Перевод с якутского
арый
туохтуур
Нууччалыы открывать
English to open
Ис хоһооно · 7
1 туохтуур #
Нууччалыы открывать
English to open
кинигэни арый открой книгуopen the book
2 туохтуур #
Туох эрэ аанын, хаппаҕын, сабыытын уо. д. а. ас
Нууччалыы Открывать дверь, поднимать крышку, раздвигать створки чего-л. и т. п
Тордоҕун аанын арыйан, ат буолан киирэрин кытта, уол кэлэн ааны сэгэттэ. Саха фольк “Ити дьахтары манна аҕал!”- диэн саалаах киһи доҕоругар соруйбутугар, доҕоро кэлэн хаҥас быыһы арыйда. Эрилик Эристиин Харытыан кэдэс гынан тохтоото, кириэс охсунна уонна тимир хоппо хаппаҕын сэмээр арыйда Л. Попов
3 туохтуур #
Туох эрэ бииргэ эбэтэр бүк тутулла сылдьарын ас, тэнит
Нууччалыы Разомкнуть, раскрыть что-л. свернутое, сомкнутое
Зонтигы арый. Оҕо үтүлүгүн, бэргэһэтин устаат, кинигэтин халыҥ таһын арыйда. Н. Заболоцкай [Данилов] кумааҕылары киҥнээхтик арыйан үргэҥнэттэ. М. Доҕордуурап
Өссө холобурдар (1)
Суругу арыйан аахпыттара да, туох да соччолоох сонун суоҕа И. Федосеев
4 туохтуур #
Туох эрэ сабыытын ас, хастыы тарт
Нууччалыы Обнажать, раскрывать что-л. закрытое
“Утуйбут быһыылаах”, - дии санаат аа-дьуо туран лаампатын умулуннарда, аргыый аҕай арыйан суорҕан иһигэр киирдэ. Софр. Данилов. Генерал, тулуубун арыйа тардан, өттүгүттэн саабылатын ылан эрдэҕинэ, “Генерал тойон!” диэн ньоччоҕор эписиэр хабдьыгыраата. Эрилик Эристиин “Гурьянов, Гурьянчик”, - доҕорбор саба түһэбин. Синиэлин арыйбыппар атаҕыттан хаан ыһылынна Т. Сметанин
5 туохтуур #
Туох эрэ кистэлэҥи, кистэммити булан дьоҥҥо биллэр, иһитиннэр
Нууччалыы Рассказать о чем-л. скрываемом, тайном
Уорууну арый. Арастыраатаны арый Туох эрэ туһунан аһаҕастык эт, кэпсээн биэр. Θ Сообщать откровенно, без утайки о чем-л. Макар туох баар кистэлэҥин доҕоругар арыйда. [Маняҕа] Ис ыраас сүрэхпин арыйан биэрдим Туох баар эриэккэс санаабын этэ сатаатым С. Ефремов
6 туохтуур #
Туохха эрэ саҥа суолу ас
Нууччалыы Положить начало каким-л. новым действиям, деятельности
Арыт үөрэнээччи учууталын ситэн ааһар, экскаватор үлэтин элбэтиигэ саҥа суоллары арыйар. И. Данилов Ол дойдуттан аҕалаах ийэм амаҕаччыларынан айан аартыгын арыйбытым. Эвен фольк
7 туохтуур #
Туох эмэ баар буолуутун көрдөр, быһаар
Нууччалыы Устанавливать существование, наличие чего-л
Итинник хара баттыгаһы арыйдахха, баайдар кэм тардынар буолуохтара. М. Доҕордуурап Полиция салалтата бу дьыаланы арыйарга араас албастары туттубута. П. Филиппов Мин соторутааҕыта биир дьиибэни арыйдым.
Н. Лугинов
Өссө холобурдар (1)
Ср. др. -тюрк. арыҕ ‘юрта, дверь палатки’