ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

уот

аат тыл, туохтуур

Нууччалыы огонь, пламя

English fire

Ис хоһооно · 7
II

1 аат тыл #

Туох эмэ умайарыттан үөскүүр кыһыл төлөн

Нууччалыы Огонь, пламя

  • уой I диэнтэн дьаһ. туһ. Биир ынахпытын уотан, үс саар ыаҕаска көйүргэни мунньан, туос иһит тиктэн, омуһах хастан, туспа ыал буолбуппутугар үөрэн, мин эрим малааһын оҥорор.
    Н. Неустроев
  • Албын Бааһынай биир кур оҕустаах. Бу оҕуһун уотан баран, өлөрөр күнэ буолбут.
    Суорун Омоллоон
  • Андрейдыын күрүөҕэ хааллан турар Коля уотар ньирэйдэрин баран көрөбүт. Далан
Өссө холобурдар (3)
  • Быргый кэргэниниин остуолларыгар киэһэ уот сырдыгар чэйдии олорбуттара.
    Күндэ
  • Ууга эн тимирбэккин, Уокка эн умайбаккын, Килбиэннээх кэрэ бэйэҕэр Кир, дьэбин сыстыбат!
    С. Зверев
  • Холбуйатыгар уот тиийэн хаппаҕын сиэн буруолата сытар
    Т. Сметанин

2 аат тыл #

Элэктэриичэстибэ биэрэр сырдыга

Нууччалыы Свет от осветительных приборов

  • Ууттан уоту уматар Улуу алып бу эбит!
    С. Зверев
  • Түүҥҥү Москва түннүктэриттэн тыһыынчанан хамсыыр уоттар тырымныы тыгаллар.
    Т. Сметанин
  • Уот барда: мотуор умуллар, уу хачайдаммат. Ходуһа х

3 аат тыл #

Туох эмэ сырдыга

Нууччалыы Свет от чего-л

  • Чолбон уота, суһуктуйан, Сугун күөхтүү халлаан сырдыыр. Эллэй. Ипатий Лука Ивановтуун мас хайытар эрбиилэрэ, үөһэ-аллара биэрэҥнээн, күн уотуттан күлүм аллайар.
    М. Доҕордуурап
  • Күн сарпа уотугар күөрэгэй Кыната саҕылла кылбардыыр
    В. Миронов

4 аат тыл #

Сэрии сэбинэн-сэбиргэлинэн ытыы

Нууччалыы Стрельба из орудий, боевая стрельба

  • Отут сэттис балыыр сыла... Оттон улуу сэрии уота...
    С. Данилов
  • Тохтоло суох өрө тибииртэ Аптамаат уотун.
    Баал Хабырыыс
  • Өрүһү харбаан эрэр дьону өстөөхтөр аптамаат, бүлүмүөт уотунан тибиирдибиттэр
    С. Никифоров

5 аат тыл #

Ким, туох эмэ имэҮҥэ, үлүскэнэ

Нууччалыы Внутреннее горение, страсть кого-чего-л

  • Киһитэ таптал уотугар охтон сарсыҥҥы күн хайдах туох буоларын кыһаммат.
    Амма Аччыгыйа
  • Оҥоойукпар кутан кулу Олох уотун толору.
    С. Данилов
  • Дьол бэйэтэ тоһуйан Дьон дьолломмот. Сымыйа. Эрдээх сүрэх уотунан Кинини киһи айар
    С. Данилов

6 этии #

Нууччалыы Ругать, бранить кого-л., не давая покоя

Этиилэр

Аал уоту отун көр отун

  • Ама да бачча Алдьархай ааҥнаан, Аймаммыт иһин, -- Алаһа дьиэни Айынар, туттар, Аал уоту оттор – Дьылҕалаах дьоннор буолуохпут этэ… Эллэй. Үс кыталык кыргыттар Үс хотойу таптыыллар, Үс дьиэ саҥа тутуллар, Үс аал уот оттуллар.
    П. Тобуруокап

Аан тууспан уот көр аан II

  • Дьоннор Амма хара сыырын үрдүгэр аан тууспан уоту оттоллор.
    Р. Кулаковскай

Ап- (уот) оҕурук көр оҕурук

  • Хаҥас илиитинэн Хара дьиэрэҥкэй Уот оҕурук батаһы Сулбу тардан ылла, Айыы киһитин Охсон имитэн Илдьэ барда. Ньургун Боотур.

Икки уот икки ардыгар (кыбылын) көр икки II

  • Ол түүн Сиидэр адьас кыайан утуйбатаҕа, кини дьиҥ чахчы икки уот икки ардыгар кыбыллыбыта.
    Е. Неймохов
  • [Петров:] Итэҕэй, Киргиэлэй, дьиҥ сүрэхпин этэбин. Билигин мин икки уот икки ардыгар сылдьабын.
    С. Ефремов
Өссө холобурдар (1)
  • Аһара барбыттар, тааҥкаларбытын эргитэ тутаат, күүстээх уоту аспыппыт, онон өстөөх икки уот икки ардыгар кыбыллыбыта. ПДА СС. ытыһа уот тымтан (аһыйан) хаалла көр ытыс II. [Манчаары:] Батыйам эһиллэ түспүтэ, икки ытыһым эрэ уот аһыйан хаалбыта.
    ИОВ МБ

Кутаалаах уокка олорт

кими эмэ сүгүн олордор бокуой биэрбэккэ мөх-эт, саҥар-иҥэр Уол аһара мэниктээтэҕинэ эбээтэ кутаалаах уокка олордор идэлээх.

