ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

дьүккэ

аат тыл

Нууччалыы наружная тонкая прозрачная оболочка глаза, роговица

1 аат тыл #

анат. Харах дьэҥкир сарыыта, тас бүрүөтэ

Нууччалыы Наружная тонкая прозрачная оболочка глаза, роговица

  • Кэлин сылларга институкка харах искусственнай дьүккэтин олордуу ньымата тупсарылынна. "Кыым". Уйбааскы туоһапкатын сомуогун тарпытынан кэтэһэ сатаата, тииҥэ биллибэт. Көрө сатыырыттан хараҕын дьүккэтэ аһыйда, кэтэҕэ көһүйдэ.
    Л. Попов
  • Ыалдьыбыт ньирэй айаҕын салыҥнаах бүрүөлэрэ, хараҕын дьүккэтэ хаан туруутуттан саһархай өҥнөнөр
    МСИ ССНьЫаУ

2 аат тыл #

Харах үрүҥэ

Нууччалыы Белок глаза

  • Ынаҕа тоҕо эрэ сүгүн турбата, тэбиэлэннэ, муннун бууһурҕата-бууһурҕата, хараҕын дьүккэтинэн көрүтүөлээтэ.
    Н. Якутскай
  • Макаарый түүн аанньа утуйбатыттан хараҕын дьүккэтин тымырдара кытарар.
    А. Федоров
  • Даҥкыы оҕонньор соһуйан кэдэрис гынан баран, дьүккэтинэн көрдө
    А. Сыромятникова

3 этии #

Көрдөр хараҕым дьүккэтэ, көтүрдэр тииһим миилэтэ (билэтэ) – саамай харыстыыр, таптыыр оҕом Көрдөр харахпыт дьүккэтин, көтүрдэр тииспит билэтин Туналҕаннаах ньуурдаах Туйаарыма Куо балтыбын Таҥара табатын курдук Таҥыннаран намылытыҥ. П. Ойуунускай. Ийэлээх аҕата көрдөр харахтарын дьүккэтин, көтүрдэр тиистэрин миилэтин, Саатыыры, олус харыстаан ииппиттэр. Н. Якутскай.

Нууччалыы Мой любимый, мой единственный (обычно о детях)

Этиилэр

Хараҕыҥ дьүккэтин (харатын) курдук харыстаа

туох эмэ куһаҕаҥҥа түбэһиэ диэн олус сэрэн, харыстаа.

Беречь как зеницу ока.

  • Инилээх балтыгын Икки хараҕыҥ дьүккэтин курдук Киэҥҥэр кистээн Кичэйэн иитээр.
    П. Ойуунускай
  • Бу [аптаах] талахпын мин хараҕым дьүккэтин курдук харыстаан уура сылдьар малым, эһиги баайгыт аҥаарыгар да биэрбэппин. Суорун Омоллоон

«ДЬ» буукуба