Перевод с якутского
муҥур
аат тыл, даҕааһын
Нууччалыы лишенный верхушки, обрубленный; срезанный, укороченный
English weasel
Ис хоһооно · 6
1 даҕааһын #
Төбөтө тостубут; быстыбыт, сарбыллыбыт
Нууччалыы Лишенный верхушки, обрубленный; срезанный, укороченный
Витя тэйэ соҕус хааман өрө хантайан көрбүтэ, тиит аҥаар салаата муҥур эбит. Н. Заболоцкай [Бу ойуур] убаҕас муҥур тииттэрдээх сылбах курдук күөрэлэммит лааҥкы буолан хаалбыта С. Васильев Аҥаар илиитэ суох эбэтэр быстыбыт. Θ Однорукий или у кого рука отрублена. Муҥур илиилээх Ыстаарыстын диэн оҕонньор бассабыык саҕана мин баайбын тыллаан биэрбитэ С. Ефремов
2 даҕааһын #
Сотору кэминэн түмүктэнэн бүтэн, симэлийэн хаалар, кылгас (хол., үрэх, уулусса)
Нууччалыы Не имеющий продолжения (напр., о речке), тупиковый (об улице)
Ортотугар күөллээх муҥур үрүйэни түгэҕэ биллибэт халыҥ тыа иилээн турар. Амма Аччыгыйа Умса-төннө түһэн-түһэн баран, арай биирдэ өйдөөн көөртө -- быыкаайык бүтүннүү маар муҥур үрэх саҕатыгар кэлэн турар эбит. ХС Атыыһыт -- бүтүн биир уһун уулуссаны, өссө онуоха эбии кылгас муҥур уулуссаны Үрүҥ көмүс манньыатынан тэлгэтэр кыахтааҕа. Х. Андерсен (тылб.)
3 даҕааһын #
Саамай үрдүкү, кылаабынай
Нууччалыы Самый главный, главенствующий, основной
Бу кыыс дьиэтигэр-уотугар муҥур хотун үһү. Софр. Данилов. Лэкиэ, кырдьык даҕаны, улахан баай-тот олохтоох, дойдутугар муҥур баһылык буолбут киһи. Болот Боотур [Тыл этэр кыыс] муҥур хотун курдук туттан, сүр сытыытык саҥарар. Мунньах дьоно чуумпуран, сүүгээн-сааҕаан ах барар Күннүк Уурастыырап
4 этии #
Нууччалыы Не сквозной, имеющий предел живот
Муҥур ис элэк. - бүтэй, тэһэҕэһэ суох туолар кэриҥнээх ис Ынахтар муҥур истээх буоллахтарына сыл тахсар отторо оттонно ини. Далан "Хайа муҥун, муҥур ис туолар кэмэ буолан барда," - диир уһун ньолбоҕор сирэйдээх уол. Р. Кулаковскай Муҥур истэрин толорор мөккүөрүгэр куруутун ону-маны чүүччэйэн-түөрэн аһыы-сии сылдьар эһэлэр, киһи курдук икки атахтарыгар туран көрөллөрө. ХС
Өссө холобурдар (7)
Муҥур куруҥах киһи түөлбэ. - оҕото суох, сатаан оҕолонор кыаҕа суох киһи. Θ Человек, от природы неспособный к деторождению. Муҥур уһукка тиий (киир) - хайдах да атыннык оҥорор, быһаарынар кыаҕа суох буолан күһэллиинэн эрэ оҥорорго, быһаарарга тиий. Θ Дойти до крайней степени (отчаяния), до критического, безвыходного положения. Евграф оҕонньор тулуйа сатаабыт тулуура муҥур уһугар тиийэн, дьону тоҕо дьулуруйан терраса анныгар тиийбитэ. Эрилик Эристиин Муҥур уһуктарыгар тиийэн холкуостарын биир тыһаҕаһын өлөрөн сиэри гыммыттара да, онуоха санаалара, суобастара тиийбэтэ.