  • Тэҥн. кутаа уотунан сабаа.

Кутаа уотунан илгистэр (илгиһин) көр илгиһин

Эмээхсин икки модороон харытын ньыппарыммытынан, кутаа уотунан илгистибитинэн барда. Амма Аччыгыйа. [Ойуун] кыырдаҕына дүҥүрэ уотунан илгистэр. ЧАМ СБМИ. Кутаа уотунан сабаа кэпс. – мөх-эт, кыыһыран эт-тыын.

Разражаться сердитой тирадой.

  • Кутаа уотунан сабаан түһэн, доҕор, тугун алдьархайай! Тэҥн. кутаалаах уокка олорт.

Күлгүн булкуйуом, көр күл II

Уокка арыыны кут

туох эмэ соччото суоҕу тэптэрэн, бэргэтэн биэр.

соотв. подливать масла в огонь.

  • Сылгы иитиитин туһунан кэпсэтии таҕыстар эрэ, Сэһэн Семён, уокка арыыны куппукка дылы, саҥата-иҥэтэ хойдон, күөдьүйэ түһэр үгэстээх.
    Л. Габышев
  • [Туллукчаана:] Бүгүҥҥү мунньах уокка арыы куппут кэриэтэ. Айдаан бөҕө тардылыннаҕа буолуо.
    В. Протодьяконов
Өссө холобурдар (1)
  • Махно есаулу, куолутунан, олус кытаанахтык дьүүллээн, уокка арыыны кутан биэрбитэ.
    П. Бляхин

Уокка арыыны (саһаҕаны) быраҕан биэр

уокка саҕаһаны бырах диэн курдук (көр саҕаһа).

Уокка ас (аста) биэр көр ас III

  • “Быыппастар быччыҥнаах, Быһый да атахтаах Уол кэллэ”, – диэбиттэр, Уокка ас биэрбиттэр.
    А. Бэрияк

Уокка ас бэрис көр бэрис

  • Сирбин аһатабын, уокка ас бэрсэбин.

Уокка биэр

уматан кэбис.

Сжечь, спалить.

  • [Баһыкка:] Бу суругу ааҕан бараҥҥын, хайыта тыытан, уокка биэр диэбиттэр.
    Күндэ
  • [Ааныка – оҕонньоругар:] Били хоруопкун харай! Харайыаҥ суоҕа да үлтү сынньан баран уокка биэриэм.
    С. Ефремов

Уокка киирэр

куттаммакка, дьулайбакка сэриилэһэ барар.

соотв. идти в огонь.

  • Охсуһуунан Оҥоһуллар Олохпутун Харыстыырга Уокка киириэм, Хааммын тоҕуом!
    Күннүк Уурастыырап
  • Буокай оҕонньор саҕынньаҕын кэппитинэн уокка киирэн барыах курдук саба түһэн олорор.
    А. Сыромятникова
Өссө холобурдар (1)
  • Мин сэрии маҥнайгы күнүттэн уокка киирбитим.
    Н. Кондаков

Уокка бырахтахха кэҥсик тахсыбат,

олус быстыбыт, ким да аахайбат, ахсарбат буолбут (киһитэ).

Оказавшийся в безвыходном, крайне тяжелом положении, дошедший до ручки (человек).

Уокка оҕустарбыттыы

олус соһуйан, уолуйан.

Замерев, оторопев от чего-л. неожиданного (букв. как будто током ударило).

  • Дииктэр тиһэх тылларыттан Маарыйа, уокка оҕустарбыттыы өгдөс гынна уонна оҕонньорун сирэйин-хараҕын кэтэһэ-кэтэһэ улаханнык саарбаҕалаабыттыы ыйытта.
    ХС

Уокка саҕаһаны бырах көр саҕаһа

Хабырыыс мөккүстэҕинэ уокка саҕаһаны быраҕан биэрииһи. И. Гоголев. Уокка уган биэр кэпс. – кими эмэ сэрэхтээх, кутталлаах суолга киллэр, соччото суохха түбэһиннэр.

Оставлять кого-л. в опасности, толкать кого-л. на опасное дело.

  • Эрбантей сокуон тас өттүгэр турар дьыаланы оҥостон, бар дьонтон туораан, бэйэтин кэргэттэрин уокка уган биэрэн, атах-балай барбытын Бурхалей бастаан соһуйа, куруйа иһиттэ.
    Эрилик Эристиин
  • Сорудаҕы сатаан толорбокко, бэйэтэ билиэҥҥэ түбэспитин үрдүгэр, төһө доҕотторун уокка уган биэрбитэ биллибэтин туһунан санаан ордук харааһынна.
    ХС
Өссө холобурдар (1)
  • Тэҥн. түһэн биэр.

