Перевод с якутского
дьүкээбил
аат тыл
Нууччалыы юкагирское сияние
English yukaghir aurora
1 аат тыл #
көр дьүкээгир. Дьүкээбил омук. ПЭК СЯЯ. Уһун кыһыны быһа дьүкээбил дьыл оҕуһун кытта охсуһар, эккирэтэр, сойуолаһар. Н. Якутскай
2 этии #
Нууччалыы Северное сияние (быстро меняющееся свечение ночного неба, наблюдаемое обычно на Севере)
көр дьүкээбил уота. Дьүкээбил сардаҥатын курдук уларыйа сылдьар өҥнөөх дьиэҕэ кэтэр киэҥ халаатын сиэбиттэн кыабака быалаах кыракый видеотелефону хостоон таһаарда. Г. Угаров Халыма халлаанын үрдүгэр Дьүкээбил солколуу суугунуур Дьиктилээх өҥүнэн долгуннуур. Сибэккилэр. Ол ыраах туртайар муус хайа Түөһүгэр дьүкээбил үҥкүүлүүр. Хоту сир үөрүнньэҥ дьонунуу Дьэрэкээн төлөнө күлүмнүүр. Чэчир-80
Этиилэр
Дьүкээбил уота
хотугу түүҥҥү халлааҥҥа биир кэм уларыйа, дьиримнии, долгуннура турар сырдык балаһалар көстүүлэрэ Онтон хаар ааһан халлаан аҥаарын дьүкээбил уота сарбынньах толонунан сырдатар.
Кини дьүкээбил уотун үөрэтэр лабораторияны салайара. В. Яковлев Хараҥаҕа дьүкээбил уота үс хос сырдык субурҕа уот быыс буолан тэлимнии, дьиримнии оонньуур. Н. Габышев