ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

ас

аат тыл, туохтуур

Нууччалыы тыкать; шить; вышивать

English to poke, (by extension) (sewing) to sew, to embroider

Ис хоһооно · 28

1 туохтуур #

Нууччалыы тыкать; шить; вышивать

English to poke, (by extension) (sewing) to sew, to embroider

2 туохтуур #

Нууччалыы открытый

English open

I

3 туохтуур #

Туох эмэ аһыллар-сабыллар сабыытын, хаппаҕын арый

Нууччалыы Открывать, раздвигать ту часть чего-л., которая открывается и закрывается

  • Дьахтар чуулаанын айаҕын аспыт, өҥөйөн көрөн турбут.
    Саха фольк
  • Бар, тахсан, ампаары аһаҥҥыт, туох сыаналаах өттүн илдьэр гына бэлэмнии туруҥ.
    Эрилик Эристиин
  • Николай Семенович аан тардарын туппутунан туран хаалла. Ааны аһан иһэн сабан кээстэ
    Дьүөгэ Ааныстыырап

4 туохтуур #

Туох эмэ ыпсыһа, кэлимсэ сылдьарын араар, арый

Нууччалыы Разомкнуть, раскрыть что-л. сложенное, сомкнутое

  • Кыыс зонтигын аста.
  • Сарсыарда туох эрэ илиитин илибирэппитигэр киһи хараҕын аспыта, кыыһа кэлэн уһугуннара турар этэ.
    Н. Заболоцкай
  • Кэмбиэрин аһарын кытта “Күндү Таня, дорообо!” диэн тыл сүрэҕин даҕайбытынан киирдэ.
    М. Доҕордуурап
Өссө холобурдар (1)
  • Михаил Иванович хараҕын аһаат, түннүгүнэн хоһун иһигэр тыкпыт күн сырдыгыттан симириктии түстэ
    Н. Лугинов

5 туохтуур #

Туох эмэ бүөтүн, ыга хаппахтаммытын арый

Нууччалыы Раскупорить, распечатать что-л

  • Дьоно бааҥканы аһан баран, биирдии быһыы килиэби ылаллар.
    Н. Якутскай
  • Кубаров биир бытыылка портвейны аһан мадьыктаһар. Софр
    Данилов

6 туохтуур #

Хатааһыннааҕы арый

Нууччалыы Отпирать, отмыкать что-л. запертое. [Дэһээтинньиктэр] кэлэннэр, хаайыы дьиэ тас күлүүһүн халыгыратан аһан бараннар, хаамыра иннинээҕи хоско киирдилэр

  • Кыыс, күлүүһүн аһан күүлэ аанын сэгэтэн баран, саараҥнаан турда. Софр. Данилов. Сарсыарда эрдэ дьиэлэрин тас күлүүһүн аспыттара
    И. Бочкарев

7 туохтуур #

Туох эмэ бүөлэнэн, хаайтаран турарын төлө ыыт, арый

Нууччалыы Открыть что-л. закрытое, закупоренное

  • Кырааны ас. Быһыты ас. Хорууну ас

8 туохтуур #

Ханнык эмэ сэкириэти, кистэлэҥи аһаҕастык эт, кэпсээ

Нууччалыы Открыть какой-л. секрет, тайну

  • Итинтэн эмээхсин туох сэкириэтин барытын аһан, сэһэнэ ыраатан барда.
    Эрилик Эристиин
  • “Кини [Дабыыт] өстөөхтөрү утары охсуспакка, өстөөххө биһиги бары кистэлэҥмитин аһан биэрэн, билигин буруйдаах”, - диэбитэ Никитин.
    Д. Таас
  • Дьон хаайаллар бодоруһаат: “Сэкириэккин, поэт, ас, Чэпчэки дьыала буолбаат Хоһооннору айар баҕас”
    И. Гоголев

