Перевод с якутского
баһаар
аат тыл
Нууччалыы базар, рынок
English market
1 аат тыл #
Дьон тоҕуоруйар сиригэр атыыны-эргиэни тэрийэр сир
Нууччалыы Базар, рынок
Кини хас күн аайы куорат баһаардарыгар дьаарбайар. В. Ойуурускай Баһаар дьоно туманнаах сарсыарда күөлгэ уста сылдьар үөр кус курдук, быыл ортотугар айманаллар. Эрилик Эристиин Бу дойдуга, куорат курдук, бар да баһаартан талбыккын ылбаккын С. Ефремов
2 этии #
Көтөр баһаара - муора кытыыларыгар көтөр хойуутук мустан үксүгэр тааска төрүүр-ууһуур миэстэтэ Бу бэйэлээх көтөр баһаара дойду кырбый кынаттаахтара бу кэмҥэ биир улуу кыһалҕанан - көй боллох уйаларын маныыллар. “ХС”. Сайыҥҥы кылгас кэмҥэ үгүс уу көтөрдөрө кэлэннэр, үрдүк очуос таастаах биэрэктэргэ олохсуйаллар, көтөр баһаардарын үөскэтэллэр. КВА МГ
Нууччалыы Место массового гнездовья морских птиц на прибрежных скалах, птичий базар
3 аат тыл #
Уот барыыта, ойуур, дьиэ-уот умайыыта
Нууччалыы Пожар. Тыа баһаара. Баһаары утары охсуһуу. Баһаар уотуттан ситэ сырдатыллыбатах халлааҥҥа сулустар тыалырҕаабыт чүмэчи уотунуу чипчилиҥнэһэллэр. М. Доҕордуурап. Туох үлүгэр ыксалай! Баһаар буолла дуу, оҕоҥ ыарыйда дуу? Софр. Данилов. Иирэлээх эбэ алааска Отчут күөстэммит отуутуттан Улахан баһаар барбыт. С. Васильев