Перевод с якутского
иэдэй
туохтуур
Нууччалыы увлекаться
English (with dat.) to be carried away or driven to distraction
Ис хоһооно · 7
1 туохтуур #
Нууччалыы увлекаться
English (with dat.) to be carried away or driven to distraction
ырыаҕа иэдэйэн эйигин истибэтим заслушался песни и не услышал тебяI was distracted by the song didn't hear you дьахтарга иэдэй отвлечься на женщинуto be distracted by a woman
2 туохтуур #
Нууччалыы суетиться; мчаться; торопиться
English to fuss, to rush, to hurry up
3 туохтуур #
ан эмэ кыһалҕаҕа ыллар, алдьархайга түбэс
Нууччалыы Попадать в беду, бедствовать; страдать от чего-л
Арыгыттан алдьаммыт, испииртэн иэдэйбит. (өс хоһ.). Иҥсэтигэр иэдэйбит, акаарытыгар алдьаммыт (өс хоһ.). Араас куттал барыта Аара суолбар тоһуйбута: Тоҥон өлүөм диэн толлорум, Мунан хаалыам диэн мунчаарарым, Оһоллонуом диэн олулларым, Иһэн иэдэйиэм диэн эрэйдэнэрим. Л. Попов Өскөтүн кутуйах оҕото аһын хаһаамматаҕа эбитэ буоллар, бука, улаханнык иэдэйиэ этэ. В. Бианки (тылб.) Буорту буол (тыыммат предмет туһунан). Θ Портиться; пострадать (о неодушевленных предметах). Вася үһүгэр сылдьар. Этэсиэркэттэн кинигэлэри ыһар идэлээх Олох сүгүннүө суох – кинигэ иэдэйииһи. М. Иванов
Өссө холобурдар (1)
Төрүкүтүн бырыы-дьэбэрэ Тыабыт иһэ иэдэйдэ. Халтархайа, силбэрэҥэ, Инчэҕэйэ сүрдэннэ М. Ефимов
4 туохтуур #
Доруобуйаҕынан мөлтөө-ахсаа, наһаа хоттор
Нууччалыы Страдать здоровьем, запускать болезнь
Оҕом Бааска тылын ылынан эмтэммэккэ иэдэйдим. П. Егоров Дьэкиим, хараҕынан төрүт да улахан мөлтөх киһи, саас букатын иэдэйэн ылар үгэстээх. Н. Заболоцкай Ол эрээри ити аҕыйах да чаас устатыгар хараҥа тордоххо соҕотоҕун хаалбыт Ньаабал оһоҕостоох кэргэнэ, ити кыа-хаан тохтубут ынырык түбэлтэтин итиэннэ ыарыһах Чирэмэдиэ иэдэйбитин саныы-саныы, сөбүн эрэйдэммитэ. С. Курилов (тылб.)
5 туохтуур #
ан эмэ сылбаҥ эһин, буорай (хол., аччыктаан, утатан, илистэн о. д. а.)
Нууччалыы Изнемогать (от голода, жажды, усталости)
Бэркэ илистибит, иэдэйбит дьон дьиэбитигэр тиийбиппит. Далан Тамаҕа хатан, күөмэйэ кууран, хоргуйан-утатан, букатын иэдэйдэ. А. Сыромятникова Оттон эн, кырдьык, бар ээ. Ол Уйбааныҥ күүтэн иэдэйдэ быһыылаах Э. Соколов
Өссө холобурдар (3)
ан эрэ моһуогур, муҥу көр. Θ Оказываться в затруднительном положении столкнуться с трудностями, препятствиями. Табаҕа суох иэдэйдэҕэ буолуо. Амма Аччыгыйа Мин, үөрэҕэ суох буолан, тугу да билбэппинэн иэдэйбит киһибин. Н. Якутскай – Тиҥийэн ааҕан бүтэрдим Тэтэрээппин барытын. Туох өйдөнөн хаалбытын Тобулбакка иэдэйдим, – Доллоордо билэр киһибит, Долгуурап Мэхээлэбит Р. Баҕатаайыскай
6 туохтуур #
Кимиэхэ-туохха эрэ аралдьый, саймааран хаал; өйгүн-санааҕын сүүйтэр
Нууччалыы Отвлекаться от чего-л., увлекаться кем-чем-л
ээннэригэр иэдэйэн, иһиминэ олорбут чэйдэрин иһэн сыпсырыстылар. Амма Аччыгыйа Баһылай оҕонньор кийиитин бэркэ маанылыырын үрдүнэн, бэйэтэ куһаҕан, чэпчэки дьахтар буолан, атын киһиэхэ иэдэйэн, эриттэн арахсан эрэр дэтэр гына тылламмыт эрэ. А. Софронов Эмээхситтэр хойуу чэйи иһэн иэдэйдэхтэринэ киэһэ хойукка диэри сэлэһэллэр Дьүөгэ Ааныстыырап
7 туохтуур #
Аймана-айдаара, сүпсүгүрэ түс
Нууччалыы Забеспокоиться, затревожиться, засуетиться
Ким эрэ: "Атыылаан кэбиһиҥ", – диэн сүбэлээтэ. Петровна дьэ иэдэйдэ: – "Сааспар ытынан эргинэн туһамматаҕым. Мин ытым тириитинэн эн эргинээри гынарыҥ буолуо". Амма Аччыгыйа Эдэр киһи итини истээт дьэ иэдэйдэ: "Бэйи, ити математическай энциклопедияны миэхэ аҕал. Мин математикпын, миэхэ ордук наадалаах!" Кыым