Перевод с якутского
дьүккүччү
сыһыат
Нууччалыы наклонив голову, вытянув шею, подавшись всем корпусом вперед
1 #
сыһ
Кини [Сэмэн] уһун моойдоох: ньолбоҕор төбөтүн дьүккүччү уунан, тугу эрэ сытырҕалыыр курдук туттар. Амма Аччыгыйа Ол кэнники эрээккэ олорор Сокорутов диэн дьүккүччү туттубут модьу уол үкчү Никита курдук.
Н. ЛугиновБэҕэһээҥҥи тибииттэн суол мочоҥ буолан, аттар ыарырҕатан, төбөлөрүн дьүккүччү туттан, кирдиэхтээн хаамаллар М. Доҕордуурап
2 #
Төбөҕүн төҥкөтөн, моонньугун уһатан, иннин диэки дьулуһардыы (тутун)
Нууччалыы Наклонив голову, вытянув шею, стремясь всем корпусом вперед
3 #
Сөбүлээбэти, кыыһырбыты биллэрэн, кытаанахтык, өһүөннээхтик (сүүһүҥ аннынан көр, одуулаа)
Нууччалыы Показывая взглядом свою неприязнь, недовольство, враждебно глядя исподлобья
Пепеляев салгын сиэбит сирэйэ дьэбидийдэ, кыһыл армеец диэки өһөхтөөҕүнэн дьүккүччү көрөн баран, түҥнэри эргилиннэ. Софр. Данилов. Сүөдэр киниэхэ хайыһан дорооболоһордуу илиитин куду аспыт Солтуохабы сүүһүн аннынан дьүккүччү көрөн ылаат, таһырдьа тахсыбыта. П. Аввакумов Власий Порфирьевич, халыҥ муос ачыкытын үрдүнэн, сүүһүн аннынан дьүккүччү көрөн кэбиһэ-кэбиһэ, тугу эрэ кэпсиир В. Яковлев