Уокка (чоххо) баттаабыт курдук буол көр баттаа

  • Маша кулгаахтыын кытаран, сирэйэ уокка баттаабыт курдук буолла, улам-улам бүк түһэн барда.
    М. Доҕордуурап
  • Сирэйэ, уокка баттаабыт курдук, кып-кыһыл буолла.
    ХС

Уорҕатыгар уоту ыстаннар көр уорҕа

  • Үөһэнэн сытыы кынаттар -- тыастара дурдаҕа кэтии, тоҥо сытар үгүс булчут уорҕатыгар уоту ыстаннарда.
    Н. Заболоцкай

Уоһа уокка тиийбит көр уос II

  • Оҕобут кыыһыран уоһа уокка тиийбит.

Уот аан бастаан

хара ааныттан диэн курдук (көр ааныттан).

  • Биһиги уот аан бастаан чугастааҕы күөллэри билбиппит.
    Далан
  • Манна таһыттан киирэр матырыйаал уот аан бастаан саамай кииннээн түмүллэр сирэ – сурук отдела – баар. “Кыым”.

Уот ааныттан сөбүлээбэтэҕим

хотуҥҥун төбөҕөр ытыаран барбыккын…

  • Дабыыт кинини [Ньукулааскыны] уот ааныттан ытыктыы көрбүтэ.
    И. Никифоров

Хам буолбут, бэл, уот айах

Хабыгырас хахыйах.

  • Софр. Данилов. [Суоппуйа – Митяҕа:] Ыы, күтүр… Будьур төбө, уот айах эйигиттэн итинтэн ордук тахсыа дуо.
    Н. Туобулаахап

Уот (уоттаах) араатар

уот айах диэн курдук (көр айах I).

  • “Уоттаах араатар манна наадата суох!” – намыһах уҥуохтаах, бэрт сытыы дьүһүннээх эдэркээн киһи ойон турда.
    Амма Аччыгыйа
  • Ол киһиҥ бэлэһинэн бэрт. Уһун тылынан ууну таһыйар уот араатар.
    С. Никифоров

Уот ардах

сэриигэ хойуутук, күүстээхтик ытыалаһыы.

Интенсивная стрельба (букв. огненный дождь).

  • Уот ардах аннынан улуу Днепр уҥуоргу бүүрүгэр үктэнниҥ!
    Күннүк Уурастыырап
  • Сэрии этиҥин, уот ардаҕын аннынан мин Тыалы утары, тыалы утары барбытым…
    И. Артамонов
Өссө холобурдар (1)
  • Кыр өстөөҕү Көрсүөхтэрэ сирилэс уот ардаҕынан.
    В. Миронов

Уота умулунна

дьиэтэ-уота суох буолла; дьиэ кэргэнигэр бүтэһик киһи өллө.

Не стало его очага; умер последний человек в семье.

  • Охсуһууга сылдьааччы Оҕолорбут, дьоннорбут Оттон барбыт уоттара Умуллубат буолуохтун, Орох тэппит суоллара Омооҕуран сүппэтин.
    Күннүк Уурастыырап
  • Миигин кэбилээбитиҥ курдук, иэримэ дьиэҥ дьиэрэгэдийдин, аал уотуҥ умулуннун.
    М. Доҕордуурап

Уота уоттуйбут

туспа дьиэлэммит-уоттаммыт.

Обзаводиться своим домом (букв.

  • огонь его разжёгся).

Уот бэлэс

олус тыллаах, элбэх саҥалаах киһи.

Бойкий на язык (букв. огненная глотка).

  • Лиза атар айахтааҕы атыппат, алдьархайдаах уот бэлэс курдуга.
    А. Сыромятникова
  • Урут сахалар курдук көрсүө, сэмэй дьоннор суох этилэр. Билигин үксүлэрэ уот бэлэс буоллулар, мунньаҕы көтүппэккэ араатардыыллар.
    И. Гоголев
Өссө холобурдар (1)
  • Тэҥн. уот айах.

Уот диэки көр – туохтан эмэ (хол

, этэҥҥэ сылдьаргыттан) үөр-көт.

Радоваться чему-л. (напр., своему благополучию – букв. смотреть на огонь).

  • Оччоҕо киэһэ, баҕар, Уоппут диэки көрүөхпүт: Байанайга махтана Көбдьүөрэ күөстэниэхпит.
    С. Данилов
  • Аҕата Быттыыр оҕонньор, быстар дьадаҥы киһи, уолаттара тураннар, киһи-хара, булчут буоланнар, саҥардыы уот диэки көрөн, ситэн-хотон байан эрдэҕинэ, бу былаас буолбут.
    Н. Босиков
Өссө холобурдар (1)
  • Сүрэхтээх, эрчиллиилээх, өлүөр-чэгиэн буоллаххына, кыайыгас-хотугас эдэр киһи хайаан даҕаны уот диэки көрүөҥ – ол аата бултуйуоҥ. “Саха с. ”.

Уот диэки көрдөр

кими эмэ туох эмэ улахан ыгылыйыы кэнниттэн уоскут, һуу гыннар.

Дать свободно вздохнуть кому-л.

