ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

төлөн

аат тыл, даҕааһын

Нууччалыы огонь

Ис хоһооно · 6
I

1 #

төлөө диэнтэн атын. туһ. Харытыана икки ыйдаах хамнаһа төлөммөт буолла. П. Ойуунускай. Төлөннө Ийэ сиргэ иэһи Ыраастык, чиэстээхтик. Баал Хабырыыс. Ылбыт иэс төлөнүөхтээх. Н. Павлов

II

2 аат тыл #

Туох эмэ умайыыта, умайан уот буолан көстүүтэ

Нууччалыы Огонь, пламя

  • Мөлтөөн иһэр уот төлөнүн наһаа күүскэ үрэн, умуруоран кэбиһиэххин эмиэ сөп.
    Амма Аччыгыйа
  • Никифоров өндөйөн көрбүтэ, кини иннигэр буруо, төлөн өрүкүйэр, уот кытыастар.
    С. Васильев
  • Былыр-былыргыттан баччааҥҥа диэри, хас эмэ үйэлэр тухары, саха киһитин оһоҕун төлөнө өспөтөҕө, өһүө да суоҕа
    ХС

3 аат тыл #

Туох эмэ олус сырдаан, сандааран көстүүтэ (ханнык эмэ айылҕа көстүүтүн, хол., күн, дьүкээбил, саһарҕа туһунан)

Нууччалыы Яркий свет от чего-л., сияние чего-л. (напр., о солнце, северном сиянии, зареве)

  • Халлаан чахчы сырдаан, күн төлөнө уҥуоргу тыа кэтэҕинэн сандаара тыган муус түннүктэринэн киирэн, балаҕан иһигэр уот сырдыгын баһыйда.
    А. Софронов
  • Күһүн барахсан сап-саһархай, ыыс араҕас төлөнө улам күүдэпчилэнэн, мутуктан мутукка ойуолаан, мутуктан мутугу өрө салаан истэ.
    Н. Заболоцкай
  • Дьүкээбил төлөнүн көрө, Саҥата суох хайгыы, сөҕө Биир түүн биһи Ньукулайдыын Дьиэлээн дэгэйэн истибит
    А. Бэрияк
Өссө холобурдар (3)
  • Биһиги Граммыт -- ис дууһатынан төлөн этэ.
    Суорун Омоллоон
  • Көрөргө туох да уратыта суох дьон. Уратылара – төлөн сүрэхтэрэ буоллаҕа.
    С. Федотов
  • Уохтаах кымыс утаҕы Ыймахтааммын ханнарбын, Уоттаах төлөн тыллары Ыллыыр-туойар буолларбын
    А. Абаҕыыныскай

4 аат тыл #

Үрдүк күүрээн, омун, уох

Нууччалыы Душевный подъём, порыв, энтузиазм, пыл, огонёк

  • Саатыы-кыбыстыы төлөнө Микиитэ сирэйигэр саба биэрдэ.
    Амма Аччыгыйа
  • Үөрэх кыһатыгар уһаарыллыбытым, Үлэ төлөнүгэр хатарыллыбытым!
    С. Васильев
  • Сибиир дьонноро Аҕа дойду туһугар туох баар кыахтарын, сүрэхтэрин төлөнүн бүүс-бүтүннүү биэрбиттэрэ
    Кыым

5 даҕааһын #

суолт. Үрдүк күүрээннээх, омуннаах, уохтаах

Нууччалыы Пламенный, пылкий, горячий (напр., о сердце, слове)

6 этии #

Нууччалыы Ярко-красный, огненный, пламенный

Этиилэр

Кыһыл төлөнүнэн илгиһин

кутаа уотунан илгиһин диэн курдук (көр илгиһин).

  • Суостаах тааҥкалар - - кыһыл төлөнүнэн илгистэллэр.
    С. Никифоров
  • Кыыһар (кытыастар, кыһыл) төлөн поэз. – кытыаста умайар уот курдук чаҕылхай кыһыл өҥнөөх Улахан тыйаатыр тас өттө кыһыл төлөнүнэн кытара кыыһан, аалай барык сардаҥанан тумаҥҥа оргуйан, кытаран, сандааран көһүннэ.
    П. Ойуунускай
Өссө холобурдар (3)
  • Кыайыы сырдыыр халлааныгар Кыыһар төлөн былааҕы көтөҕөллөр.
    Т. Сметанин
  • Аалай хааным тохтубута Россия дэхси хонуутугар, Кыһыл төлөн сибэкки буолан, Кыыһа үүнэр буоллаҕына, – Син биир этиэҕим Сирдээҕи дьолу билэбин диэн.
    Т. Сметанин
  • Ср. тюрк. түлэ ʻпылатьʼ, монг. дөл ʻпламяʼ, бур. дүлэҥ ʻпламяʼ

«Т» буукуба