Перевод с якутского
сэгэй
туохтуур, даҕааһын
Нууччалыы открывать
English (of a door, window, etc.) to open
Ис хоһооно · 6
1 туохтуур #
Нууччалыы открывать
English (of a door, window, etc.) to open
хос аана сэгэйбит дверь комнаты открыласьthe room's door opened
2 туохтуур #
Нууччалыы подниматься
English (theater) (of a curtain) to rise
быыс сэгэйбит занавес поднялсяthe curtain rose
3 туохтуур #
Кыра аһаҕастанар курдук арылын, аһылын
Нууччалыы Немного, слегка открыться, приоткрыться
Кып-кыһыл күн, халлаан илиҥҥи иитэ сэгэйбитинэн быган, мастар төбөлөрүн көмүһүнэн дуйдаан турара. Н. Якутскай Уоһа сэгэйбит, ып-ыраас иэдэһэ кыыспыт. Н. Габышев Эмискэ кэтэх аан халҕана сэгэйдэ А. Данилов
4 туохтуур #
Тугу эмэ сэргээн, туохтан эмэ көтөҕүллэн, сэргэхтик тутун
Нууччалыы Оживиться, воодушевиться от чего-л. приятного
Хараҕым күн-түүн көрдүүрэ Дьону, мичээри, оҕону, Кулгааҕым сэгэйэ сэргиирэ Саатар үөҕэр да саҥаны. С. Данилов Сэмэн, чэйин сыпсырыйа-сыпсырыйа, иһиллээн сэгэйдэ. П. Аввакумов [Уурастыырап] Арыт үөрэн сэгэйэр, Айымньыта, ол аата табыллар. И. Федосеев
Өссө холобурдар (1)
Ср. монг. сагах ‘подниматься, выливаться через край; перекипеть’, сөхөх ‘приподнимать, приоткрывать’, һэхэхэ ‘засучить’
5 туохтуур #
дьүһ. туохт. Биир тэҥник чэпчэкитик өрүтэ дэгдэҥэлээ, өндөҥөлөө (хол., сиэлэн)
Нууччалыы Слегка равномерно приподниматься, раскачиваться (напр., при езде верхом)
Микиитэ сиэлэн сэгэйэн иһэр, тохтоон иһиллии түһэр уонна эмиэ сиэлбитинэн барар. Амма Аччыгыйа Атах тыаһаата, ким эрэ аҕылыыр курдук. Кэннин хайыста. Тээллэриис сэгэйэ сиэлэн иһэр. И. Гоголев Туртас -- биирдэ-иккитэ хардыылаат, төбөтүн хоноччу туттан, чэпчэки-чэпчэкитик дэгэйбэхтээн, сиэлэн сэгэйбитэ И. Федосеев
6 даҕааһын #
Түргэн туттуулаах, сыыдам быһыылаах, туругас-олоругас
Нууччалыы Быстрый, расторопный, проворный
Снаряд таһар Сэгэй уол, Сүүнэ бирикээһи Сүүрүүнэн толорор, Элэстэнэр атах, Элэҥнэс илии, Эрчимнээх иҥиир Эн этиҥ дии! Р. Баҕатаайыскай Кэнники кэлэн Кистээн иһиттэххэ, Сэлээр сэһэн, Сэгэй атах Сиэгэн кыыл, [Баабыр тойон иһиттэҕинэ Быһа тардыа диэн] Сири аннынан Сэһэргиир үһү. Күн Дьирибинэ. Сэргэхтик чэрбэҥниир Сэгэй чуор кулгаахтаах, Тамайан айанныыр Таҥарам табата! И. Чаҕылҕан