ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

дьэҥкэр

туохтуур

Нууччалыы очиститься, очищаться; становиться прозрачным

Ис хоһооно · 5

1 туохтуур #

Ырааһыр, курдаттыы эбэтэр сырдаан көстөр буол

Нууччалыы Очиститься, очищаться; становиться прозрачным

  • Сөтүөлээн сөрүүкүүр быычыкаан көлүйэм, Ол, ыраас уутунан дьэҥкэрэн көһүннэ.
    Л. Попов
  • Түөрт муус түннүк дьэҥкэрэн көстөр.
    Суорун Омоллоон
  • Сиппит хаппыыста симэһинэ дьэҥкэрэр.
    ФНС ОС

2 туохтуур #

Туох да булкааһыга, мэһэйэ, күлүгэ суох буола ырааһыр, сырдаа, чуолкайдык көстөр буол

Нууччалыы Становиться ясным, проясниться (небо, окружающая среда); рассеиваться (темнота)

  • Халлаан халлан, дьэҥкэрэн, Алаас, үрэх үөрэ сытта.
    С. Данилов
  • Дьэ, онтон бу саас кэллэ, итийбитэ, сырдаабыта, сир-дойду дьэҥкэрбитэ сүрдээх.
    Н. Заболоцкай
  • Хараҥа арыллан, дьэҥкэрэн, Халлааммыт кылбаара сырдаата.
    Күннүк Уурастыырап
Өссө холобурдар (1)

3 туохтуур #

Үчүгэйдик көстөр, иһиллэр эбэтэр өйдөнөр буол

Нууччалыы Становиться хорошо видимым, слышимым или воспринимаемым, понимаемым

  • Ленин дакылааттыырын истэн истэҕин аайы -- мунаах боппуруостар, оспуордаах санаалар барыта ыраастыйан, дьэҥкэрэн ордук биллэр, өйдөнөр боппуруостар буолан хаалаллар.
    П. Ойуунускай
  • Золотовскай улам этэр тыла дьэҥкэрэн, дириҥээн, сайдан истэ.
    М. Доҕордуурап
  • Санаарҕаама! Көстөн иһиэ... Маҥнай аһыахха, оччоҕуна барыта дьэҥкэриэ.
    В. Гаврильева
Өссө холобурдар (1)
  • Өрөөбүт уоһум өһүлүннэ, Дьэбинийбит күөмэйим дьэҥкэрдэ
    С. Васильев

4 туохтуур #

Өйүҥ-санааҥ сааһыламмыт, чуолкай, ырылхай буол

Нууччалыы Становиться, быть ясным, логичным, стройным, четким (ум, мысль, намерение)

  • Хаамыыта эмиэ эрчимирэ, өйө-санаата дьэҥкэрэ түстэ.
    Амма Аччыгыйа
  • Кэпсэтэн истэх аайы -- төбөтө улам дьэҥкэрэн, хараҕа сырдаан -- барбыта.
    Н. Заболоцкай
  • Кырдьыгы уот харахха этэр соҕотох биир тыл этилиннэҕинэ, сонно тута өр кэмҥэ саараҥнаабыт санаа эмискэ дьэҥкэрэ түһэр
    Н. Лугинов

5 туохтуур #

Иһэн, дыгдайан, курдаттыы көстүөх айылаах буол (хол., аччыктааһынтан)

Нууччалыы Становиться округлым, болезненно вздутым, пухнуть (напр., от голода)

  • Өйдөөн кэлиҥ -- Хоргуйуу саба бүрүүкээбитин, -- Онно хоргуйбут оҕолор Турбат гына, токуйа охтоллоро – Сирэйдэрэ дьэҥкэрэ иһэн, "Килиэптэ, килиэптэ аҕалыҥ!" дэһэ истилэр.
    И. Федосеев
  • Айах адаҕатын ииппэппит, бэйэбит да аһа суох буолан дьэҥкэрэн эрэбит
    ХС

«ДЬ» буукуба