ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

кута

аат тыл

Нууччалыы глубокое топкое болото с тонким слоем дерна на поверхности, трясина

English swamp

1 аат тыл #

Үрдүнэн чараас кырыс саба үүммүт дириҥ уулаах дьэбэрэ

Нууччалыы Глубокое топкое болото с тонким слоем дерна на поверхности, трясина

  • Аҕалара уста көһөр куталаах кэҥэс күөл кытыытыгар саха хотуурунан от охсор.
    Күннүк Уурастыырап
  • Дьадаҥы буоллаҕына биир ынахтааҕа бииринэн, сайылыга суох буолан, кута кылыһын тиниктэһэ сылдьан, кутаҕа түһэн өлөрө
    Күндэ

2 аат тыл #

Туох эмэ түөрэккэйэ, эрэлэ суоҕа (хол., киһи олоххо тирэҕэ)

Нууччалыы Что-л. зыбкое, ненадежное (напр., о неустойчивости жизненной позиции человека)

  • Эн тирэҕиҥ диэн кута, ол кута эйигин бүтүннүү оборон турар буолбат дуо?
    С. Ефремов
  • Эвенк., эвен., нег. кута

3 этии #

Нууччалыы Осока топяная

Этиилэр

Кута үкэрэ

куталаах сиргэ үүнэр үкэр (от) Саха сирин үкэрин сорох көрүҥнэрэ (кута үкэрэ, икки тычыыҥкалаах үкэр, уу үкэрэ о.

  • д. а.) эмиэ ордук элбэх азотистай бэссэстибэлээхтэрэ билиннэ.
    ЕАД СССАБ

Кута хараҕа

кута кырыһынан ситэ саба үүммэтэх, аһаҕас миэстэтэ.

"Окно" в трясине.

  • [Антон] сөһүргэстээн, быарынан сыылан истэ. Кута хараҕар түһэн иһэн өрүһүннэ. Т. Сметанин

«К» буукуба