  • Бэрэбиэркэлиир дьыктааҥҥа Михаил Пантелеймонович чыпчырынан-чыпчырынан баран Сеняҕа ортону туруоран уот диэки көрдөрдө.
    Н. Босиков

Уот диэки көрөр киһибит (үлэһиппит)

ким эмэ эрэлэ; киһи эрэнэр, эрэх-турах саныыр киһитэ.

Надёжная опора для кого-л.

  • ; тот, на кого можно надеяться, положиться.

Кырдьаҕастар уот диэки көрөр дьонноро Ү

уолаттара.

Уот иччитин курдук (иччитигэр дылы) өһүргэс

олус өһүргэс.

Очень обидчивый (букв. обидчив, как дух домашнего очага).

  • – Өһүргэннэ дии, – эмээхсин күллэ. – Өһүргэһиҥ да баар ээ, уот иччитигэр дылы.
    ХС

Уот курдук киһи

олус омуннаах, туохтан да иҥнэн турбат сытыы киһи.

Человек горячего нрава, запальчивый, ни перед чем не останавливающийся (букв.

  • как огонь человек).

Уот орто

олус куһаҕана да, бэрдэ да суох, лоп курдук орто.

Вполне удовлетворительный, вполне приличный.

  • [Түмэппий:] Чэ, кэбис, оччоҕо, үчүгэйэ да суох, куһаҕана да суох, уот курдук орто киһи буол!
    Күннүк Уурастыырап
  • Бу ыаллыы оройуоннарга биһиги курааннаата диэн оттообокко үрдүлэринэн ааһар сирдэрбитин, уот курдук орто үүнүүлээх диэннэр, бэрт ыраастык ньылбы охсон ылаллар.
    С. Никифоров
Өссө холобурдар (2)
  • Хаһан да уруок үөрэтэрэ көстүбэт. Ол да буоллар үөрэҕэр уот курдук орто.
    ХС
  • Мэйик диэн ааттаах-суоллаах уот орто булчут киһи олорбут. “Чолбон”.

Уот кымньыы

уот курдук, уотунан салыыр күүстээх туох эмэ.

Грозная сила, подобная горящему огню (букв. огненный прут).

  • Үүрэрэ саханы сут, тымныы, Кыйдыыра кыһалҕа, уот кымньыы. Эллэй. Уо, Тымныы Уот Кымньыы Тырымныыр.
    И. Чаҕылҕан

Уот салаабытын курдук

туох да хаалбатах, кубус-кураанах.

соотв. хоть шаром покати (букв. как огонь опалил). Ньиэмэстэр сэриилээн ылбыт дэриэбинэлэрэ уот салаабытын курдук буолбут. НАГ ЯРФС.

  • Тэҥн. уот сиэбитин, уу иппитин курдук.

Уот сиирин курдук

олус түргэнник, тэтимнээхтик, күүскэ.

Очень быстро, интенсивно (напр., работать; букв. как огонь пожирает).

  • Уот сиирин курдук үлэлииллэр.

Уот сиэбитин, курдук

тугу да суох хаалбыт.

Совершенно разорившийся (букв. как будто уничтожено пожаром, снесено водою).

  • Тэҥн. уот салаабытын курдук.

Уот (уоту) сах

кими эмэ санаатын көтөҕөн, үчүгэй дьыалаҕа көҕүт.

Заронить искру чего-л., зажечь в ком-л. огня на доброе дело.

  • Кэмигэр эдэр суруйааччыны өйүөххэ, айар үлэҕэ көҕүлүөххэ, уот саҕан биэриэххэ наада.
    ХС

Уоттуу салаа көр салаа I

  • Куоттаҕын аайы ол алларастыыр саҥа эккирэтэн, эбии ньиргийэн, тилэҕиттэн сатараан, уоттуу салаан сыыһа-халты харбаан истэ.
    Н. Заболоцкай

Уот (уоттаах) тыл

олус сытыы ох күүстээх тыл (тыллаах).

Очень острый язык.

  • [Баһыахтыыр Балбаара] уот тыллаах, куһаҕан харахтаах, наһаа күүстээх эмээхсин.
    Амма Аччыгыйа
  • Симон эмиэ уот тыллаах кыыска түбэспит сорум дии санаата, ханнык баҕарар кыыс тыла былааччыйатынааҕар уһун диэн доҕоро Ньургун эппитин өйдөөн кэллэ.
    Л. Попов
Өссө холобурдар (1)
  • Анфиса бэйэлээх уот тыла кутаалана түспэт дуо…
    Н. Габышев

Уот тымта түһэр

1) аһый гына түһэр.

Чувствовать сильное жжение.

  • Омун Сүөдэр сыҥааҕа уот тымта түһэрин кытары, -- анараа киһи батыйа өнчөҕүнэн сототун синньигэһигэр дайбаабыта. МНН; 2) кыыһыра түһэр. Рассердиться, вспылить. Боруоскуобуйа уот тымта түһэр.
    Н. Якутскай
  • Уоту көрөн (уот диэки көрбөт буолан) олоробут – аспыт-үөлбүт олох бүттэ; уокка буһарар аспыт суох. У нас кончились продукты; варить нам стало нечего (букв. мы смотрим (только) на огонь (мы уже не смотрим на огонь)).

