ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

иир

туохтуур

Нууччалыы страдать потерей рассудка, умопомешательством, сойти с ума

English (psychology) to go mad, to lose one's head

Ис хоһооно · 8
I

1 туохтуур #

Өйгүнэн ыарый, булкулун

Нууччалыы Страдать потерей рассудка, умопомешательством, сойти с ума

  • Иирбит киһи күүһэ-уоҕа икки төгүл эбиллээччи дииллэр.
    Күннүк Уурастыырап
  • Сылгыһыт уола соһуччу иирбитэ сыл кэриҥэ буолбут
    И. Гоголев
  • Ньиэрбэ сыстыганнаах ыарыытынан (иирэр ыарыынан) ыарый (кыыл-сүөһү туһунан). Θ Заболевать бешенством (о животных). Бу ыт иирбит

2 туохтуур #

Тугу да кыайан өйдөөбөт буол, булкуллан хаал

Нууччалыы Терять нормальный рассудок, путаться, сбиваться с толку

  • Ахсааммар иирэн хааллым.
  • Мин букатын иирэн хааллым.
    Н. Неустроев
  • Иирбит, акаары ыраахтааҕы сэриини тэрийэн, бу алдьархайы тэрийдэ
    Эрилик Эристиин

3 туохтуур #

Түктэри-баламат быһыылан; харса-хабара суох тыллас, айдаар-куйдаар; толоостук, сиэри таһынан кыыһыр

Нууччалыы Вести себя нагло, непристойно, нахально; скандалить, поднимать невообразимый шум-гам; быть, находиться в крайнем раздражении

  • Сэриинэн тыыланан, Сэттээхтик тыллаһан – Алыстаан эрэҕит, Аһара иирэҕит.
    Күннүк Уурастыырап
  • "Хаһан, ханнык ыстараап харчытын туппуппун этэҕин, киэр буол, ииримэ," – диэн мэлдьэһэн кэбиһэр
    Күндэ

4 туохтуур #

сөбүлээб. Тугунан эмэ күүскэ үлүһүй (үксүгэр тоҕооһо, солуута суоҕунан)

Нууччалыы Сильно увлечься чем-л. (обычно чем-л. мелочным, нестоящим)

  • ээҥҥэ иирэммин барбакка хааллым.
  • Мааҕын Тигээйилэр оҕолоро кырбаатылар диэн ытаан-соҥоон бараҥҥын, аны мээчик оонньоон иирэҕин
    Амма Аччыгыйа

5 туохтуур #

сөбүлээб. Кими-эмэ күүскэ таптаа, киниэхэ наһаа ыллар, сүрэххин сүүйтэр (үгэс курдук, ылыныллыбыт сиэри кэһэн туран)

Нууччалыы Сильно влюбляться в кого-л., увлекаться кем-л., терять голову от любви к кому-л. (обычно нарушая общепринятую этику)

  • Кини саныыр быһыылаах: хайа кыыһы таптыы көрдүҥ да, ол кыыс хайаан даҕаны киниэхэ иириэхтээх.
    С. Ефремов
  • Күнүүлүөм суоҕа дуо! Саабысынаҕа иирбитиҥ мэлдьэх буоллаҕай?
    Болот Боотур
  • [Суоппуйа:] Бу, тойон, кийиитиҥ, Дьаарбаҥҥа иирэн, эриттэн арахсара кэллэҕэ буолуо
    Эрилик Эристиин

6 этии #

Нууччалыы О большом беспорядке в делах, бумагах

Этиилэр

Иирбит аҕабыт дьыалатын (кинигэтин) курдук

киһи иннин-кэннин, бэрээдэгин, чуолкайын булбатын курдук булкуллубут (үксүн дьыала туһунан) Дьыалаҥ иирбит аҕабыт дьыалатын курдук, туох даҕаны дьыалата тигиллибэт, киирэр-тахсар сурунаалгар суруллубат. Күндэ. Иирбит барыс кэпс. – чэпчэки суолунан кэлбит, булуллубут өлгөм барыс.

Легко доставшийся щедрый барыш.