9 туохтуур #

Ханнык эмэ дьайыыны, үлэни-хамнаһы саҕалаа

Нууччалыы Начать какое-л. действие, деятельность

  • Бу Всеволод Михайлович Ионов судаарыскай оскуола аһан, хас да сыл устатыгар саха оҕолорун үөрэппитэ.
    Суорун Омоллоон
  • Аан хос - пионердар мунньахтыыр хосторо. Уҥа муннуккка пионер муннугун аспыттар. Дьүөгэ Ааныстыырап. Таҥара дьиэтин ылан баланыысса оҥосторго уонна кэпэрэтиип лааппытын аһарга көрдөстүбүт
    А. Бэрияк

10 туохтуур #

Урут биллибэти дьон билиитигэр-көрүүтүгэр таһаар

Нууччалыы Придать гласности что-л. ранее неизвестное

  • Оттон итэҕэлтэн ситимнээн тахсыбыт өс хоһоонноро, сыныйан көрдөххө, итэҕэли чиҥэтиэхтээҕэр сахсатар, кини суолтата “улахана” суоҕун аһар эбиттэр.
    Саха фольк
  • Хара Үрүйэ быйаҥын аспыт оҕонньор ити [Филипп] баар
    С. Ефремов

11 этии #

Аан ас - тугу эмэ бастакынан саҕалаа; бастакынан кэпсэт Дууһатын аһар көр дууһа. Итинник учууталы үөрэнээччи таптыыр, хаһан даҕаны умнубат, киниэхэ дууһатын аһар. “Кыым”. Туох диэн бэйэм айыылаах дууһабын эн иннигэр аһан, эйигин астыннарыахпын билбэппин. И. Федосеев.

Нууччалыы Начинать что-л. первым, первым прервать молчание, первым заговорить Балачча олорбохтоон баран Уйбаан кэпсэтиигэ аан аста

Этиилэр

Уоту ас - көр уот

  • Немецтэр бүлүмүөт уонна бинтиэпкэ уотун аһаллар. Саллааттар с. 1967. Кэтэһэ сытар өстөөх кимэн киирии саҕаламмытын ыраахтан биллэ, олус күүстээх уоту аста. Саллааттар с. 1970.

Хараҕын ас көр харах

  • Туобуйа хоргус кыыһа атын буолбута, кулаак баттала кинини хараҕын аспыта.
    П. Ойуунускай
  • Кини [Өксөкүлээх Өлөксөй] уруоктара миэхэ төрөөбүт тылбын биһириир гына харахпын аспыттара.
    Н. Габышев
Өссө холобурдар (1)
  • Кини бу хара батталга сылдьар эрэйдээхтэри үөрэтэн, харахтарын аһар, өйдөрүн сырдатар санаалааҕа.
    Н. Якутскай

Хонноҕун аһар - көр хоннох

  • Кини аатырар буулуурун чараас солконон сабан, өрүс үрдүнээҕи кылдьыы кырдалга киллэрэн хонноҕун аһан тахсыбыта.
    Н. Босиков
  • Биир өрөбүл күн аттар хоннохторун аһыахха дэһиспиттэрэ.
    И. Федосеев
Өссө холобурдар (1)
  • Тюрк. ач
II

12 туохтуур #

Түргэн биир хамсаныынан бэйэҕиттэн тэйитэ сыҕарыт, үтүрүйэн кэбис

Нууччалыы Оттолкнуть, отпихнуть от себя

  • “Күтүр, эр киһи буолаҥҥын Бар, сааны ыл да тахсан ытыалас!” - диэн Маайа Бүөтүрү түөскэ аста.
    Эрилик Эристиин
  • Оҕонньору түҥ-таҥ анньан икки саллаат таһаараллар.
    С. Ефремов
  • “Минньигэс да чэйдээх ыалга кэлбит эбиппин!” - диэн баран, Болот, өссө иһээри, чааскытын дьахтар диэки аста.
    Н. Заболоцкай
Өссө холобурдар (2)
  • Киһитин антах анньан көрдө да, онтуката сонун тэллэҕиттэн тутуһан баран, сосуһа сырытта
    М. Черосов
  • Кэннин диэки эмискэ түргэн хамсаныыны оҥор (хол., саа эстэригэр төттөрү охсуутун туһунан). Θ Сделать быстрое, резкое, движение назад (напр., об отдачи ружья при выстреле). Ыппыппар саам күүскэ санныбын аста