Уоту (уотта) ас

ытыалаан бар.

Открывать огонь, начинать стрелять.

  • – Өстөөхтөргө уоту аһыҥ! – диэн хамаандалаабыта -- Романченко.
    С. Никифоров
  • Өстөөхтөр дэриэбинэ таһыгар алдьархайдаах уоту аһаллар.
    С. Федотов

Биһиги

бүлүмүөттэринэн уонна аптамааттарынан күүстээх уоту аспыппыт.

  • ПДА СС.

Уотунан оонньуур

сэрэхтээх, кутталлаах суолга киирэн биэриэх курдук сылдьар.

соотв. играть с огнём.

  • – Күлүмэ, Серёжа, күлүмэ. Таптал диэн уот. Уотунан оонньоомо. Сотору баҕар бэйэҥ ыллараайаҕын.
    Н. Лугинов
  • Уотунан оонньообуттар уоттан охтуохтара.
    А. Абаҕыыныскай
Өссө холобурдар (2)
  • Уотунан умайар кэпс. – кими эмэ мөҕөн-этэн, үөҕэн саҥар; саҥаран-иҥэрэн киирэн бар. Осыпать кого-л. руганью, ошеломлять, оглушать кого-л. бранью; разражаться тирадой. Аҕалара тоҥхоҥноон эрдэҕинэ, тойон үөхсүбүт саҥата уотунан умайа түһэн баран, дэйбиирин угунан үлтү сынньан барбыта.
    Эрилик Эристиин
  • – Ынаҕы хостоһоҕун дуу, суох дуу?! – диэн Луха саҥата уотунан умайда.
    Д. Таас

Уоту туппут курдук

олус ыксаан өрө мөхсө сылдьар, тулахачыйар.

Мечущийся в спешке; как угорелый (букв. как будто огонь держит). Уоту туппут курдук элэстэнэр. НАГ ЯРФС. Уоту тутар курдук куттан кэпс.

  • – олус күүскэ куттан. соотв. бояться как огня. Уруулга олороруттан уоту тутар курдук куттанар.

Уоту тутар кэриэтэ (курдук)

олус куттанан, табыгаһа суох курдук санаан.

Боясь как огня, считая опасным, нежелательным.

  • Хайа да бэйэлээх биригэдьиир кинини үлэҕэ соруйуон уоту тутар курдук дьулайар буолан барда.
    С. Федотов

Уот үрдүгэр олорор курдук

аһара айманан, долгуйан, тугу гыныаххын билбэккэ.

соотв. как на угольях (углях).

  • Үлэтигэр балаһыанньата түөрэккэй. Билигин уот үрдүгэр олорор курдук сананар. “Кыым”. Уот үрдүгэр үктэннэр кэпс. – олус ыксатан, тиэтэтэн, ыгылыт, ууга-уокка түһэр. Суматошно поторапливая, доводить кого-л. до состояния крайнего беспокойства, волнения (букв. заставить его ступать на огонь). Бу сырыыга ыанньыксыттар, уруккуларын курдук, уот үрдүгэр үктэннэрэн көрсүбэтилэр, – саҥата суох бүтэйдии иһитинэн-хомуоһунан тамнааттана сырыттылар.
    С. Федотов

Уот халахайга түс көр түс I

  • Эн хат нухарыйан барыаҥ, оттон -- бөрүө муҥнаах сөҥөн эрэр өйгөр ханна эрэ ыраах тиэтэйэн уот халахайга түһүө, үрдүк алгебра иһирик ойуурун эҥин эргиирдэрин ылгыа.
    Н. Заболоцкай

Уот харахха

оруобуна, сөрү-сөпкө, лоп бааччы, бэргэнник.

соотв. не в бровь, а (прямо) в глаз.

  • Иэс төлөбүрдээх дииллэрэ уот харахха эбит.
    В. Титов
  • Күтүр өстөөх сүрдээхтик да уот харахха түһээбит эбит.
    Болот Боотур
Өссө холобурдар (2)
  • Кырдьыгы уот харахха этии хос быһаарыыта да суох үчүгэйдик өйдөнөр.
    ХС
  • Тэҥн. үүт харахха.

Уот холорук

айдааннаах, алдьархайдаах быһыы-майгы, балаһыанньа.

Чрезвычайно трудное положение, происшествие.

  • Чуумпу өрүс кытылыгар бүгэн сыппыт Амма солобуодата уот холорук ортотугар түбэспитэ. Софр. Данилов. Оо, суостаах этэ, уот холорук!
    Р. Баҕатаайыскай
  • Уора кэлбити ийэ сиртэн Уот холоругунан үүрэн, Арҕаа баартыҥ, илин тиийтиҥ, Аҕа дойдум Аармыйата!
    И. Эртюков

Уот ылар курдук (ыла кэлбит кэриэтэ)

олус түргэнник, ыксалынан.

Очень быстро, в большой спешке (букв. словно за огнём ходить).

