Перевод с якутского
түлүк
аат тыл, даҕааһын
Нууччалыы темнота, мрак; тёмное время. [Фашистар] Сэбиэскэй норуот дойдутун Суулларарга суудайаннар, Түүҥҥү түлүгү бүрүнэн Түөкүннүү түспүттэрэ сэриинэн… Эллэй
Ис хоһооно · 4
1 аат тыл #
Харбыалас хараҥа; хараҥа кэм
Нууччалыы Темнота, мрак; тёмное время. [Фашистар] Сэбиэскэй норуот дойдутун Суулларарга суудайаннар, Түүҥҥү түлүгү бүрүнэн Түөкүннүү түспүттэрэ сэриинэн… Эллэй
Түүҥҥү түлүк диэбэккэ Борохуот устан дьулуйда. Сууллар кумах биэрэккэ Эрдии баала оҕуста. С. Васильев Сааһыары түүҥҥү түлүк, Саталаах тымтар дьыбар Хатан, кыыһан хабырыммыт А. Абаҕыыныскай Нухарыйыы, утуктааһын. Θ Полусонное, дремотное состояние. Прокопий Сергеевич төбөтө улам ыараан, улам түлүккэ түһэн (утуктаан), ханна эрэ тимирэн испитэ Н. Заболоцкай
Өссө холобурдар (2)
Эн оһол-быһылаан олоххор, Түлүк минньигэс түүлгэр – Чугдаардын сахалыы олоҥхо, Билиннин сахалыы билгэ. И. Чаҕылҕан Дьокуускай куорат түлүк уутугар утуйа сытар В. Протодьяконов
2 даҕааһын #
Ордук тартарыылаах, кытаанах (уу, түүл)
Нууччалыы Глубокий, крепкий (о сне)
3 даҕааһын #
Бүтэй, харбыалас (хараҥа)
Нууччалыы Кромешный (о тьме)
Түлүк хараҥа сири-халлааны, тыаны, толоону биир кэлим хара барык оҥордо. Софр Данилов
4 этии #
Этиилэр
Түлэй (түлүк, түмэн) бараан түүн көр бараан I
Киэһэ буолан барыйан Кэрии-куруу кэрийдэ, Түүн буолан түҥкэрэн Түлүк бараан түүн бүрүйдэ. С. Васильев Туохха тиэтэйэн хараҥаны харбаспыт, түлүк бараан түүнү кытта аргыстаспыт дьонуй? "Кыым". Дэриэбинэҕэ түлүк бараан түүн үөһүгэр саба түспүттэрэ. Б. Лунин
Өссө холобурдар (1)
Ср. тур. дүлүк ʽзаход солнца, закат’, чув. телек ʽсон, сновидение’