Перевод с якутского
отуу
аат тыл
Нууччалыы шалаш
English a grass hut
Ис хоһооно · 6
1 аат тыл #
Нууччалыы шалаш
English a grass hut
отуу тутун поставить себе травяной шалашto build oneself a grass hut
2 аат тыл #
Нууччалыы огонь; пожар; костёр
English fire, bonfire (in a field)
отуу уота костёрbonfire
3 аат тыл #
Быстах кэмҥэ (хол., бултуу, оттуу сылдьан) олорорго тутуллубут хахха
Нууччалыы Конусообразный шалаш, используемый, как временная стоянка охотниками или сенокосчиками
Хатырык отуу. От отуу. От сабыылаах ураһа отуу ойоҕоһугар күөх буруо унаарыйар, кыһыл төлөн кытыастар. Күннүк Уурастыырап Сүр тиэтэлинэн аҕылаан-мэҥилээн, киһитигэр тиийэн кэлбитэ, доҕоро саҥата суох отуу уҥуоҕун туруора сатыы сылдьар эбит. Н. Заболоцкай
Өссө холобурдар (1)
Дьону батыһан, саар куолакалы баран көрдүм. Улахан төгүрүк ураһа отуу саҕа М. Доҕордуурап
4 аат тыл #
Тохтуур, сынньанар сир, хонор сир
Нууччалыы Становище, стан, место привала, стоянки, ночевки
Отууга уот оттор бэрт эбит. Күннүк Уурастыырап Ампаар дьиэлээх, оһохтоох, Ардах хоппот сарайдаах, Окко холкуос тэрийбит Отуутугар кэллибит И. Петров
5 аат тыл #
түөлбэ. Отуу уота, кутаата
Нууччалыы Огонь, разведенный в поле, костер
Ортолоругар отуу, кутаа уоту оттуохтара. Саха фольк Отуу уота умайда, кэрэ наҕыл сыт охсулунна. Амма Аччыгыйа Хара киис талба түүтүнэн Халлаан аргыый сабылынна, Халыйан кэллэ хараҥа түүн, Отуу уота умулунна П. Тобуруокап
6 этии #
Нууччалыы Шалаш, открытый с одной стороны
Кэлтэгэй отуу - аҥаар өттө аһаҕас отуу Тахсан хайа чоҕулдьуоругар баар кэлтэгэй отууга тиийбиттэрэ.
Суорун ОмоллоонКөҥүс иһинээҕи кэлтэгэй отууга киирэн, күнүскү чэйгэ бэлэмнэммит маска уот аста. М. Доҕордуурап Ср. тюрк. отак, отаҕ ‘шалаш, балаган, палатка, юрта’