  • Арай күһүөрү кыһын биирдэ ол Күүстээх Көстүкүүннүүн уот ылар курдук, киирэн тахсыбыттара.
    С. Никифоров
  • Суох, уот ылар кэриэтэ киирэн тахсар салайааччылары пиэрмэ дьахталлара бүгүн аан маҥнай эрэ көрбүт буолбатахтар.
    Г. Нынныров
Өссө холобурдар (1)
  • Дьиэтигэр уот ылар курдук киирэн тахсар кыһалҕа тирээтэҕэ.
    И. Сысолятин

Уот ыстанарын (ыстаммытын) курдук

эмискэ, соһумардык, үөйбэккэ-ахтыбакка олордоххо.

Вдруг, неожиданно, внезапно, нежданно-негаданно (букв. подобно тому, как выскакивает (выскакивал) уголь (из натопленного камина).

  • Кини -- турбут-олорбут, уот ыстанарын курдук хамсаныылаах омук киһитэ эбит.
    Болот Боотур
  • [Дьэбдьиэс эмээхсин] уот ыстанарын курдук олус омуннаах Уйбаан диэн уоллааҕа.
    С. Федотов

Уот этэр

эппиккэ эрэнэр, саарбаҕалаабакка итэҕэйэр (былыргы саха уот хаһан да сымыйалаабат дии саныыр).

Быть убеждённым в правоте сказанного; полностью верить сказанному (букв.

  • [его слова верны так,] как огонь говорит [правду]). – Чэ, ол кини эппитэ да, уот эппитэ да син биир.
    Н. Неустроев

Уу да ылбат, уот да сиэбэт

туохха да кыайтарбат, туохха да хотторбот.

Такой, которым нельзя овладеть, неприступный (букв. и вода не заливает, и огонь не пожирает).

  • [Дьаакып:] Бу улуу дьаалылар тура иликтэр ээ быһыыта. -- Күүс, дуол кинилэргэ буоллаҕа дии. Кинилэри уот да сиэбэт, уу да ылбат дьоно буоллулар.
    А. Софронов
  • Бу күтүрү абааһы аймахтара -- Уу да ылбат, Уот да сиэбэт Гына кубулҕаттаан Туох да охсуһуу сэбэ хоппот гына Абынан-сараһынынан оҥорбуттара үһү. Ньургун Боотур. Үрдүгэр уот отун кэпс. – кими эмэ кыйахана-кыйахана мөх-эт. Сильно бранить, распекать кого-л., с яростью набрасываться на кого-л. (букв. на нём огонь зажигать). Эн иннигиттэн үрдүбэр уот оттоллоро буолуо.

Хараҕын уота умуллубут (хараҕа өспүт)

олус санаарҕаабыт, мунчаарбыт, саппаҕырбыт көрүҥнэммит.

Иметь опечаленный, грустный вид.

  • [Эһэттэн] харахпын араарбакка туран, табах уматынным. Табахтаан ортолоон эрдэхпинэ, хайдах эрэ кыылым хараҕын уота өстө.
    Н. Босиков

Хараҕыттан уот чаҕылла (чаҕылыйа) түстэ көр харах

  • Тойон ынырыктаах куолаһынан хаһыытыы түһэрин кытта, Бурхалей икки хараҕыттан уот чаҕылыйа түһэргэ дылы гынар.
    Эрилик Эристиин
  • Харахпыттан уот чаҕылыйда, Хааһым үрдэ дьаралыйда, Халты оҕуста бадаҕа… А. Бэрияк

7 этии #

Нууччалыы Сжигать, поджигать что-л

Этиилэр

Алаһа дьиэ тэбэр сүрэҕэ

Аал уот умайан тигиниир.

  • Дьуон Дьаҥылы. Аал уоппут сылааһа сыдьаайар, Алаһа дьиэ дьолунан туолар.
    ХС

Балаһа уот көр балаһа

  • Бараҥҥын, баараҕай охсуһуу Балаһа уотугар киирбитиҥ, Баринов генерал сэриитин Бастыҥнаах саллаата буолбутуҥ.
    Күннүк Уурастыырап

Дьүкээбил уота көр дьүкээбил

  • Дьүкээбил уота умайдаҕына тымныы ордук сытайар.
    Н. Якутскай
  • Уйаара-кэйээрэ суох хаар куйаарын сулустар, ый, арыт дьүкээбил уота үдүк-бадык сырдаталлар. КЗА АҮө.

Кутаа уот көр кутаа I

  • Кутаа уот кытыытыгар олордоххо, уот өттүҥ итиинэн салаамахтыыр, улаҕа өттүҥ тымныынан хаарыйбахтыыр.
    Амма Аччыгыйа
  • Бэркиһиибин кутаа уоттан Хайдах тыыннаах ордубуппун, Ууну-уоту ортотунан Сатыы хаампыт уһун суолбун.
    М. Хара

Сибиэ уот

айыыларга, иччилэргэ ас кутарга анаан оттуллар уот.

  • КГР СЛ- 8.

Туспан (кутаа) уот көр туспан

  • [Абааһы бухатыырын] туспан кутаа уоту оттон баран, дэлби уматан кэбистэ. Ньургун Боотур.