13 туохтуур #

Туох эрэ уһуктааҕынан батары киирэр гына оҕус

Нууччалыы Колоть, проткнуть каким-л. острым оружием, предметом

  • Сытыы үөрбэ атырдьаҕынан бугулу анньан ылаҕын.
    Т. Сметанин
  • Гурьянов үөмэн тиийэн кинини кынчаалынан аста
    Т. Сметанин

14 туохтуур #

Сорох сыһыаттары кытта холбоһон “туох эмэ бүтүнү алдьат, буортулаа” диэн суолталанар

Нууччалыы В сочетании с некоторыми наречиями имеет значение “ломать, повредить, портить что-л. целое”

  • Охтон иһэн, өрүһүнэбин диэн атырдьаҕын угун тосту анньан кэбистэ.
  • Дьэ-буо! Халыҥ күөх тыалары, Хараҥа маардары үрдүлэринэн, Хабараан салгыны хайа анньан Хамсаан-имсээн Хайҕаллаах аалым Халыарыйан истэ. Нор. ырыаһ. Киһим ойон турда да үҥүүнэн миэхэ түстэ, сонум эҥэрин хайа аста, эппэр тиийбэтэ быһыылаах
    Т. Сметанин

15 туохтуур #

Үрдүк сиргэ ыйаа, туруор

Нууччалыы Водрузить что-л. на высоте, на высокое место

  • Ийэ дойдубут иһин уоҕуран, Уруйдаах походка барыаҕыҥ, Кыайыы былааҕын өстөөх арҕаҕар - Берлин арҕаһыгар анньыаҕыҥ! Эллэй. Онно кутааҕа Омуоһап, Ойуунускай таҕыстылар, Кинилэр дьон, тыаһаан-ууһаан, Кыһыл былааҕы астылар.
    С. Данилов
  • Римтэн кэлбиттэри үнтү кырбаан, Сууллубут Рим үрдүгэр Сулустаах кыһыл былааҕы Суугуначчы биһиги анньыахпыт
    С. Васильев

16 туохтуур #

Туох эрэ уопсай састаабыгар, ахсааныгар киллэр

Нууччалыы Включать, заносить в число, состав чего-л

  • Бу оҕону үөрэнээччилэр испииһэктэригэр ас.
  • Сүүрбэ аҕыс сүөһүнү Симон талан ылан, үүрүүгэ барар сүөһүлэр испииһэктэригэр аста.
    Л. Попов
  • Эй, суох, ити киһи, хата, бөрөлөрү кытта куудьустаҕа буолуо Итэҕэстэрин кинилэргэ анньан кэбиһээри.
    Н. Заболоцкай
Өссө холобурдар (1)
  • Баҕар, эн 1856 сыллаахха суруйтуҥ буолуо, ону ревизия билиниэ суоҕа, миэхэ анньыахтара
    Н. Габышев

17 туохтуур #

Дьөлүтэ кэйэн ыарый

Нууччалыы Причинять остроколющую боль

  • Кулгааҕым анньар.
  • Тугу эрэ этиэх, кэпсэтиэх курдук санаан баран, уҥа ойоҕоһо анньыбытыттан тохтоото
    Т. Сметанин

18 туохтуур #

Тугу эмэни тик (хол., этэрбэс тумсун)

Нууччалыы Шить, вышивать (напр., вставку в носовину торбасов)

  • Этэрбэс тумсун ас.
  • Балааҕыйа баспын олотто, Дуомуна тумуспун аста, Оппуруос улларда. Саха нар. ыр. III

19 этии #

Нууччалыы Подавать кому-л. незаметные для других знаки (букв. ткнуть в почки)

Этиилэр

Өттүккэ ас - көр бүөргэ ас

  • Бурхалей Ахметы өттүккэ анньан имнэнэн баран, ойон туран дьуһуурунай диэки көрсүө соҕустук туттан аа-дьуо хааман барда.
    Эрилик Эристиин
  • Сеня Тимохин аттыгар олорор модьу-таҕа көрүҥнээх суоппар уолу өттүккэ анньар.
    Н. Якутскай

Саарытын ас көр саары

  • Ылдьаа бэҕэһээ отун сүгүн охсубатаҕа, онон бүгүн убайа саарытын анньара буолуо.

