ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

долгуй

туохтуур

Нууччалыы вздыматься; вздыматься волнами; волноваться

English surge, rise in waves, be agitated

Ис хоһооно · 9

1 туохтуур #

Нууччалыы вздыматься; вздыматься волнами; волноваться

English surge, rise in waves, be agitated

2 туохтуур #

Тыалтан өрүтэ түллэҥнээн, дьалкыйан хамсаа, эбирдээ (уу ньуурун этэргэ)

Нууччалыы Волноваться, зыбиться (о водной поверхности)

  • Өрүспүт уута долгуйа устар

3 туохтуур #

Аргыый өрүтэ түллүтэлээн, күөгэлдьийэн хамсаа

Нууччалыы Колыхаться, качаться, волноваться

  • Солооһун аннынааҕы ходуһаҕа кини ото үүнэн, араас күндү түүлээхтэр тириилэрин тэлгэппит курдук толбонноно долгуйара.
    Амма Аччыгыйа
  • Долгуйа хамсаа Эн муора курдук, Толору астаах, Саһарбыт бурдук.
    П. Тобуруокап
  • Күөх нуоҕай мутукча Долгуйа хамсаабыт, Күн дьолун булбучча Уол кыыһы таптаабыт
    Күннүк Уурастыырап

4 туохтуур #

Үөрэн, хомойон эбэтэр куттана санаан ис-искиттэн айман

Нууччалыы Волноваться, беспокоиться, приходить в тревожно-беспокойное состояние

  • Микиитэ, олус улаханнык долгуйдаҕына буолар быһыытынан, нууччалыы чуолкайдык саҥарбата буола оҕуста.
    Амма Аччыгыйа
  • Кини хараҕар оонньообут мичээр дууһаттан дириҥник долгуйбутун этэр.
    М. Доҕордуурап
  • Сир үрдүн дьиктитин күүһэ баар тапталга – Сүрэх долгуйара, үөрэрэ
    И. Эртюков

5 туохтуур #

ан эмэ айманан хамсаа, сөбүлээбэккин биллэрэн айман (элбэх дьон, норуот туһунан)

Нууччалыы Выражать недовольство чем-л. массовый протест против чего-л

  • Итинник дьон көҥүл бардахтарына, аан дойду олоҕо долгуйаа ини.
    Н. Неустроев
  • Бар дьон бүтүннүү долгуйда, күүрэ, уордайа, оргуйа түстэ.
    Амма Аччыгыйа
  • Уотунан харбаһар Уорааннаах байҕаллыы Норуоппут уордайда, Дойдубут долгуйда
    Күннүк Уурастыырап

6 туохтуур #

Күргүөмүнэн халҕаһалыы хаамп (толору дьонноох уулусса, үгүс киһи уулуссаҕа тахсан хаамсыыта)

Нууччалыы Ходить гурьбой, толпой; толпиться (о многолюдной улице, параде)

  • Күөх дьүрүс халлааҥҥа көтөр аал тайаарар, Ол норуот долгуйар уулусса устун.
    И. Чаҕылхан
  • Өйүгэр киирбитэ – Москва Долгуйар парада, Үөрүүлээх Маай күнэ, сатарар Дорҕоонноох андаҕар
    А. Абаҕыыныскай

7 туохтуур #

Долгун курдук буолан көһүн (баттах туһунан)

Нууччалыы Быть, казаться волнистым (о волосах)

  • Сиинэ кэрэмэс саһылын Бочугураһа дуу диэбитим Долгуйар уһун суһуоҕуҥ Толбоннурара эбит дии.
    С. Данилов
  • Долгуйа үүнэн түспүт сымнаҕас чачархай баттахтаах
    Амма Аччыгыйа

8 этии #

Нууччалыы Чувствовать слабость в суставах

Этиилэр

Сүһүөҕэ долгуйар

сүһүөҕэ ууллар, сүһүөҕэ кыратык ибигириир Сүһүөҕүҥ долгуйан көрбөккө хаамарыҥ, Сыабыҥ, киэн туттардыы, кылырдыы тыаһыыра.

  • Эллэй. Эдэр булчут Уйбааскы сүрэҕэ сылаас-сылаастык тэбиэлиир, сүһүөҕэ долгуйа хамсыыр. Л. Попов

9 этии #

Долгуйар Дьокуускай куорат поэт. – Дьокуускай куорат элбэх дьоннооҕун, үгүс кэлиилээҕин-барыылааҕын, дьалхааннааҕын хоһуйан этии Долгуйар Дьокуускай куоракка Дьоллонор сир баарын мин биллим. Эллэй. Долгуйар Дьокуускай куорат Дьоһун чулуу дьонноро Дорообото тутуҥ! Саха фольк. П. -монг. долгула

Нууччалыы Многолюдный, оживленный, бурлящий город Якутск (постоянный эпитет)

«Д» буукуба