Уокка ас (аста) биэр көр ас III

  • Аан дойдутун, баай хара тыатын, имииһит төрдүн барытын алҕаан, уотугар ас биэрдэ.
    М. Доҕордуурап

Уокка оҕустар көр оҕустар

  • Урут элиэктириктэр бэйэлэрэ уокка оҕустаран өлөр түбэлтэлэрэ баара. “Кыым”.

Уот абытай көр абытай 2

  • Уот абытай олуона халаачык баар үһү (тааб.: ыстаҥалас). Этэрбэстэрин илдьи кэстэхтэринэ, сорохтор ийэлэрэ ол этэрбэстэрин быатынан иэннэрин таһыйаллара уот абытай да, ол уһаабакка умнуллааччы.
    ХС

Уот анньар мас көр үөттүрэх

  • Чаабый Натааһа уот анньар маһын атырдьахтыы икки илиитигэр бобо туппутунан Маайа диэки утары даадаҕастанан истэ.
    Эрилик Эристиин

Уот ас

тугу эмэ умат Кинилэр саҥаттан саҥа [балбаах] чөмөхтөрү оҥоро-оҥоро уот астылар.

  • Абарбыт татаардар атыҥҥа санаммыттар: кинилэр, уотунан үүрэн таһаараары, таҥара дьиэтигэр уот аспыттар.
    Суорун Омоллоон

Уота суох сэрии

судаарыстыбалар бэйэ бэйэлэригэр байыаннай уонна политическай утары туруулара, тыҥааһыннаах сыһыаннара.

Состояние военно-политической конфронтации государств, холодная война.

  • Оччолорго уота суох сэрии уонна сэриинэн ииригирии кэмэ буола турдаҕына, бу куорат Мирнэй диэн ааттаммыта.
    И. Данилов
  • Сир шара хайдах эрэ тыҥаан, ыйыллан иһэргэ дылы. Уота суох сэрии тымныы тыына биллэр.
    Н. Босиков

Уот аһыйа түс

уот салаабытын курдук эмискэ ыарый.

Почувствовать мгновенную острую боль, сильное жжение, словно огнём прижгло.

  • Уол, илиитэ уот аһыйа түспүтүттэн соһуйан, чөкчөҥөнү сыыһа ытан кэбиспит.
    Суорун Омоллоон
  • Артур Сардаананы уураары өссө биирдэ холонон эрдэҕинэ, иэдэстэрэ эмискэ уот аһыйа түспүттэрэ.
    В. Протодьяконов
Өссө холобурдар (1)
  • “Сааппаккын... ” – диэн иһэн сирэйэ соҕотохто уот аһыйа түспүтүн өйдөөн хаалбыт.
    П. Филиппов

Уот барар

туохтан эмэ сылтанан баһаар саҕаланар.

Начать гореть, начинаться (о пожаре).

Хайыһан көрбүтэ

хаппыт мутукчатыгар уот баран, сиэн күлүбүрэтэн эрэр эбит.

  • Амма Аччыгыйа.

Ойуурга уот бардаҕына

Ханааба хаһан бүөлүүллэр.

  • Эллэй. Дьогдьоот күһүн кэлбитэ. Уот барарыгар табыгастааҕа.
    А. Сергеев

Уот биһилэх көр биһилэх

  • Нөҥүө күнүгэр Дамбоны ылбыт фашистары уот биһилэх ортотугар хаайбыппыт, үлтү сыспыппыт, буору уоптарбыппыт.
    Д. Очинскай
  • 1923 сыллаахха тохсунньуга бандьыыттар Дьааҥыны уот биһилэххэ олорпуттара.
    АНХ СС

Уот биэрбэт

кыайан умайбат; ботуруон буораҕа умайбакка, саа кыайан эстибэт, ыппат.

Не давать огня, не гореть; не совершать выстрела вследствие неисправности ружья или патрона, давать осечку.

  • Киһи ытар. Саата уот биэрбэт.
    Суорун Омоллоон
  • Уот биэрбэккэ уончата түһэртэрэн баран, доруоп дьэ эстэн “дар” гына тыаһыыр…
    И. Гоголев
Өссө холобурдар (1)
  • Испиискэтэ сиигирэн хаалбыт, уот биэрбэт.
    Н. Туобулаахап

Уот иччитэ көр иччи

  • Уот иччитигэр дылы маппакка бараҥҥын (өс ном.). Уот иччилэрин курдук баттахтара арбаһан, холумтаҥҥа сэргэстэһэн тураахтыыллар.
    И. Гоголев

Уот кугас көр кугас

  • Бу киэһэ пиэрмэ ынахтарын кытта туора муостаах Дьэспэ диэн ааттаах -- уот кугас оҕус кэлсибит.
    Далан
  • Хараҕын кырыытынан көрбүтэ, уҥа өттүгэр биир уот кугас ынах кэйиэххэ айылаах субу күрдьүөтээн турар.
    А. Фёдоров

Уот Кудулу Байҕал көр байҕал

  • Киэҥ киспэлээх, Уһун уорҕалаах, Уоттаах-күөстээх Уот Кудулу Байҕал обургуга Умса хорус гына түстүм…
    С. Зверев

Уот куйаас

сайыҥҥы олус итии күн, өҥүрүк куйаас.