Сүнньүн ас - көр сүрүн

Кэллэллэр, хайдах эрэ сөрүөһүннэри тарда сылдьан сүнньүлэрин анньар этим, инии, оҕолоор! Саха фольк. Тыаҕа лаппа таһааран баран, били эриэн муос уктаах быһаҕын атаҕыттан сыыйан ылбыт да, биэни сүнньүн анньан кээспит. МНН. Суол айаҕар Суору суоһарбыттар, Үрүҥ-хара сүүрүгү Үлтү үүрэн аҕалан, Сүүрдэ сылдьан Сүүскэ охсон, Сүнньүн аспыттар. П. Ойуунускай. Умса ас - кэпс. кими эрэ туох эмэ куһаҕан, кутталлаах суолга киллэр.

Толкать кого-л. на неприятности, опасное дело (силой властью).

  • Аҕам миигин, умса анньан туран, күүһүнэн биэрбитэ кэргэн.
    Н. Неустроев
  • Үүнэн эрэр сибэкки курдук бэйэтин [Мария Кирилловнаны] Верейскэй кинээскэ, биэс уонча саастаах оҕонньорго, умса анньан биэрбиттэрэ алдьархайдаах суол.
    М. Доҕордуурап

Уот ас көр уот

[Сайсары] эмэх сыгынахтарга, төҥүргэстэргэ түөрт сиргэ уот анньар. Суорун Омоллоон. Кинилэр саҥаттан саҥа [балбаах] чөмөхтөрү оҥоро-оҥоро уот астылар. М. Доҕордуурап. Оҕонньор, аанын кэннинэн саба баттаата уонна дьиэ ааныгар өрөһөлөммүт бэлэм киигэ уот аста. Л. Попов. Ырыанан анньа сылдьар - биир кэм ыллыы, ырыа аргыстаах сылдьар.

Он ходит постоянно напевая песню.

  • Санаата көтөҕүллэн, уола кыайбытын истэн кэнники кэмҥэ наар ырыанан анньа сылдьар.
    ХС
  • Киэһэлик Иван уус күөрдүн тиэйэн, ырыанан анньан тиийэн кэллэ. М. Доҕордуурап

20 этии #

Нууччалыы Вонзать какой-л. инструмент, орудие глубоко во что-л

Этиилэр

Уот анньар мас көр үөттүрэх

  • [Дьарааска] төгүрүк сыл баһыгар биир тамыйах ыстааны алдьаттаҕына, Настаа хотун уот анньар маһынан үлтү сабыыра.
    Эрилик Эристиин
  • Оһох төрдүттэн уот анньар мас өйөнөн турарын сулбу тардан ылар.
    Саха фольк
Өссө холобурдар (2)
  • Чаабый Натааһа уот анньар маһын атырдьахтыы икки илиитигэр бобо туппутунан Маайа диэки утары даадаҕастанан истэ.
    Эрилик Эристиин
  • Тюрк. санч, чанч
III

21 аат тыл #

Киһиэхэ аһылык буолар туох эмэ

Нууччалыы Пища, еда, кушанье человека

  • Туохха да уурбат, быһаҕынан да быспат, хамыйаҕынан да баспат аһыыр ас баар үһү (тааб. оҕо ийэтин үүтэ). Дьахтар астаабыт аһа сүрдээх ахтылҕаннаах, олус минньигэс, ордук сылаас буолар. Амма Аччыгыйа Дьиэ иһиттэн ас минньигэс сыта кэлэр, муусука иһиллэр
    Н. Павлов

22 аат тыл #

Сорох үүнээйилэр киһи сиир эбэтэр аһылык оҥороругар сөп гына сиппит-хоппут үөскэхтэрэ, туораахтара (хол., бурдук аһа, оҕурсу аһа, хортуоппуй аһа о. д. а.)

Нууччалыы Плод некоторых растений (напр., зерновых, огурца, картофеля и т. п.)

