холобурдар (1)
  • Тэҥн. былтай

4 туохтуур #

Туох эмэ кэнниттэн көстөн тур, туох эмэ иһиттэн көстө сырыт (тыыммат эттиктэр тустарынан)

Нууччалыы Выступать из-за чего-л., торчать из чего-л. (о неодушевленных предметах)

  • Хонук сиргэр бэрэмэдэй туолуор дылы Кыһыл эмэхтэ хаалаа, Саһылгын үрдүгэр уган тураҥҥын Кутуруга быга сылдьар гына Кыбыс-кытаанах гына тис.
    Саха фольк
  • Бэл диэтэр кырдьаҕас эмээхситтэр соҕуруу халлаан анныгар саҥардыы быган эрэр ыыстыйбыт хара былыт түгэҕин чарапчыланан көрөллөр.
    Эрилик Эристиин
  • Эмээхсин соһуйан, күөх луук адаарыйа быга сылдьар суумкатын мүччү ыһыктан кэбистэ
    Л. Попов

5 туохтуур #

Таҕыс, көһүн (халлаан сырдатааччыларын туһунан)

Нууччалыы Взойти, показаться (о небесных светилах)

  • Өлбөөркөй сарыаллаах дьэс ыйым - Үптэри эрэйбэт банаарым, Саатар, эн былыттан быкпаккын. Эллэй. Тымныы тыына халбарыйда, Былыттан быган мичик-мичик, Күнүм уота чаҕылыйда
    Дьуон Дьаҥылы

6 туохтуур #

Кэлбэт, сылдьыбат буол, кимнээххэ эрэ сылдьаргын тохтот (буолб. ф-ҕа тут-лар)

Нууччалыы Перестать приходить, ходить (в какое-л. место)

  • Дьэкиим, дьахтарыҥ тугу гынар, тоҕо хайаҕыт да быкпат буолан хааллыгыт, туохтан хоргуттугут?
    А. Софронов
  • Хас да хонук ааспыта. Ольга Александровна ити күннэргэ биирдэ да хонтуора диэки быкпатаҕа.
    Д. Таас
  • Оҕолонон-урууланан, бу дойдуга букатын быкпат буолан хааллыҥ дуу? Дойдугун-сиргин умнан эрэҕин дуу?
    Далан

«Б» буукуба