Перевод с якутского
түлүн
туохтуур
Нууччалыы вздымать; пухнуть
English to heave, to swell
Ис хоһооно · 5
1 туохтуур #
Нууччалыы вздымать; пухнуть
English to heave, to swell
долгуннар түллэллэр волны вздымаютсяthe waves heave
2 туохтуур #
Күүрэн өрө үлүн, өрө күүр (ууну, долгуну этэргэ)
Нууччалыы Подниматься, вздыматься (о волнах)
Модун Муора уута түллэн, Түллэн, үллэн күллэ. Күннүк Уурастыырап Дьоҕойон долгуннар Өрүтэ түллэҕит, Дархан очуоска Күүскүтүн эһэҕит М. Ефимов Өрө күөдьүй, өрө субулун (хол., буруо). Θ Клубящимися столбами подниматься вверх (напр., о дыме). Очуос тумул быарыгар, Оттоох таала сыырыгар Сангаар куората көһүннэ, Салаҥ буруо түлүннэ С. Васильев
3 туохтуур #
Быччыҥнаргын күүһүҥ муҥунан күүрт; күүр
Нууччалыы Напрягать мышцы; напрягаться
Аҥаа Моҥус түллэр, Үчүгэй Үөдүкүнү түөрэ халбарыйар, аны кини Миинэ түһэр. И. Гоголев Үрүҥ эриэн кунан оҕус Сиһэ түллэ түрдэстэн Сири сыллыы дьүккүйэр. Күннүк Уурастыырап Киһи куйахата дьыр гынна, быччыҥнара түллэн кэллэ. Болот Боотур
Өссө холобурдар (2)
Түөһэ түллэ түһэн, наһаа эрчимнээхтик кыланна Амма Аччыгыйа Туох эмэ баттааһын көмөтүнэн үлүн. Θ Напрягаться под давлением, воздействием чего-л. Бары эттиктэр итийииттэн түллэллэр, сойууттан тардаллар СПН СЧГ
4 туохтуур #
Эккин-сииҥҥин барытын күүрдэн үнүн (хол., оҕолоноргор)
Нууччалыы Тужиться (напр., при родах)
Дьахтар оҕолоноругар сатаан тыыныахтаах уонна түллүөхтээх
5 туохтуур #
Күүһүр, күүрээннэн, өрө күүр
Нууччалыы Напрягаться, натуживаться, вдохновляться
Түлүннүн тыыл, фронт бүттүүн күүспүт Түргэнник кыайар туһугар. Дьуон Дьаҥылы. Олох сайдарын туох да кыайбат, Оргуйар, түллэр, дэбилийэр. И. Эртюков Күүстээх демонстрациялар түллэн ааһыталыыллар. Амма Аччыгыйа Дьон курдук дьонноруҥ, Чурапчы, Сороҕо суоҕун да иһин, Дьэ хаһан даҕаны эн бачча Түллэн үлэлии илигиҥ. Дьуон Дьаҥылы. Ср. тув. түлүк ʽразгар, наивысшее напряжение’, кирг. түлүк ʽмучение, трудность’