  • Оҕурсубут саҥардыы ас биэрэн эрэр. Бурдук туораҕа ас куппут.
  • Ардах уута түһэн баран, ойоҕос лиистэртэн иҥнэн, килэриччи чиҥээбит хаппыыста аһын эргиччи баһыллан турар.
    Амма Аччыгыйа
  • [Ардах] Хортуоппуй, оҕурсу, от буолан Лаглайан таҕыс, Көмүстээх куоласка ас кутан Күн диэки тардыс.
    Н. Босиков
Өссө холобурдар (1)

23 аат тыл #

Кутургуйа, искэн ириҥэрбитэ эбэтэр быстах сөтөл сымныыр кэмигэр киһи күөмэйиттэн арахсан кэлэр хойуу сил, ириҥэ

Нууччалыы Гной фурункула, нарыва или гнойная жидкость, отделяющаяся при отхаркивании

  • Ылдьаа кутургуйата ас тардыбыт.
  • Кутургуйа аһын ыган ылбыкка дылы (өс хоһ.). Хаһан эрэ кутургуйа аһын курдук дэлби ыстаныа ээ
    А. Софронов

24 аат тыл #

Кыылга уурар дьааттаах мэҥиэ

Нууччалыы Яд, приготовленный специально для хищного зверя

  • Мэхээс кыылга ас уура барбыта

25 этии #

Нууччалыы Рак пищевода, желудка, кишок. [Ийэм] онтон сэттэ сааспын туоларбар ас барбат буолан өлбүтэ

Этиилэр

Айаҕар (иһигэр) ас киирбэт көр айах

  • Малаанньыйа кыыс Сылгыһыт Сүөдэри дьиэтиттэн быалаах тахсыбытын көрбүтэ дьону барыларын дьиксиннэрбитэ. Айахтарыгар ас киирбэт буолбута.
    Н. Якутскай
  • Хас да күн саҥата аҕыйаан, айаҕар ас кыайан киирбэт буолан, субу-субу табахтыыр эрэ идэлэммитэ.
    ХС
Өссө холобурдар (1)
  • Дабыыт сууттанан барыаҕыттан Даарыйа утуйар уута айманна, айаҕар ас да киирбэт буолла.
    У. Нуолур

Алдьархайтан ас таһаарар көр алдьархай

Дьон кыһалҕатын туһаналлар. Алдьархайтан ас таһаараллар. “ХС”. Ас барбат буолбут харыс т. - куртах, оһоҕос, күөмэй араагынан ыалдьыбыт ПДА СС. Түүн дьикти түүлү түһээбитэ. Уоннаах уолчаан эрдэҕинэ ас барбат буолан өлбүт ийэтэ кини үүтээнигэр тиийэн кэлбитэ. И. Гоголев. Ас гыммат - чэпчэкитик кыайар, тулуппат.

Он легко одолевает, побеждает кого-что-л.

  • Бастаан хас да бэйэтин курдук модьу да, ама да көрүҥнээхтэр тардыһан көрбүттэрин Күүстээх букатын ас гыммата.
    Н. Лугинов
  • Иллэрээ күн охсубут отун бэҕэһээҥҥи ардах ас гыммата ини?
    В. Титов
Өссө холобурдар (3)
  • Ас гыныа дуо (ас гыныа суоҕа) - тулуппат, киһилээбэт. Он легко справляется, побеждает, одолевает. Өйдөөбөтүҥ тугун бэрдэй, доҕ-оор! Охсуһа сылдьар киһини ас гыныыһыктар дуо!? Софр. Данилов. Ити айылаах сытыы сүгэ ас гыныа үһү дуо синньээбит моой туоматын.
    Н. Заболоцкай
  • Оннук үөрэхтээх киһи биһиги тыһаҕастарбыт сыыһын ас гыныаҥ баара дуо, адьас курдары көрөр буоллаҕыҥ дии.
    Л. Попов
  • Тэҥн. киһи гыммат.

Ас гыныа суоҕа көр ас гыныа дуо

Егоров хапсаҕайдаһан Сидоровы ас гыныа суоҕа.  Хата, антах баран быыһанар инибит, тугун тылын тылластаҥый, манна куоттахха ас гыныахтара суоҕа, кэбис хааллын. Н. Түгүнүүрэп. Ас көбө - арыый ордук, арыый элбэх, арыый улахан.

Чуть больше.

