Перевод с якутского
килбиэн
аат тыл, даҕааһын
Нууччалыы блеск, сияние чего-л. очень яркого; отблеск лучей
Ис хоһооно · 5
1 аат тыл #
Туох эмэ сырдык күлүмүрдээһинэ, сандааран көстүүтэ; сардаҥа туохтан эмэ тэйэн чаҕылыйыыта (үксүгэр күн, ый туһунан этэргэ)
Нууччалыы Блеск, сияние чего-л. очень яркого; отблеск лучей (солнца, луны)
Кыраман хараҥа саҕахха, Килбиэнин ууга ыһыкта, Эдэр ый үүнэн таҕыста. С. Данилов Күн -- Сандаара чаҕыллар килбиэнэ Кууланы күлүмнэппэт. И. Эртюков Күн киирэр килбиэниттэн кыыспыт былыттар түргэн баҕайытык халлаан устун усталлара. Г. Николаева (тылб.)
Өссө холобурдар (3)
Килбиэн ыйы ыллаары Кистээн көрө турбутум. П. Тобуруокап Үрэх дьэрэлик килбиэн долгуннара ый күлүгүн курустаал иһит курдук үлтү сынньан бытарыта ыһаллар. А. Федоров Сандаарыччы күлэ турбут күһүҥҥү килбиэн күммүт, кэмчиэрийэр, кыбыстар курдук -- санньылыччы көрөн истэ С. Федотов
2 аат тыл #
Күлүмүрдээн көстөр уһун синньигэс балаһа
Нууччалыы Блестящая узкая, длинная полоса чего-л
Хотуур иэдэһин курдук килбиэн улам кэтирээн истэ. Онтон Талба [үрэх] соҕотохто толору арыллан нэлэс гына түстэ. Амма Аччыгыйа [Баанча] оҥочотун суола, күөх килбиэн буолан, үс муннуктанан тараадыйар уонна кыараҕас үрэх икки кытылыгар иҥнэн түллэҥнии мөхсөр Л. Попов Ыарыһах таба муҥнаах үөрүттэн быстан, килбиэн туундара ортотугар соҕотоҕун охто сытар. Н. Заболоцкай
Өссө холобурдар (2)
Бу үрэҕи өрө батан, хайа арҕаһыгар, туох да ото-маһа суох ыраас килбиэн сири булаҕын. ХС Тэҥн. килбэҥ
3 аат тыл #
Хорсун, хайҕаллаах быһыы, албан аат
Нууччалыы Мужество, доблесть, слава
Быыһаныы бу күнүн килбиэнин Былаҕай былыта саппатын. Күннүк Уурастыырап Кугасчаан ол да буоллар тиһэх күнүгэр олох иһин охсуһууга килбиэнин көрдөрдө Н. Заболоцкай
4 даҕааһын #
Чаҕылхай, күлүмүрдээн көстөр
Нууччалыы Блестящий, сверкающий
5 даҕааһын #
Туох да ото-маһа суох, ыраас
Нууччалыы Без какой-л. растительности, чистый, гладкий