Перевод с якутского
дьэҥкэ
даҕааһын
Нууччалыы ясный, отчётливый, логичный, убедительный
English clear
Ис хоһооно · 6
1 даҕааһын #
даҕ
2 даҕааһын #
дьэҥкир (2) диэн курдук. Дьыбардаах дьэҥкэ сарсыарда хойдубут тымныы салгын кымыстыы уймахтанар. Амма Аччыгыйа. Сааскы дьэҥкэ Сарсыардаҕа Сайдам хоһоон Сатараата. Күннүк Уурастыырап. Лоокуут чөкчөҥө саҥата -- күөх дьэҥкэ халлаантан таҥнары кутуллубута. Дьүөгэ Ааныстыырап
дьэҥкир (1) диэн курдук. Тимир кытыылаах, сырдык уулаах, сыа балыктаах дьэҥкэ байҕал баар үһү (тааб.: хобордоох, арыы, алаадьы). Үөр-көт, сырдык мичиктэн, мин тапталлаах Сахам сирэ, аҥаат-муҥаат алаастарым, дэбилийэр дьэҥкэ өрүстэрим, дьалкылдьыйар тайҕа тыаларым! Амма Аччыгыйа Таас үрэх барахсан уутун дьэҥкэтэ, ырааһа диибин диэн. Н. Заболоцкай
3 даҕааһын #
Сэдэх мастаах-оттоох, сырдаан көстөр, сэндэҥэ
Нууччалыы Редкий, хорошо просматриваемый (о лесе)
Талах тулата ыраахха диэри дьэҥкэ эбит. Амма Аччыгыйа Күн уота дьэҥкэ тииттэр быыстарынан дьэрэличчи тыган турар. Т. Сметанин Кини иһирик ойуурга киирбэккэ, наар дьэҥкэ тыаны батыһан истэ А. Сыромятникова
4 даҕааһын #
Мунааҕа суох, чуолкай, ырылыччы көстөн (биллэн) турар, үчүгэйдик өйдөнөр; булкуура суох, ырылхай
Нууччалыы Четкий, ясный, понятный
Беляев дьэҥкэ, быһаарыылаах этиитэ -- саарбаҕалааһыны суох оҥорбута. В. Протодьяконов "Саҥа ырыалар" -- олоҕу тутууга тус бэйэнэн кыттыы суруйааччы айар үлэтигэр үтүө сабыдыаллааҕын дьэҥкэ туоһута. Софр. Данилов. [Ньукулааскы] үрдүк идеяҕа бэриниилээҕинэн, өйө-санаата дьэҥкэтинэн уратылаах киһи И. Никифоров
5 даҕааһын #
Ыраас, чуолкайдык иһиллэр (саҥа, куолас)
Нууччалыы Чистый, внятный, хорошо слышимый (голос, речь)
Тойон хотой обургу -- Ыраас дьэҥкэ куолаһынан Саҥаран чаҥырҕатта. Саха нар. ыр. III. Ама да, билигин илбис дьиикэй аллараһын, күлүүтүн истэрбит иһин – биһиги да кыыс дьэҥкэ күлүүтүн, олох муусукатын сүүрүгүн истиэхпит, билиэхпит. Т. Сметанин Өлөксөй сайаҕас, дьэҥкэ куолаһынан дакылаатын саҕалаата В. Протодьяконов
6 этии #
Дьэҥкэ өлүү эргэр. – киһи иһигэр эбэтэр этигэр уу үөскүүр ыарыыта Боруллуо кырдьан өлөрүгэр этэ дьэҥкэ өлүү буолан хоргуна ууллан үс сыл устатыгар сыххаран сытар. Саха сэһ. I
Нууччалыы Болезнь, при которой в полостях и тканях тела скапливается жидкость, водянка