ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

сибиэ

аат тыл, даҕааһын

Нууччалыы своеобразный щит из связанных между собой тонких палочек с промежутками или тальника, который использовался раньше как…

Ис хоһооно · 8
I

1 аат тыл #

, эргэр

  • Кинилэр икки-үс былас уһуннаах сибиэҕэ собону, сордоҥу, сыалыһары, алыһары, үүкүнү, кыһытайы – истэрин хостоон, уҥуоҕун ылҕаан баран күн уотугар хатараллара.
    Далан
  • Сороҕор мас сибиэҕэ мундуну тэлгэтэн, күн уотун суоһугар эргиччи хатараллара.
    К. Уткин
  • Кытылга -- тыылар тастарыгар илим, туу, бэрэмээт, күөгү, атара уонна куурдар аргыларга балык хатарар сибиэлэр турбуттара
    ХС

2 аат тыл #

Балыгы тэлгэтэргэ уонна балык быһытын эркиннииргэ туттуллар, маһы тыыран эбэтэр талаҕы арыттаах гына өрөн оҥорбут тэлгэх

Нууччалыы Своеобразный щит из связанных между собой тонких палочек с промежутками или тальника, который использовался раньше как настил для сушки на солнце мелкой рыбы или служил стенкой для рыболовного заграждения

3 аат тыл #

Чыыска бүтэй, чыыска

Нууччалыы Частокольная изгородь, частокол

  • Сибиэҕэ хаайыллан туран эбиэһи сиэн күрдүргэтэр “Көмүс Ураанньыгын” ыҥыырдаата, сундуугу төргүүлэннэ.
    И. Гоголев
  • [Дьырыбына Дьырылыатта] Өрүү тимир көнтөһүн Өһүлэ тардан, Сиэтэн тэмтэгэлдьитэн аҕалан Сибиэ дьэргэл күрүөтүгэр хаайан, Аҕыс салаалаах Ача күөх оту Аҥаар кырыытыттан Аҥаарыччы тардан кэбистэ.
    П. Ядрихинскай
  • Ср. монг. шивээ ‘изгородь; частокол; укрытие, укрепление’ п. -монг. сибэгэ ‘изгородь, плетень; убежище, укрепление’
II

4 даҕааһын #

Кыра-кыра гынан баран хойуу, симэ оҥоһуулаах

Нууччалыы Мелкий, состоящий из мелких ячеек или строчек (напр., о сетке, сети, стежке). [Туундараҕа] хара ачыкыны эбэтэр сибиэ сиэккэни кэтиэххэ наада

  • Инньэ гымматаххына хараххынан сабыллыаххын сөп.
    И. Данилов
  • [Иистэнэр массыына] эчи тэпсэн түһэн тигэрэ сибиэтин
    АДГ СКУо
  • Соҕотох атахтаах төгүрүк остуол оҥорон, -- сибиэ диэн ааттаан туруораллар
    БСИ ЛНКИСО-3

5 аат тыл #

Кэрэх ыйыырга оҥоһуллар соҕотох атахтаах төгүрүк кыракый остуол

Нууччалыы Круглый столик на одной ножке, предназначенный для жертвоприношения злым духам

6 аат тыл #

Хас биирдиилэрэ үстүү сиринэн кэлгиэлээх, лабаалары сылдьар үөл хахыйахтарынан оҥоһуллар, ойуун куһаҕан тыыннарга туох эмэ толук биэрэригэр туттар түөрт атахтаах остуола

Нууччалыы Шаманский жертвенный стол на четырёх ножках, каждая из которых перевязана в трёх местах молодыми берёзками, не лишёнными ветвей

7 аат тыл #

Ас угар былыргы иһит

Нууччалыы Старинная посудина для продуктов питания

8 этии #

Нууччалыы Берестяная посуда, в которую в старину якобы запирали неприкаянную душу умершего

Этиилэр

Кэлтэгэй сибиэ

өлбүт киһи үөрүн хаайар түктүйэ кэриэтэ туос иһит Сибиэ самыыр – ибир самыыр.

Очень мелкий дождь; изморось.

  • Сибиэ самыыр түһэр.

Сибиэ уот

ас кутан айыылары эбэтэр иччилэри аһатарга тымтыгы кыралаан оттор уот.

Огонь, разжигаемый щепками для приношения угощения добрым и злым духам.

  • Абааһы аймаҕар буоллаҕына -- Сиикэй эт мэҥиэни Сибиэ уотунан сиэтэн Сиэрдэнэр идэлээхтэр эбит. Өксөкүлээх Өлөксөй

«С» буукуба