  • Ол эрээри бөрөтөөҕөр арыый ас көбө ыалдьыт күөрэйбит дииллэр [үрүҥ эһэ].
    Н. Заболоцкай
  • “Ити бүүчээн суола. Куобахтан эрэ арыый ас көбө тойооску”, - диэбитэ [Максим].
    Р. Кулаковскай
Өссө холобурдар (17)
  • Пуд Ильич моонньоҕонноох ыаҕастарын таһааран бэһиэннэрин кэккэлэһиннэри уурар:"- Мин эмээхсиним киэнэ арыый ас көбө дуу?”.
    Далан
  • Ас кут эргэр. - аал уот иччититтэн туох эмэ диэн көрдөһөн эбэтэр алҕаан уокка арыыта, саламаатта биэр. Угостить домашний очаг маслом, саламатом (блюдо из муки и масла) и тем самым заклинать, просить дух огня помочь в чем-л. Аал уот иччитигэр Ас кутан Ааттаһан барбыттарыгар, Ахтар айыыһыт ала чахчы Айхалынан алҕаабыт.
    Өксөкүлээх Өлөксөй
  • Ол ааспыт Батталлаах үйэҕэ Булчут оҕонньор Дьолу буларга “Бырдьа бытык” Ас кутан, Алгыыр буолара.
    П. Тулааһынап
  • Тэҥн. уокка ас (аста) биэр. Ас кутар - ситэр, буһар (хол., бурдук). Созревает, поспевает (напр., о зерне). Бааһынаҕа сэлиэһинэй ас кутан эрэр.
  • Сонуоктарга сэлиэһинэй бурдук ас кутан сириэдийбит.
    И. Данилов
  • Бурдук ас кутуоҕуттан буһуор диэри оҕонньордуун, оҕолуун, ыттыын моҕотойдооһун түбүгэр түһэллэрэ. АГГ СТК. Ас тардар - улаханнык ириҥэрэр, кыайан хамсаммат гына кэйэн ыалдьар (кутургуйа, искэн туһунан). Сильно гноится и болит, не давая резко двигаться, шевелиться (о фурункуле, нарыве). Оҕо кутургуйата ас тардан түүн утуйбат буолла.
  • Ас тардан эрэр искэн тоҕо ыстанан тэстиэн иннинэ кууллайан эрэрэ.
    ХС
  • Ас таһаар - оҕо силин былдьыгырата оонньуурун ас баар буолуоҕун (хол., булт, кэһии) билгэлиир диэн этии. Так говорят тогда, когда ребенок гулит и выделяет слюну, предчувствуя прибытие гостинца, охотничьей добычи. “Оҕом ас таһаарар, убайа кэһиилээх кэлээри гыннаҕа”, - диэн эбэм кыра балтыбын таптыыр. Ас тахсыа суоҕа - туһата суох буолуо. Не будет пользы, результата. Үлэ үлэлэннэҕинэ үлэлэнэр, үлэни хаһааммыттан ас тахсарын өйдөөбөтүм.
    А. Федоров
  • Ас үрдүн аһаа - дьоһуннаах аһылыгы аһыырга (урууга, ыһыахха о. д. а.) ытык кырдьаҕаһы аһылыгы бастаан аһыырыгар көрдөһөн этии. Слова, которыми просят почтенного старца первым приступить к принятию пищи во время праздничных торжеств (на свадьбе, ысыахе). Албын-албын да аатырдарбын, Ас үрдүн аһаабыт, ачастааттаах аймахтардаах этим.
    Саха фольк
  • Ас үрдүн аһатыҥ. Саха ост. I
    I. Тэҥн
  • айах үрдүн охтор. Ас ылбат - сааттаахтык кыайтар; күппүлүү бар. Быть бесславно побежденным, потерпеть полное поражение. Хаҥхатта икки атахтааҕы, иннинэн сирэйдээҕи дьулаппыт киһи. Кинини кытта мөккүһэн эн биһикки ас ылбаппыт чахчы.
    А. Федоров
  • Аһыыр аһа ас буолбат - күүскэ санаарҕыыр, мунчаарар. Сильно грустить, печалиться (букв. пища. которую он ест, пищей не становится) Ол [таптыыр] күүһэ диэн маннык: аһыыр да аһыҥ ас буолбат, таҥнар да таҥаһыҥ таҥас буолбат, утуйар да ууҥ уу буолбат.
    А. Софронов
  • [Манчаары:] Эйигиттэн Арахсарбын санаатахпына Аһыыр аһым ас буолбат Араас санаа аралдьытар.
    А. Софронов
  • Уокка ас (аста) биэр - саха үгэһэ: туох эмэ бэлиэ түбэлтэни бэлиэтээн эбэтэр байанайтан өлгөм булду тосхойоругар көрдөһөн уокка эбэтэр кутааҕа аһыаҥ иннинэ бастыҥ аскыттан бэрис. Якутский обычай: угощать (перед едой) печку или костер из лучших блюд в честь какого-л. знаменательного события или обращаясь к баянаю (общее название духов, которые покровительствуют охотникам - звероловам и рыбакам), чтобы тот уготовил хорошую охоту. Уйбаан уокка ас биэрэн туран алҕаата.
  • “Быыппастар былчыҥнаах, Быһый да атахтаах Уол кэллэ”, - диэбиттэр, Уокка ас биэрбиттэр.
    А. Бэрияк
  • Онтон саламаат буһан, аан дойдутун, баай хара тыатын, имииһит төрдүн барытын алҕаан, уотугар ас биэрдэ.
    М. Доҕордуурап
  • [Эдьиийдиилэр] саамай бастыҥ астарын аһыыллар, алгыы-алгыы, уокка ас бэрсэллэр. Эвен фольк

