Перевод с якутского
мутук
аат тыл
Нууччалыы прутик; ветка; сук
English twig, branch, bough
1 аат тыл #
Нууччалыы прутик; ветка; сук
English twig, branch, bough
Holonym: мас (mas, “tree”)
2 аат тыл #
Мас лабаата
Нууччалыы Ветка, сук
Мутук булгу тоҥор, икки атахтаах дьиэттэн быкпат үлүгэрэ буолар. Н. Якутскай Чыычаах ааһа көтөн, иннинээҕи титирик мутугар тиийэн олорбута. Н. Заболоцкай Атын туора сиэтэн таһааран, талах мутугар ииллэ М. Доҕордуурап
3 этии #
Нууччалыы Очень высокий, большой
Этиилэр
Биир (хас да) мутук үрдүк көр биир
Аҕатынааҕар үс мутук үрдүк, Ааттаах киһи диэн билгэлииллэр. И. Гоголев
Мутугунан быраҕар муҥур үйэ көр муҥур 1
Мантыката даҕаны аҕата бокуонньук мутугунан быраҕар муҥур үйэтигэр мунньаахтаабыт баайын-дуолун кыайан тутар дуу, суох дуу?
Суорун ОмоллоонМутугунан быраҕар муҥур үйэбэр сырыым-айаным дууһабын дуоһуппута, сүрэхпин үөрпүтэ, сүргэбин көтөхпүтэ. ХС
Өссө холобурдар (1)
Киһи барахсан мутугунан быраҕар муҥур үйэтигэр саамай күндү дьоло -доруобуйата. "Кыым".
Силис-мутук тардан көр силис
Дьэ, ити курдук маҥнайгы саҕалааһын, үтүө кырыска түһэн, силис-мутук тардан барбыта. И. Артамонов Туох барыта саҕаланыылаах. Үчүгэй даҕаны, куһаҕан даҕаны кыраттан силис-мутук тардан барар. ХС
Өссө холобурдар (3)
Вениамин Миронов поэзията бу төрөөбүт төрүт сириттэн-уотуттан силис-мутук тардан үүнэр, бөҕөргүүр. "Кыым". Тиити төргүү мутугунан - олус үрдүк, улахан Тоҕус томторҕолоох тойон аар сэргэтигэр, тиити төргүү мутугунан холобурдаах, тэбэр тураҕас аттарын баайан кэбистэ. Саха фольк Көрдөҕүнэ, чаллах тиити төргүү мутугунан дьахтар. Л. Попов Др. -тюрк. бутах, бутых, тюрк. бутак, ботак, будак, пудак