Перевод с якутского
кут
аат тыл, туохтуур
Нууччалыы лить что-л. жидкое
English soul
Ис хоһооно · 6
1 туохтуур #
Туох эмэ убаҕаһы туохха эмэ сүүрт, сүөкээ, тох
Нууччалыы Лить что-л. жидкое (во что-л. или куда-л.)
Марба дьэс чаанньыгы остуолугар аҕалан, эригэр хара чэйи кутан биэрдэ.
КүндэТымныы чөчөгөйү аҕалан Ыстакааҥҥа кутта, Кус түөһүн таһааран Хобордооххо сылытта С. Васильев Хойуутук таммалаа (ардах туһунан). Θ Сильно капать, лить (о дожде). Уу самыыр уһуннук куппута, Улуу сир иһийэн сыппыта. Күннүк Уурастыырап
Өссө холобурдар (1)
Этиҥнээх ардах миигин эккирэппит курдук саба сүүрэн тахсан, ыаҕастаах уунан кутар курдук түстэ Т. Сметанин
2 туохтуур #
Туох эмэ бытархайы, үлтүркэйи (хол., кумаҕы, туораах бурдугу, тууһу о. д. а.) туохха эмэ ук, хаалаа эбэтэр сүөкээ
Нууччалыы Насыпать, всыпать что-л. сыпучее во что-л
Кини били комбайнтан саккыраабыт туораах бурдугу миэлиҥсэ таһыгар кутан биэрэр.
Суорун ОмоллоонБаарсаларга тууһу бэрт түргэнник куталлар эбит И. Данилов тугу эмэ эбэтэр кимнээҕи эмэ тиэйэн иһэн аара эбэтэр тиийиэхтээх сиригэр түһэр, сүөкээ. Θ Высадить кого-л., разгрузить что-л. по пути или в назначенном месте. Өстөөх лүөччүгэ туох буолан алҕаһаабыта эбитэй, көмөҕө илдьэн испит саллааттарын, эписиэрдэрин бөлөҕүн биһиги дивизиябыт ыстааба турар сиригэр кутан кэбиспит этэ И. Никифоров
3 туохтуур #
сөбүлээб. Олус элбэҕи төлөө (уопсай ылыллыбыт нуорматтан быдан таһынан)
Нууччалыы Платить за что-л. чрезмерно (обычно намного выше установленных норм)
Дьэ, ол кэмҥэ Сабардам Күүрээн кыыһын – билиҥҥи эмээхсинин Илибиэтэни – ойох кэпсэтэр, элбэх халыымы-сулууну кутар. Болот Боотур Ыаллыы олорор нэһилиэктэн Ыар сыаналаах халыым кутан, Аҕабыыкка бэргэһэлэтэн, -- Дьиэлэригэр тиийэн кэлэллэр Дьуон Дьаҥылы
4 туохтуур #
поэт. Күүскэ тык, сардаҥар (күн сардаҥатын туһунан)
Нууччалыы Испускать свет, лучиться
Бэртээхэй диэн туолбут ыйбыт, Бу сир муҥун билиммэттии, Ыраах халлаан куйаарыттан Ыйдаҥатын кутар этэ. Күннүк Уурастыырап Күн Ламма илиҥҥи ии хайаларын кэтэх өттүттэн кылбайа ойон тахсан, кыһыл көмүс сардаҥатын өрүс уутугар кутта. М. Доҕордуурап Тюрк. куй
5 аат тыл #
, итэҕ. Киһи ис туругун (психическэй) эйгэтэ, өйүн-санаатын, күүһүн-уоҕун, олоххо дьоҕурун бигэ, хамсаабат туруктара. Киһи үс куттаах: буор кут, салгын кут, ийэ кут. Бу үс суол кут бары киһини кытта бииргэ баар эрэ буоллахтарына, кини чэгиэн, өлүөр сылдьар, оттон биирэ эмэ араҕыстаҕына (хол., куттанан салгын кута ыстаннаҕына, көттөҕүнэ), киһи ыалдьар, мөлтүүр
Нууччалыы Психическая сфера человека, стойкость его духовного и телесного состояния, жизнеспособности, душа
Кут состоит из трех частей: земля-душа, воздух-душа, мать-душа. Только при наличии всех трех элементов души человек чувствует себя здоровым, при временном отсутствии одного из них (напр., при сильном испуге может отлететь воздух-душа) человек испытывает недомогание. Ахтар айыыһыттар ийэ кутун иккилээх харчы саҕа иһэгэйгэ иҥэрэн илдьэ киирбиттэригэр -- салгын куту самсыы дьалбыйбыттар, буор куту холбуу бохсуруйбуттар.
Өксөкүлээх ӨлөксөйБуор куппун Буор ийэ ылбатын, Ийэ куппун Ийэ сир иҥэрбэтин. А. Софронов Кыталык ырыата, Манчаары күлүүтэ Кыргыттар куттарын долгутар да этэ. Т. Сметанин
Өссө холобурдар (1)
Тюрк. кут
6 этии #
Нууччалыы Сильно волноваться, беспокоиться, не находить себе места
Этиилэр
Кута куртаҕар түстэ көр куртах
Кута-сүрэ долгуйда
олус айманна, тулуйбат, тэһийбэт буолла Үрдүк тыам барахсан Үтүө сиэдэрэй симэҕэ үлтүрүйэн, -- Курулуу кууран Куруҥ тыа буолбута Куппун-сүрбүн долгуттаҕа үһү.
С. Зверев.
Кута-сүрэ тостубут
санаата түспүт, санньыйбыт.
Быть в подавленном состоянии, расстроиться.
Кинини кулубаҕа талбатахтарыттан ыла сүрэ-кута тостубут. Н. Якутскай Кокоринов, кута-сүрэ тостон, сууттанааччы курдук туттан, хомуньуустар иннилэригэр олорунан кэбистэ. А. Федоров
Кута-сүрэ тохтообот
тэһийбэт, тэһииккиир, киһи тэһийбэт (сирэ, дьиэтэ).
Неуютный, скучный, навевающий скуку, тоску (о доме, местности).
Бу дьиэҕэ тоҕо кутуҥ-сүрүҥ тохтообот буолла? А. Софронов Урукку Дьаакыбылаптаах өтөхтөрө буолбатах. Урут хайдах эрэ киһи кута-сүрэ тохтообот буолара. Н. Якутскай
Кута ыстаммыт
соһуйан куттаммыт. Былыргы сахалар өйдөбүллэринэн, оҕо соһуйдаҕына, кута, холобур, салгын кута ыстанар, оччоҕуна кини ыарыһах буолар.
Сильно испугаться, оцепенеть (от неожиданности). По представлениям древних якутов, если ребенок сильно пугается, то у него может выскочить воздух-душа, тогда он может заболеть.
Саллааттар уолуйан, куттара ыстана сыспыт, куттаммыттар – төттөрү сырсан хаалбыттар. Суорун Омоллоон