26 этии #

Нууччалыы Вкусная и питательная пища

Этиилэр

Кэриэс ас көр көҥсүү ас

Оҕуруот аһа - оҕуруот үүнээйилэрин киһи сиир гына сиппит-буспут үөскэхтэрэ, төрүөхтэрэ (хол., хортуоппуй, помидор, оҕурсу о. д. а.).

Овощи. Тойон дьиэтэ туох буолара биллибэт.

  • Баҕар, оҕуруот аһа ууруллуо, баҕар, кулун титиигэ буолуо.
    Амма Аччыгыйа
  • [Манна] оҕуруот аһын үрдүк үүнүүтүн сыллата хомуйар Социалистическай Үлэ Геройа, ССРС Верховнай Сэбиэтин депутата Е. И. Новгородова биригээдэтэ үлэлиир. ПДИ КК. [Былыр] Оччолорго ас, таҥас чычырбас, Оҕуруот аһа дуол суоҕа, Буолара дьылы туоратар ас: Кииһилэ, кириэн, кыа уга. Эллэй. Ону [үөрэҕи] бүтэрдэхпинэ манна үлэлии кэлиэм, Бүлүүтээҕи ГЭС дьонун кыһыннары сибиэһэй оҕуруот аһынан хааччыйыам.
    И. Гоголев
Өссө холобурдар (10)
  • Өргө аһа - сытыган эрбэһин. Полынь (букв.: еда суслика). Сарсыардааҥҥы ас - сарсыарда, утуйан туран баран аһыыр маҥнайгы аһылык. Завтрак. Сир аһа - тыаҕа, ойуурга мэнээк үүнэр сир үүнээйилэрин отоннорун уопсай аата. Дикорастущие ягоды. Күһүнүгэр эҥин араас отоннору, сир аһын хаһаанан кэбиспит киһи, кыһыныгар даҕаны сайыҥҥы кэрэ быйаҥы сии-аһыы олоруллуо этэ.
    Амма Аччыгыйа
  • Дьэдьэн минньигэһин ким барыта билэр. Саха сиригэр саамай күндү сир аһа.
    Далан
  • Сир аһа ситиэ, оо, оччоҕо кинилэр төһө эрэ күннүүллэр!
    И. Федосеев
  • Үүнүүбүт мөлтөх. Мөгүрүөн алааһа Үкэр отунан долгуйа үүммүтэ, саатар сис тыаҕа, кырдалга сир аһа Сибэккилээн иһэн үлүйэн бүттэ.
    И. Егоров
  • Таҥара аһа эргэр. - таҥараҕа тиксэргэ аҕабыыт дьоҥҥо түҥэтэр аһа (бэспиирэ уонна кыһыл арыгы). Еда (просвира и красное вино), раздаваемая священниками людям во время православного богослужения. Бииктэр биэссэр таҥараҕа тиксэн, биир ньуосканан “таҥара аһын” сиэн, дьон ыарыыга сыстыһарын туһунан сэһэргээтэ.
    Амма Аччыгыйа
  • Дьиэҕэ төттөрү сырсан киирэн, Оҕону эрэ тиэйэннэр, Оҕуһу, аты күүскэ үүрэн, Алаас ыалыгар куоталлар, Таҥара аһа таах хаалар. Дьуон Дьаҥылы. Үрүҥ ас - үүттэн оҥоһуллар ас арааһа. Молочные продукты. Хобороос, оҕобор дагдалаан биэр, үрүҥ аһыттан аһаан бараахтаатын.
    А. Софронов
  • Саҥа дьон, эһиги, үрүҥ аһы булан амсайбаккыт буолуо диир.
    С. Ефремов
  • Ынах аһа - ынах үүтүттэн оҥоһуллар үрүҥ ас арааһа. Различные молочные продукты, изготовляемые из коровьего молока. Биһиги эрэйдээхтэр мантан антах биир да ынахпыт аһын аһаабат буолуохпут.
    С. Ефремов
  • Ити сайын ынах аһын сүөгэйи, хайаҕы, суораты олохтоох оннооҕу дьоҥҥо көрдөрөр.
    Далан
  • Тюрк. аш, ас
IV

