Перевод с якутского
бэрис
туохтуур
Нууччалыы делиться, поделиться чем-л. с кем-л
1 туохтуур #
Бэйэҕэр баартан тугу эмэ кимиэхэ эмэ босхо биэр
Нууччалыы Делиться, поделиться чем-л. с кем-л
Аһыырбыт быһынна, абаҕам оҕонньор оччугуйда эмэ тарда бэрис диэ, эттэ, арыыта аҕал диэмэ, дьэ онно бэйэтэ сыаналаан тугу эмэни биэриэҕэ, баҕар. МНН. [Баһылай:] Таҥара от чааһынан быйыл айахпар сиири бэристэ. А. Софронов Миэхэ хаҕыс айылҕа Бэрсэр сааскы киэргэлэ, Саха буолан буоллаҕа, Санаабар олус кэрэ С. Данилов
2 туохтуур #
Хардарыта сутуругунан охсус
Нууччалыы Драться на кулаках. [Бухатыырдар] Сүнньүгэ бэрсибиттэрэ, Сүрэххэ түһүспүттэрэ, Уһун сула батастара Иэмэх талах курдук Эриллэн хааллылар
П. Ойуунускай
П. Ойуунускай
3 этии #
Нууччалыы Договориться, дать слово друг другу
Тыл бэрис - кэпсэтиһэн сөбүлэһиигэ кэл Төрөөбүт дойдуну харыстаан Тыыны да уурарга тыл бэрсиэх. Күннүк Уурастыырап [Вера:] Суох, Куонаан, Сибиэтэ биһикки бэйэ-бэйэбитигэр тыл бэрсэн турабыт, иккиэн биир күн сыбаайбаланыахпыт диэн. С. Ефремов - Оччоҕо чып кистэлэҥ -Чып кистэлэҥ, - Инньэ дэһээт, мэктиэ тыл бэрсэн, Илии тутуспуттара. И. Федосеев
Өссө холобурдар (2)
Уҥа-хаҥас бэрис - үлэҕэ, күрэхтэһиигэ, мөккүөргэ о. д. а. кимниин эмэ утаа-сабаа, тэҥ соҕус буол. Θ Быть почти на равных с кем-л. в работе, соревновании и т. п. Бу сырыыга баҕас Костя уҥа-хаҥас бэрсэн хаалар баҕайыта ини. Н. Заболоцкай Мин куоталаһыыны көҕүлүү сылдьыбыт өрөспүүбүлүкэ биллиилээх механизатор отчуттарын Исаковы, Львову, Большакову, Иванову кытта сирэй куоталаһыыга киирсэн уҥа-хаҥас бэрсэн иккис, үһүс миэстэ буолсан оттоһо сылдьыбытым. “Кыым”. Уокка ас бэрис - былыр дьиэ, аал уот, сир-дойду иччилэрин санааларын табар, манньытар туһугар тоҥсук аһы аһыах иннинэ алҕаан, ас үрдүн уокка кут, биэр. Θ В старину: обряд задабривания духов домашнего очага, местности путем “кормления огня”. [Эдьиийдиилэр] саамай бастыҥ астарын аһыыллар, алгыы-алгыы, уокка ас бэрсэллэр. Эвен фольк