ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

дьэҥкир

даҕааһын

Нууччалыы прозрачный

English transparent, translucent

Ис хоһооно · 4

1 даҕааһын #

даҕ

  • Дьэҥкир уулаах, дьиримнэс сүүрүктээх Чаара өрүһү туораһан испитим. Софр. Данилов. Харах уутунуу кылапаччыйбыт дьэҥкир дабархай бычыгыраан тахсан аллара саккыраан эрэрэ.
    Далан
  • Дьэҥкир муос кылдьыылаах ачыкытын кэҥириитигэр уурунна.
    М. Доҕордуурап
  • Күөл дьэҥкир чараас мууһунан бүрүллэ охсубут
    ХС

2 даҕааһын #

Курдаттыы көстөр ыраас, өҥө суох

Нууччалыы Пропускающий свет, прозрачный

3 даҕааһын #

Туох да булкааһыга суох ыраас, чэбдик

Нууччалыы Не содержащий ничего постороннего, без примесей, чистый, свежий

  • Дьэҥкир ыраас салгын, туох барыта сүрдээх ыраахха диэри чуолкайдык көстөр, кыччыыр эрэ, түүппэҕирбэт, тумарыктыйбат.
    Амма Аччыгыйа
  • Сып-сырдык дьэҥкир чуумпу түүн.
    Н. Габышев
  • Күөх дьэҥкир күһүҥҥү халлааммыт, Күннэнэн күндээрбит, сандаарбыт
    Күннүк Уурастыырап

4 этии #

Нууччалыы Топленое масло

Этиилэр

Дьэҥкир арыы

уулбут (уулларыллыбыт, буспут, кыыймыт) арыы Хара күүһүнэн сыҥалаан туран, дьонугар буспут сылгы сыатын сиэтэр, ууллубут дьэҥкир арыыны иһэрдэр.

  • Сэргэ төрдүн аайы чабычах оҕолоругар суорат, дьэҥкир арыы, сүөгэй кутан уурталаабыттар.
    Болот Боотур

Арыы дьэҥкир

уулбут арыы курдук ис иһиттэн сыдьаайар, сырдык, курдаттыы көстөр.

Чистый, золотисто-прозрачный.

  • [Оҥоойуккар] Кутан кулу алаастарбыт Арыы дьэҥкир халлааннарын.
    С. Данилов
  • [Р. Гамзатов] хас биирдии хоһоонугар -- кинилэр [авардар] дьикти дойдуларын арыы дьэҥкир халлаана -- – быһатын эттэххэ, Дагестан хайатын сайаҕас салгынын сыта-сымара барыта көстөр, иһиллэр, биллэр.
    С. Данилов
Өссө холобурдар (1)
  • П. -монг. чеҥкир

«ДЬ» буукуба