ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

ырааһыр

туохтуур

Нууччалыы проясняться

English (of the sky or air) to clear up

Ис хоһооно · 5

1 туохтуур #

Нууччалыы проясняться

English (of the sky or air) to clear up

  • ардах кэнниттэн салгын ырааһырда
    после дождя воздух прояснилсяafter the rain the air cleared up

2 туохтуур #

Киртэн, бөхтөн-сыыстан босхолон, ыраас буол

Нууччалыы Очищаться от грязи, становиться чистым

  • Бүлүү ардах уутунан ырааһыра сууммут кырдаллара кылбайа көҕөрбүттэр.
    Л. Попов
  • [Лэкиэс:] Итиннэ хахха сиргэ көлүйэҕэ киирэн ырааһырдахха табыллыыһы.
    С. Ефремов
  • Талах сиппииринэн дьиэбин кичэйэн сиппийэбин, оччоҕуна ырааһыран киһи кута-сүрэ эрэ тохтуох курдук буолар
    С. Маисов

3 туохтуур #

Туох эмэ халлааны, күнү хаххалыыр, мэһэйдиир (хол., былыт, буруо, туман) халбарыйан, сүтэн дьэҥкэр, сырдаа

Нууччалыы Проясниться, просветлеть (о небе)

  • Бүрүйэн турбут туман, улам көтөҕүллэн, от-мас көҕөрө ырааһырда.
    А. Федоров
  • Бүгүн күн ырааһырбыта, муора чуумпурбута сүрдээх.
    П. Филиппов
  • Халлаан күөх эмтэкэтэ көстөн баран, улам ырааһыран, сотору буолаат, күммүт барахсан бу күлүмүрдээн таҕыста
    С. Тарасов
Өссө холобурдар (2)
  • Тыынарга чэпчэки, сөрүүн, ыраас буол, чэбдигир (салгын туһунан). Θ Быть прохладным, чистым и свежим (о воздухе). Тоҕой Сэлэ ходуһата быйыл сайын күөх быйаҥа ордук күөгэйэ үүммүтэ, салгына ордук ырааһырбыкка дылы буолбута.
    Л. Попов
  • Арай салгын биллэ ырааһырбыт чинчилээх
    Огдо

4 туохтуур #

Өйдүүн-санаалыын дьайҕар, чэпчээ (хол., өр кэмҥэ быһаарыллыбакка сылдьыбыт быһаарыллан, сүгэһэр буолбут ыарахан санаа кыйданан)

Нууччалыы Воспрянуть духом, оживиться (сняв с себя тяжелый груз забот)

  • Айдар тыл этэн баран чэпчии түспүтэ, тугу эрэ улаханы кыайбыкка-хоппукка дылы, бэйэтин быдан үрдээбит, ырааһырбыт курдук санаммыта.
    Н. Лугинов
  • Сергей итинник иһигэр уруккуттан ааллара сылдьыбыт боппуруоһа бүгүн кэлэн, дьэ таһырдьа көбөн тахсан, ырааһыран, төбөтүн иһигэр дьэ сааһыланан, олоҕун булбутуттан эмиэ да соһуйа, эмиэ да үөрэ санаата.
    В. Яковлев
  • Икки-үс сыл дьэбин кэриэтэ кини дууһатын быһа аалбыт санаа дьайҕара, ырааһыра түһэргэ дылы гыммыта
    В. Титов

5 туохтуур #

Кырдьыккын бул, буруйтан-сэмэттэн босхолон

Нууччалыы Доказать свою правоту, оправдаться. [Түбэтиэйкэлээх киһи:] Оттон саатар үтүө аатыҥһ-суолуҥ ырааһырара оҕолорго да үчүгэй ини

  • Убайа Семён Чурапчылаары тииһэн эрдэҕинэ, Бүөтүр суруга кээлтэ, үөрүүлээх сурук: итэҕэһэ көстүбүт, ырааһырбыт.
    Н. Габышев
  • Сергей Степанович ырааһырбыта, буруйа суоҕа дакаастаммыта, баартыйаҕа төттөрү ылбыттара
    С. Васильев

«Ы» буукуба