ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

салаа

аат тыл, туохтуур

Нууччалыы проводить по чему-л. языком, лизать, облизывать, вылизывать

English branch

Ис хоһооно · 14
I

1 туохтуур #

Тугу эмэ тылгынан таарыйан ыл, таарыйталаа

Нууччалыы Проводить по чему-л. языком, лизать, облизывать, вылизывать

  • Ынах оҕотун салыыр.
  • Мөкүөйэ харах эмчитэ, кини салаан эмтиир.
    Суорун Омоллоон
  • Борбуос миигин эккэлии көрсөр, илиибин салаары гынар.
    Н. Якутскай
Өссө холобурдар (4)
  • Дьиэ хаҥас өттүгэр биир маҥан тарбыйах -- туос ыаҕайаны салаан тордурҕатар
    Күндэ
  • Тугу эмэ оннук тылгынан сотон сиэ. Θ Есть что-л., подбирая языком; лизать, слизывать. Тэриэлкэни салаа.
  • [Кыыс] сирэйигэр суорат кутан салыаҥ суоҕа (өс ном.). Кутуйахтар үтүрүһэ-үтүрүһэ хааһыны салаан киирэн бардылар.
    Т. Сметанин
  • Холкуос -- боруода ынахтара тураҥы салыыллар
    А. Фёдоров

2 туохтуур #

Төлөнүнэн хаарый, таһын умат, сиэ (уоту этэргэ)

Нууччалыы Опалять, обжигать (о пламени)

  • Сыгынньах атахтарын төлөн улаханнык салаабыт быһыылаах, собо хабаҕын курдук хабыллыталаан хаалбыттар.
    И. Гоголев
  • [Уот] тиити өрө салаан күүдэпчилэнэн таҕыста
    Суорун Омоллоон
  • Быыстала суох ытыалаһыыттан уотунан кутаалан (сэриигэ кыргыһыы туһунан). Пылать огнём, лизать (о пожаре войны, огне вражды). Сэрии уоттаах тылынан сири-халлааны салыыр
    Т. Сметанин

3 туохтуур #

Тугу эмэ төлөн курдук хайыта солоон, хайыта курбуулаан сырдат

Нууччалыы Освещать пламенем, лучами, пылать во тьме (напр., о свете прожекторов)

  • Араас суол өҥнөөх Аракыата уоттара Халлаан үрдүк таһаатын Хайыта салаатылар.
    Күннүк Уурастыырап
  • Кутаа уота улахан баҕайы кып-кыһыл тылларынан хараҥаны салыыр.
    Л. Попов
  • Прожектордар уу кырсын бүтүннүү дьукку салаан ааһаллар
    Г. Колесов

4 туохтуур #

поэт. Дьалкыйан, чалымнаан сабыта охсуолаа (долгуну этэргэ)

Нууччалыы Окатывать, обдавать (о волне); лизать. [Муора] кумах тааһы өрүтэ салаан ылыталыыр

  • Кини атаҕын анныгар Хотугу акыйаан сытара, Хайа тэллэҕин салыыра, Тааһы дабайа сатыыра.
    М. Тимофеев
  • Отуу иннигэр чугас обургу төгүрүк күөл куула өттүнээҕи эмпэ туруору сыырдарын өрө салаан дьалкыйа оонньуу сытара көстөр
    Н. Заболоцкай

5 туохтуур #

Киһи күөмэйин, куолайын хаарыйан аһыт (туох эмэ аһыыны этэргэ)

Нууччалыы Жечь горло (о чём-л. горьком)

  • Пираттар уонна Хоруоллар тапталлаах арыгылара Бииктэр куолайын уотунан салаабытынан киирдэ.
    Л. Попов
  • Арыгы кураххай аһыы амтана күөмэйин ибис-итиинэн салаан киирбитэ
    П. Аввакумов

6 туохтуур #

Үүнээйини, сииги эс, кураанахтаа (хол., аһыҥаны, курааны, тыалы этэргэ)

Нууччалыы Уничтожать, опустошать урожай, иссушать почву (напр., о саранче, засухе, заморозках)

  • Алааскын аһыҥка сиэн эрэр, бэттиэмэ кырсыгар тиийбит, өр гыныа суоҕа, кубарыччы салыа.
    Болот Боотур
  • Саха сирин бүтүннүүтүн үрдүнэн иккис сылын сири-дойдуну кубарыччы салаабыт алдьархайдаах уот кураан турара. Софр. Данилов. Хаһыҥ хаарыан сайыҥҥы хампаны Хастыы салаан хагдарытара. Эллэй. Уоттуу салыыр хапсыыр тыаллар сир ньуурун супту үрэллэрэ. Г. Николаева (тылб.)