27 аат тыл #

Киһи баттаҕа

Нууччалыы Человеческие волосы

  • Хатын дьахтар тус илин диэки көрөн, нэлэйэн олорон, аһын тараана олорор үһү.
    Саха фольк
  • Ол иһин этэллэр ээ, дьахтар санаата аһынааҕар кылгас диэн. МНН. Киһи иһэ тоттун да, кыһалҕатын умнан кэбиһэр адьынаттаах, өйө-санаата аһынааҕар кылгыыр үгэстээх. Доҕордоһуу т. Тэҥн. баттах

28 этии #

Нууччалыы Верхняя часть человеческого лба в соединении с краем волос

  • (Киһи) аһын саҕата - киһи сүүһүн уонна баттаҕын силбэһиитэ, сүүс үрдүнээҕи баттах кытыыта Өйдөнөн кэллэхтэринэ - астарын саҕатыттан бычыр-бычыр көлөһүн тахсыбыт, хандалыы тыы саҕа көҕүстэриттэн үрүҥ күүгэн өрө оргуйбут. Ньургун Боотур. Уйбаан аһын саҕатыттан бычык-бычык көлөһүн ыгыллан таҕыста.
    А. Софронов
  • Дьөгүөркэ төбөтүн өссө төҥкөттө, ыга тиритэн көлөһүнэ аһын саҕатыттан бычыгыраан таҕыста. Дьүөгэ Ааныстыырап. Кэтэх аһа - кэтэххэ үүнэр баттах. Θ Волосы на затылке. Тумарык маҥан, хайдах эрэ кэтэҕин аһыттан ылан баран, ийэҥ-аҕаҥ ырыатын ыллата оонньуом этэ.
    Амма Аччыгыйа
  • Ааныс, бэйиккэй, кэтэҕин аһыттан сахсыйарым, буоргун-сыыскын тэбиирим буолуо!
    А. Сыромятникова
Өссө холобурдар (4)
  • Чанчык аһа - чанчык баттаҕа. Θ Волосы на висках. Тураннар Калмыков уоһун уунан сиигиртилэр, чанчыгын аһын аргыый имэрийдилэр.
    Амма Аччыгыйа
  • Ким умнуой чанчыгын астара маҥхайбыт саха муусукатын аҕатын имигэс илиилэрин, ырыа-тойук алыптаах чыычааҕа сүрэххэ киирэрин?!
    Т. Сметанин
  • Икки чанчыгын аһын сааһын тухары кырыйтарбат идэлээҕэ.
    М. Доҕордуурап
  • Тюрк. сач

«А» буукуба