Перевод с якутского
кутаа
аат тыл, даҕааһын
Нууччалыы большой костер из сложенных в кучу дров
English campfire
Ис хоһооно · 4
1 аат тыл #
Элбэх маһы өрөһөлүү мунньан таһырдьа оттуллубут уот
Нууччалыы Большой костер из сложенных в кучу дров
Тумулга тахсан, бүтүн кутаа оттон, чэйин өрө, иттэ олордо. Н. Заболоцкай Хаппыт куруҥаны охторон киллэрэн, быһыта сынньан кутаа оттубуттара И. Федосеев
2 аат тыл #
Сэрии, кыргыһыы, кылаассабай охсуһуу күүһэ, сэриилэһэн элбэхтик ытыалаһыы
Нууччалыы Сила, пыл, острота войны, боя, классовой борьбы; сильная пальба во время боя. [Манчаары] Олох сыырын туруорутунан дабайбыт
Охсуһуу кутаатын кыһатыгар умайбыт. Күннүк Уурастыырап Киллэмҥэ, Майаҕа, Төхтүргэ – хайаҕа Тоҥ буору түөрэммит окуопа хаспыппыт, Булуҥҥа, Бүлүүгэ, Тааттаҕа, Аммаҕа Атаака оҥорон кутааны аспыппыт С. Васильев Маайа атахтара кутаа уотунан кутан барда, били Дьиэрбиннээххэ хаарга сыппытыгар үлүппүт тарбахтара быһыта ыллылар Эрилик Эристиин
3 даҕааһын #
суолт. Уот салаан эрэрин курдук күүскэ ыалдьар
Нууччалыы Обжигающий огнем (о боли)
4 #
Өртөөһүнү ыытарга уматыллар туоһу кыбытарга анаан төбөтө тыырыылаах ураҕас
Нууччалыы Шест с расщепленным концом, в который вставляют бересту, поджигаемую для пускания пала
Хатыҥ ураҕаска биир өттүгэр туоһу кыбытан кутаа оҥорорбут