Перевод с якутского
көһүн
туохтуур
Нууччалыы стать доступным взору, показаться, виднеться
English to appear, to become visible
Ис хоһооно · 7
1 #
Харах далыгар баар буол
Нууччалыы Стать доступным взору, показаться, виднеться
Уҥуоргута биллибэт, улаҕата көстүбэт, оломо суох улуу муораҕа тиийэн, ата хорус гына түстэ. Ньургун Боотур. Онон- манан куйаас былытын курдук таас хайалар төбөлөрө уһулута ыстанан чөмчөрүһэн көһүннүлэр. А. Софронов Түүҥҥү барык быыһынан Элбэх уоттар көстөллөр Күннүк Уурастыырап Эмискэ баар буол, хантан эрэ кэл (үксүгэр сөбүлүүр, сөбүлээбэт дэгэттээх). Θ Вдруг, неожиданно появляться, возникать, показываться (обычно - неожиданно, имеет эмоц. -экспр. оттенок). Сайын устата Сыллай дьиэтигэр аҕыйахта көһүннэ. Амма Аччыгыйа
Өссө холобурдар (3)
Хайа, бу ханна сүтэн баран көһүннүҥ? Н. Заболоцкай [Варвара:] Тугун сүрэй, оҕонньор, бэйэлээх бэйэм оҕом миэхэ саатар көстөн барара баҕалаах. С. Ефремов Хойутаан көстүбүт таптал Күлүмэҕэ сүрдээҕин! Баал Хабырыыс
2 #
Булулун (сүтүк эбэтэр туох эмэ олус наадалаах баар буолуутун туһунан.)
Нууччалыы Найтись, обнаружиться, отыскаться (о чем-л. ранее утерянном или редком и необходимом)
Ат көһүннэҕинэ ыҥыыр көстүө, быһах көһүннэҕинэ, кыын көстүө (өс хоһ.). Үөрэхтээх үгүс ээ! Хайдах биир учуутал кыайан көстүбэт? Амма Аччыгыйа [Аптаах баҕаны] көрдүүрү баҕас көрдөөбүтүм да көстүбэтэҕэ Н. Павлов Көрдөөн булан, туһаҕа таһаарылын (сиртэн хостонор туһалаах баайдар тустарынан) Θ Обнаружиться, стать объектом добычи (о полезных ископаемых). Иирэлээххэ алмаас көстүөҕүттэн ыла мас быыһа барыҥнас киһи буолла. Л. Попов
Өссө холобурдар (1)
Бу бухатыыр таас - алмаас Саха сиригэр көстүбүтүнэн мин улаханнык киэн туттабын
Суорун Омоллоон
3 #
Туохха эрэ бокуойдан, түгэни бул (үксүгэр буолб. ф-ҕа тут-лар)
Нууччалыы Находить (удобное) время, улучить момент, удосужиться (обычно употр. в отриц. ф.)
Быйыл күһүн Айаан хаста да Никиитэлиин аһаҕастык кэпсэтиэн санаталаабыта да, тоҕоостоох түгэн көстүбэтэҕэ
Н. Лугинов
4 #
Биллэн таҕыс, чуолкайдан (ким, туох эмэ туга-ханныга, чахчыта, дьиҥ иһэ)
Нууччалыы Выступить наружу, проявляться, обнаруживаться (о подлинной сущности кого-чего-л.)
Кинээс маарыын түөкэйдээн хайдах курдук кубулуммутуй? Кини сымыйата көһүннэҕэ ити. М. Доҕордуурап [Ипатийдаах, Лука] ситэ үчүгэйдик үөрэммиттэрэ көстүбэт М. Доҕордуурап Хайа эрэ өттүгүнэн билин, арылын (атыттарга эбэтэр бэйэҕэ). Θ Представляться, открываться какой-л. стороной. Мичик гыммыта хайдах эрэ ис киирбэхтик көһүннэ, тоҕо эрэ Байбааскы сылаастык көһүннэ.
П. Ойуунускай
Өссө холобурдар (1)
Бороҥ күн анныгар туох баар барыта биир кэрим кинини [Марбаны] өһөөбүттүү дуу, кинини кытта бииргэ ытаспыттыы дуу буолан көһүннэ
Күндэ
5 #
Ким, туох эрэ туһунан ханнык эрэ өйдөбүлү ыл, ханнык эрэ санааны үөскэт (сыыһа да, сөптөөх да)
Нууччалыы Получить, составить себе о ком, о чем-л. представление, какое-л. понятие (ошибочное или верное)
Ол мунньахха кэрэтик көстөөрү, онтон-мантан лыах удьуора Тэлбик-элбик көтөн кэлбит.