Палящий зной. Туох барыта умайар уот куйаастан ууллан туймаарыйа нухарыйбыкка айылаах. Софр. Данилов.

  • 1963 сыллаах сайын, от хомуурун үгэнэ, уот куйаас.
    П. Егоров
  • Бэс ыйын бастакы күннэригэр, ардах түспэккэ, сир-дойду умайар уот куйааска куустаран турара. Дьону үөр.

Уот кураан

олус уһун кэмҥэ ардах түспэккэ, от-мас, сир-дойду бүтүннүүтэ куурар-хатар, кэхтэр күнэ-дьыла.

Сильная, продолжительная засуха. Уот кураан буолбута.

  • Оту, маһы Күн кубарыччы салаабыта. Эллэй. Биһиги табабыт диэхтээн, биир уу сут, уот кураан кэлиэ да имири эстиэ.
    Н. Лугинов
  • Ол сайын -- уот кураан түһэн, аһыҥа өрө туран начаас икки ардыгар сир кубарыйа кууран хаалта.
    Н. Босиков

Уот курбуу тыл көр курбуу

  • Кремль кириэппэс кэтэҕиттэн, килбиэннээх трибуна үрдүттэн Ярославскай табаарыс тахсан, тааска чаҕыллар уот курбуу тыллары дьабдьыйда.
    Н. Габышев

Уот курбуу чаҕылҕан көр курбуу

  • Халлааҥҥа хара былыттар Халҕаһалыы аалса устубуттар. Онтон сата тыал сапсыйбыт, Уот курбуу чаҕылҕан дапсыйбыт.
    Болот Боотур

Уот кыһыл көр кыһыл

  • Уот кыһыл бөтүүктэрэ -- утуктаан куоҕайа олорор.
    Амма Аччыгыйа
  • Охсууга охтубут дьоруойдар хааннарыттан уот кыһыл сибэккилэр быктылар.
    Т. Сметанин

Уот Моҕой

остуоруйаҕа кэпсэнэр уотунан тыынар моҕой.

Огнедышащий дракон.

  • Бу чаҕылҕан чаҕыллар күлүмэ уот моҕой курдуктук курбуутаан муораҕа эриллэн түһэрэ.
    П. Ойуунускай
  • Онуоха айыы бухатыыра оһоллоох Уһун субуйа батаһын сулбу тардан Ылла, үс хос бастаах садаҕа уот Моҕойу суон моонньун быһа оҕуста. Ньургун Боотур.

Уот сиир

улахан уокка умайар.

Огонь охватил.

  • Ытын кэтэһэригэр буолан, ырбаахытын эҥээрин бүтүннүү уокка сиэтэн кэбистэ.
    Суорун Омоллоон
  • Моонньоҕон уот сиэбит куруҥнарыгар үүнэр.
    Далан
Өссө холобурдар (1)

Уот сут көр сут

  • Дьахтар кыра оҕолуун огдообо хаалан, кэнники дьыл уот сут, той буолан, үлэни-хамнаһы кыайан дьаһанымына бэркэ дьадайаллар.
    Саха фольк

Уот (төлөн) булкуур көр булкуур

  • Уһун субурҕан буруо тыыннаах, Уот булкуур сүрэхтээх Улуу-дьаалы борохуот аал Обургуга олордум.
    Өксөкүлээх Өлөксөй

Уот турар көр тур

  • Отчуттар алааска уот турбутун, кыайтарара биллибэтин истэннэр сүөм түспүттэр.
    ХС
  • Инникитин ойуур уота турбатын туһугар -- нэһилиэнньэ ортотугар өйдөтөр үлэни ыытыахтарын наада. “Кыым”.

Уот тыла көр тыл I

  • Кутаа уота улахан баҕайы кып-кыһыл тылларынан хараҥаны салыыр.
    Л. Попов

Уоту аһат

уокка аста биэр (былыргы үгэһинэн, сахалар саҥа тиийбит сирдэригэр эбэтэр үчүгэй аһы аһыыр буоллахтарына, аһыахтарын иннинэ бастаан уот иччитин күндүлүүллэр).

Угощать духа огня (по старинному якутскому поверью, прибыв куда-л. или приготовив что-л. вкусное принято первым угощать духа огня).

  • Сайылыктарыгар көһөн кэлээт, -- уоттарын аһаттылар, алгыс эттилэр. “Чолбон”.

Уот уобуруччу көр уобуруччу

  • 1918 сыллааҕы сайын Сэбиэскэй өрөспүүбүлүкэ боруоннар уот уобуруччуларыгар ылларбыта.
    В. Ленин

Уот (уоту) ыыт

тугу эмэ умат, баһаары оҥор.

Поджигать что-л., устраивать пожар.

  • Бурдукка сүөһүнү хаайан, уот ыытан, Бороҥ түүнү аннынан үөмпүтүн, Барытын илэччи билиннэ, Кутталыгар куолайа бүөлэннэ.
    С. Васильев
  • Кэнники Кэрэхтээх тумул сирэйиттэн утары уот ыытан тоҕус сорунан [уоту] тохтоттулар. М. Доҕордуурап

«У» буукуба