ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

дьохсой

туохтуур

Нууччалыы нахохлиться, ощетиниться, вздымать загривок

туохтуур

дьүһ. туохт. 1. Бөгдөччү тутун, арҕаһыҥ түүтүн адаарыт, сахсат (үксүн кыыл, көтөр туһунан)

Нууччалыы Нахохлиться, ощетиниться, вздымать загривок (обычно о зверях и птицах)

  • Кини [хотой] мас төбөтүгэр тахсан дьохсойон олороро.
    Н. Якутскай
  • Тумул үрдүк маһыгар Туора үүммүт мутугар Турулуҥнуу одуулуу, Тугу эрэ толкуйдуу, Тураах кэлэн олорбут, Дьоһумсуйан дьохсойбут.
    Е. Васильев
  • Кинилэр эмискэ үлүгэр бөрө курдук киҥнэнэллэрэ, дьохсойуохтарынан дьохсойон, тиистэрин ырдьатан баран, бэйэ-бэйэлэригэр амырыыннык улуйсаллара.
    М. Горькай
Өссө холобурдар (3)
  • 2. Кимиэхэ эмэ кырыктан, ыгымсый, быыппаһын, охсуох курдук буол. Θ Принимать воинственный вид, петушиться, горячиться. Оҕонньор сиэнин мастыйбыт тарбахтарынан санныттан харбаан ылла, охсуох курдук дьохсойон, хатан хаалбыт харытын күөрэтэн иһэн, төттөрү түһэрдэ уонна санньыйан олордо.
    М. Доҕордуурап
  • Оҕонньоро дьохсойуох курдугуттан Сэмэн кинини кытта аргыстаһан бииргэ барда.
    Д. Таас
  • Бур. зохсо

«ДЬ» буукуба