П. Ойуунускай[Мишаҕа] бүгүҥҥү киэһэ бүтүннүүтэ даҕаны хайдах эрэ дьиҥэ суох оонньуу курдук көһүннэ.
Н. ЛугиновЭмиэ куолуһут барахсан көстүбүккүн. М. Доҕордуурап
Өссө холобурдар (1)
Туора дьон хараҕар бу адьас туох да тупсаҕайа суох таҥас көлөһүнэ иҥмит киһитэ күндүтүйэн көстөн эрдэҕэ Ф. Софронов
6 #
Санааҕар хараҕыҥ далыгар баар курдук буол, хараххар баарга дылы буол
Нууччалыы Воображать, представлять что-л. перед глазами
Силээн үрэхтэрим, Сиэркилэ мичик күөллэрим харахпар көстөн кэлэллэр, Хамсыы түһэллэр! П. Тобуруокап Элбэх баҕайы кинигэ, харандаас, кумааҕы Таня хараҕар көстөн ааһарга дылылар. Дьүөгэ Ааныстыырап. Ср. уйг. көзүн 'виднеться'
7 этии #
Нууччалыы Выходить из себя (от злости, от волнения), приходить в бешенство; быть вне себя
Этиилэр
Көстө сытар көр көстөн турар
Районо үлэһиттэрэ эдэр табаарыһы олус көстө сытар алҕаһын иһин администрацияҕа быһаарыы биэрэригэр сорудахтаабыттара. Н. Лугинов. Күннээх таҥараҕа (күннээххэ) көстүмүнэ (былыттаах таҥараҕа быгымына) фольк. - кими да кытта билсибэккэ-көрсүбэккэ, ийэ-аҕа тылыттан тахсыбакка, олус көрсүөтүк (иитиллибит туҥуй кыыс оҕону этэр олоҥхо көһөр олуга).
Эпическая формула, означающая непорочность, чистоту девушки, воспитанной в патриархально-домостроевских нравах (букв. ясному небу не показываясь, облачному небу не высовываясь).
Күҥҥэ көстүбэтэх (көстүбүт) - дэҥҥэ көстөр, олус күндү, баар-суох соҕотох. Удивительный, единственный, драгоценный, ранее не виданный, редкостный. Уу дириҥин булан, Умсан киирэн, Күҥҥэ көстүбэтэх Көрүдьүөс дьүһүннээхтэри Көтөҕөн таһааран, көрү көрдөрүөм. А. Софронов [Испирдиэн:] Мин сүрэхпин, мин күҥҥэ көстүбүт дьолбун сиэтилэр... С. Ефремов
Өссө холобурдар (7)
Күҥҥэ көстүбэтэх үрүҥ субалаах, дьикти-кэрэ тоҥус кыыһа баара үһү ээ. А. Сыромятникова Өтө көстөр - чуолкайдык, туох да мунааҕа суох биллэр (ханнык эрэ бэлиэнэн, бэлиэлэринэн). Очевидно, вполне понятно (по явным признакам). Кини бэҕэһээ улаханнык итириктээбитэ сирэйиттэн-хараҕыттан өтө көстөр. Н. Якутскай Сиртэн көстүбэккэ сылдьан - кыратыттан, улаата илигиттэн (кыйаханан, сэнээн оҕону этиигэ). соотв. от горшка два вершка - и туда же (выражая раздражение, неодобрение поведения детей, подростков). Сиртэн көстүбэккэ сылдьан -- дибдигириир буоллаҕына, хайа сатаан да ыал буолан олоруохпут суох дии. А. Софронов Көр, Быттааны уола хара ыт сиртэн көстүбэккэ сылдьан эрэ тыл утарсар. МНН. (Сөбө) көстөн иһиэ (иһээ ини) - мантан инньэ орун-оннугар буолуо, сөп буолан иһиэ. Со временем все образуется, наладится, все встанет на свои места. Ээ, кырдьык, биһиэхэ туох саҥа эрэ барыта абааһы көрүллүбүт бэйэтэ. Олорон истэххэ, син сөбө көстөн иһиэ. Амма Аччыгыйа Түгэҕэ биллибэт биэс сыллаах үөрэх ортолоото да, көстөн иһиэ диэн бириинсип туолумаары гынна.
Н. ЛугиновКөстөн иһээ ини. Софр. Данилов. Сөбө (сөпкүт) көстүө - тоһун ылыаҕа, кэһэйиэҕэ (кэһэйиэххит). Он получит должный урок, получит по заслугам (будет поделом наказан). Киһи тыыппат эрэ дии-дии, кини бэркэ өрө тэбэн эрэр. Кини да сөбө көстүө ээ. Н. Неустроев "Хара ыт, сөбүҥ көстүө буоллар көһүннүн", - диэн Татьяна эмээхсин дьэ эбии өрө хабыллан турда. Эрилик Эристиин