  • Хоту олорор көс омуктарыгар, устугас сахаларга испиири атыылаан, түүлээҕи хомуйартан ордук иирбит барыс суох.
    Болот Боотур
  • Иирбит элбэх кэпс. – олус элбэх. Очень много, полным-полно. Икки атахтаах Ситэн сэрэйбэтэх Иирбит элбэх харчылаах киһи.
    Өксөкүлээх Өлөксөй
Өссө холобурдар (2)
  • Итиэннэ аата биллибэт күөл иирбит курдук элбэх.
    ХС
  • Иирбит ыт үөхс. – "сидьиҥ, чиччик киһитэҕин" диэн ыыстаан, үөҕэн этии. Подлеö, мерзавеö. Иирбит ыт, эн тугун мунньаҕай! Кэл манна, баттаххын харбыахха, Ол баҕас туох буруй буоллаҕай?
    Эрилик Эристиин

Иирэн турда

эмискэ, соһуччу буолан-хаалан турда, күүтүллүбэтэх өттүттэн олус күүскэ тымтан-кыыһыран турда.

Неожиданно вспыхнул сильным гневом, впал в крайнее раздражение, внезапно, неожиданно (когда для этого вроде бы нет причин).

  • Муста охсубут дьон, ыаллара сааһыгар кыыһырбат киһи, иирэн турбутун одуулаһаннар, тэйэн, кэннилэринэн сыҕарыйаллар.
    А. Сыромятникова

Хараарчы иирдэ көр хараарчы

  • Хараҕа иирэр көр харах

7 этии #

Нууччалыы Так говорят, когда пытаются утихомирить слишком уж разбушевавшегося человека

Этиилэр

Иирдиҥ дуу (дуо),

сиэри таһынан быһыыланар киһини өйдөтөр, сэмэлиир этии Иирдиҥ дуо, эн, дьиккэр? Амма Аччыгыйа. Бэйи эрэ, Ахмет! иирдиҥ дуо?! Өстөөхтөрү кэннилэриттэн эккирэтээри гынаҕын дуо? Эрилик Эристиин. Ити хайдах буоллум, Иирдим дуу, итирдим дуу? С. Ефремов. Иирэр бараах эргэр. – иирбит, төбөлөрүнэн булкуллубут дьону эмтиир дьиэ.

Богодельная для умалишенных.

  • Ити киирэн, күһүнүгэр, "Иирэр бараах" хотунтан Эмкэ сытан тахсан баран Уонча эрэ хонукка Олорбута Налбыһах.
    Күннүк Уурастыырап
  • Эмээхсини, киирэрин кытта, уола Суон Бүөтүр иирэр бараахха илдьэн туттарбыт.
    Болот Боотур
Өссө холобурдар (3)
  • Тоҕо миигин манна аҕаллылар? Бу иирэр бараах быһыылаах, ол аата мин иирэн эрдэҕим.
    Н. Лугинов
  • Иирэр ыарыы бэт. – кыыллар иирэн ыалдьар сыстыганнаах ыарыылара. Бешенство. Ыт, кырдьык, олус элбээбитэ, иирэр ыарыы тарҕаммыта.
    Г. Угаров
  • Тэҥн. ииримтийии.

Иирээри гыммыт дуу (ээ)

сиэри таһынан быһыыланар киһини сүөргүлээн этии.

Неодобрительно-осуждающее выражение по поводу неприличного, непристойного, предосудительного поведения кого-л.

  • "Тыый, бу дьахтар иирээри гыммыт дуу?" – диэн оҕонньор суобаһырбыта буолла.
    П. Ойуунускай
  • Ити киһи иирээри гыммыт ээ, хата сотору таҕыста, манна өр буолан майаачылыа дии санаабытым.
    А. Софронов
Өссө холобурдар (1)
  • Тюрк. егир, ивирэ
II

8 туохтуур #

Аһыйан, ыдьырыйан хаал (үүт, сүөгэй туһунан)

Нууччалыы Закисать, свертываться (о молоке, сливках)

  • Үүт иирбит. Тюрк. эри, ири

«И» буукуба