7 этии #

Нууччалыы Готовый дать отпор любому, какую бы опасность это для него ни представляло

Этиилэр

Сирэйин салаа көр сирэй

[Хоодуотап:] Мин эн курдук бэйэбиттэн үрдүк сололоох дьон сирэйдэрин салыы сылдьыбаппын. С. Ефремов. Уорда намырый, уоһахта салаа, уҥуохта көмүллээ фольк. - тугунан эмэ киирэн ыган-түүрэн барбыт киһини уоскутан этэр олук тыл.

Фольклорная формула для усмирения, успокоения разгневавшегося человека (букв. умерь свой гнев, вылижи молозиво, погрызи косточку).

  • [Таракаан:] Баа-баа, сарыыссаа, Саахарымсах Сахсырҕаа! Оргууй-эччин, Уорда намырый, Уоһахта салаа, Уҥуохта көмүллээ! Ол кэннэ Уоскуйан иһит: Ороспуойу да туттаргын Уоккун-күөскүн умуруор, Омуҥҥун харат! Күн Дьирибинэ. Уоттуу салаа кэпс. - тугу эмэ олус түргэнник, күлүмэхтик оҥор. Делать что-л. с невероятной быстротой. Уоттуу салаан түһэн үлэни түргэнник бүтэрэр-оһорор дьон эбиттэр.
  • Куоттаҕын аайы ол алларастыыр саҥа эккирэтэн, эбии ньиргийэн, тилэҕиттэн сатараан, уоттуу салаан сыыһа-халты харбаан истэ.
    Н. Заболоцкай
Өссө холобурдар (1)
  • Хастыы салаа кэпс. - тугу эмэ сиэн бүтэр, бараа (сүөһүнү, кыылы этэргэ). Съедать что-л. без остатка, вылизать начисто (о животном). Бу эһиги ынаххытын хайдах кыайа туппат ыалгытый? Кыбыылаах оппун эмиэ хастыы салаабыт. В. Ойуурускай

8 этии #

Уоһун хомоҕой салыыр кэпс. - саха өйдөбүлүнэн киһи киэһэ сыалааҕы сиэн баран уоһун соттубакка таһырдьа таҕыстаҕына, уоһа баас буолар П. Ойуунускай. Др. -тюрк. йалҕа, тюрк. йаламак, чылҕа, дьала

Нууччалыы По якутскому поверью, если человек после обильного с жирной пищей ужина выйдет на улицу, не вытерев губы, то губы покрываются мелкими язвами (это значит, что замасленные губы лижет особый дух жадности "хомогой"). [Маҥнайгы отчут:] Уоспутун хомоҕой салыаҕа, Уоспутун Оруос Баай көрүөҕэ, Уоран аһаабыккыт диэҕэ. (Бары уостарын күлүнэн соттоллор)

II

9 аат тыл #

Үүнээйи умнаһа арахсан хоһулаһа үүммүтэ; хос умнас

Нууччалыы Одно из прямых ответвлений ствола дерева или стебля растения; ветвь, ветка, отросток

  • Хатыҥ салаата. Биэс салаалаах бэрдьигэс от.
  • Атааннаах-мөҥүөннээх аан ийэ дойдуларын хаба ортотугар аҕыс салаалаах Аар Кудук Мас үүммүт эбит. Ньургун Боотур. От тиэйэр суол. Икки өттүгэр онон-манан биир эмэ салаа түспүт. Софр. Данилов. Витя тэйэ соҕус хааман өрө хантайан көрбүтэ, тиит аҥаар салаата муҥур эбит
    Н. Заболоцкай

