Перевод с якутского
ааныттан
сыһыат
Нууччалыы с самого начала; решительно; совсем, вовсе
1 #
, кэпс. Хара маҥнайгыттан, төрдүттэн; олох, адьас, ончу
Нууччалыы С самого начала; решительно; совсем, вовсе
Ааныттан суох. Уруккутун умсуйа-умсуйа, Уҥан барар; Аныгы быһыыны Ааныттан ахсарбат.
Өксөкүлээх ӨлөксөйИйэ-хара көлөһүнэ саба түстэ, Сүрэҕин тыаһа ааныттан Сүүрүк ат туйаҕын тыаһын курдук буолла. "Чолбон". Бары артыыс аҥаардаах дьон буолан, ааныттан ыллаан сыыйа сыталлар Кыым
2 этии #
Нууччалыы С самого начала, при первом же знакомстве с чем-л.; тут же, сразу
Уот ааныттан - хара ааныттан диэн курдук. Кэтириис, төһө да төрөөбүт буоругар курдаттыы тартардар, бу дойду айылҕатын уот ааныттан кэрэхсии көрбүтэ. С. Никифоров Кини [Даарыйа] Дабыыты уот ааныттан, Туус Кэнэлигэ көһөн кэлиэҕиттэн, арааран көрбүтэ. У. Нуолур Мин ити боппуруоһу уот ааныттан сытыылаан-буруустаан, тууһаан-тумалаан туруорарга сананным. ХС
Өссө холобурдар (3)
Хара ааныттан - аан маҥнайгыттан, тугу эмэни билэ-көрө түһээт, сонно, тута Тоойуом кыбыстыма. Киһи хара ааныттан сатыыр, кыайар буолан төрөөбөтөҕө. С. Никифоров Хара ааныттан кини оскуоланы чиҥ тирэхтииргэ, элбэх оҕону хабан үөрэтэргэ дьулуспута. ХС Алҕаһы, буруйу хара ааныттан билиннэххэ сатанар. М. Доҕордуурап