Г. КолесовСуоппардар муҥур уһукка тиийэн, забастовкалыырга күһэлиннилэр. "Кыым". Муҥур уһукка тириэрт - кими эмэ олох ыксаллаах, ыарахан балаһыанньаҕа тэп, хайдах да буолар кыаҕа суох гын. Θ Довести кого-л. до крайнего отчаяния, ставить кого-л. в безвыходное положение. Миигин муҥур уһукка тириэрдэригэр тиийдэ. НАГ ЯРФС II. Муҥур ыраахтааҕы кэпс. - тугу барытын бэйэтэ билэринэн дьаһайар, барыга барытыгар тойоргуур киһи. Θ соотв. царь и бог. Тыгын диэн нуучча омук сахаҕа кэлиэн иннигэр олорбут, саха былыргы муҥур ыраахтааҕыта буолбут киһи. Саха сэһ. II. Сүөдэр дьиэтигэр муҥур ыраахтааҕы. Амма Аччыгыйа Куриль төһө даҕаны туундара муҥур ыраахтааҕытынан буоллар, үөрэҕи итиэннэ ойууннааһыны ылымматаҕа. С. Курилов Муҥур эмэһэтинэн буору хаһар кэпс. - тугу да гыммакка, тугунан да туһалааҕынан дьарыгырбакка, таах мээнэ бириэмэтин атаарар. Θ Бездельничать, праздно проводить время. Бачча уолу, үчүгэйдик иэнин оҥорон, сайынын, кыһынын, үлэлэппэккин. Хата, уолуҥ, сураҕа, ону-маны быһа чугдаара, муҥур эмэһэтинэн буору хаһа сылдьар үһү. МНН. Мутугунан быраҕар муҥур үйэ - киһи үйэтэ олус кылгас диэн этии. Θ Выражение сожаления по поводу краткости земной жизни (букв. человеческая жизнь - длиной с отброшенной веточки). Мутугунан быраҕар муҥур үйэҕин Көдьүүһэ суох ыытаҕын. Көргө-нарга барыыгын. Баал Хабырыыс Киһи мутугунан быраҕар муҥур үйэтигэр дьол диэн уот ыстанарын кэриэтэ түбэһээччи. М. Доҕордуурап Киһи үйэтэ олус кылгас - мутугунан быраҕар муҥур үйэ! А. Сыромятникова
5 этии #
Нууччалыы Необъятный, безграничный, бездонный
Муҥура биллибэт (көстүбэт) - олус улахан, киэҥ, түгэҕэ көстүбэт Муҥура биллибэт бороҥ биэ оҕотуттан аһаан улаатар үһү (тааб.: улахан үрэх, туора үрэх). Муҥура биллибэт муораҕа үрүҥ көмүс чааскы устан ааһар үһү (тааб.: күн). Биһиги кыраайбыт - сүүнэ улахан сис хайалар уонна муҥура көстүбэт тайҕа, быйаҥнаах кытыллар уонна нэлэмэн туундара. Умнуллубат к. Муҥура суох - олус элбэх, ахсаана биллибэт. Θ Бесконечный, в огромном количестве. Муора балыгын курдук муҥура суох элбэх модун ааллар мустан мөҥүөрүстүлэр.
Өксөкүлээх ӨлөксөйБыһыт олохтоох матырыйаалларынан, манна муҥура суох элбэх тааһынан уонна туой буорунан тутуллар.
Суорун ОмоллоонНоруот муудараһа - муҥура суох. П. Филиппов
Өссө холобурдар (2)
Муҥур кутурук түөлбэ. - сайынын кугастыҥы, кыһынын маҥан өҥнөнөр, кутуйах аһылыктаах кыра сиэмэх кыыл. Θ Ласка (зверек). Чааркаан хаппыт сиринэн кутурук быстан хаалбыт. Онтон ыла Лааскайга Кутурук үүммэтэх эбит. Ол иһин Лааскайы муҥур кутурук диибит. Баал Хабырыыс Муҥур сүөм - эрбэҕи көнөтүк, оттон сөмүйэни ортоку сүһүөҕүнэн токутан баран, атыччы тутуллубут кээмэй. Θ Расстояние между большим и согнутым средним пальцами (как мера длины). Ср. монг. мухар ‘комолый, куцый, кургузый, тупой; конец, предел’
6 аат тыл #
, түөлбэ. Майаҕастыҥылар аймахтарыгар киирсэр, хотугу оройуоннар күөллэригэр, өрүстэригэр үөскүүр сырдык хатырыктаах үрүҥ балык
Нууччалыы Чир. "Бу муҥур дьуукалата", - Лааһар суумкатыттан ылан остуолга уурар. Далан. Муксуун, муҥур, үүкү. Ити балыктарынан туундара ахса суох үгүс күөллэрэ олус баайдар. С. Руфов. Муҥуру иһин тыырбакка эрэ кэтэҕинэн бүтэйдии хостоон уҥуоҕун ылан баран хотордоххо "куйах" диэн ааттанар. "ХС"