10 аат тыл #

Туох эмэ биир төрүттэн салгыы туспа арахсан тахсан үүммүтэ, үөскээбитэ эбэтэр оҥоһук, тэрил онтон да атын хос тарбаҕа, арахсыыта

Нууччалыы Ответвление чего-л.; ветвь (напр., оленьих рогов или дороги), отрог (горы), доля (напр., лёгких и печени), зуб, зубец (напр., вил, вилки), хвост (напр., плети), конец (напр., звезды) и т. д

  • Таба муоһун салаалара. Тыҥа салаата. Кымньыы салаата.
  • Арҕаа диэкиттэн Адьарай биистэрэ Аҕыс салаа кутуруктаах Ала моҕой кыыл буолан Алдьатан киирдилэр. Нор. ырыаһ. [Маша] суһуоҕун икки салаа гына өрөр үгэстээх.
    М. Доҕордуурап
  • [Кырса] хорооно хастыы да салаалаах буолар.
    И. Федосеев
Өссө холобурдар (1)
  • [Скипидар] народнай медицинаҕа илиистиги, -- хабарҕа салааларын бааһырыытын уо. д. а. ыарыылары эмтииргэ туһаныллар. МАА ССКОЭҮү. Саян -- салаа хайалара көстөллөрө буолуо диэн өйүгэр оҥоро сатаан саныы истэ. М. Прилежаева (тылб.)

11 аат тыл #

Өрүскэ, үрэххэ ойоҕоһуттан киирэр кыра өрүс, үрэх

Нууччалыы Боковой приток реки, речки и т. п

  • Үрэх салаата. Үрүйэ салаата. Өлүөнэ улахан салаалара - Алдан, Бүлүү, Өлүөхүмэ, Витим өрүстэр.
  • Кэмпэндээйи - Бүлүү салаата, Онтон туус собуота кини орто сүүрээнигэр Сунтаартан алта көстөөх сиргэ сытар эбит
    И. Данилов

12 аат тыл #

Туох эмэ (хол., тэрилтэ, хаһаайыстыба, наука) бэйэтин иһинэн хайдыыта, туспа арахсар сороҕо

Нууччалыы Подразделение, часть, отдельная область чего-л.; отдел, отделение, сектор, отрасль, раздел

  • Оройуоннааҕы үөрэх салаата. Россия Наукаларын академиятын Сибиирдээҕи салаата. Норуот хаһаайыстыбатын салаалара.
  • Семён Семёнович үп салаатыгар ахсаан үлэһитэ.
    М. Доҕордуурап
  • [П. А. Ойуунускай] литература ити салааларыгар барыларыгар саха тылынан саҥа олоҕу уруйдаабыта.
    ХС
Өссө холобурдар (1)
  • Таба иитиитэ - биһиги сопхуоспут кылаабынай табаарынай салаата
    ХС

13 этии #

Нууччалыы В сочетании с отрицательной формой глагола или со словом суох "нет" имеет смысл "ни травинки"

  • салаа от - туохтуур буолбат форматын эбэтэр суох диэн тылы кытта ситимнэһэн, "от олох суох" эбэтэр "кыра да оту" диэн ис хоһоонноох туттуллар От үлэтин үгэнигэр ыалдьа сыппытым, инньэ гынан күөх сайын биир салаа оту быһа охсубатаҕым.
    А. Софронов
  • Эйиэхэ баҕас бэйэм дойдубуттан салаа да оту быһа тартарыам суоҕа.
    Суорун Омоллоон
  • Сир хараарыытын кытта тэҥҥэ салаа да ото суох хаалбыттар.
    С. Федотов
Өссө холобурдар (1)
  • Атырдьах салаатыныы (салаатын курдук, маһыныы) араҕыс - көр атырдьах

14 этии #

Нууччалыы Придаточное предложение

  • Салаа этии тыл үөр. - баһылатыылаах холбуу этиигэ киирбит баһылатар суолталаах судургу этии Туора салаа - салаа 3 диэн курдук. Бу туора салаа үрэҕинэн сатыы тахсыбыта.
    Г. Колесов
  • Ср. тув., хак. салаа ‘ветка’, тув, салбак, будук, алт. салаа ‘приток (реки)’, бур. һалаа, монг. салаа ‘ответвление, разветвление’

«С» буукуба