Перевод с якутского
муҥунан
сыһыат, кэнники тыл
Нууччалыы во всю прыть, изо всех сил
Ис хоһооно · 4
1 #
Төһө кыах баарынан, туох баар күүһүнэн (ыстан, сүүр)
Нууччалыы Во всю прыть, изо всех сил
Кырдьаҕас ыт дьонун эккирэтэн муҥунан маҕыйыктанан ааста. Амма Аччыгыйа Муссерен ыта ардыргыы-ардыргыы муҥунан ыстанан кэлэн иһэн сыабыгар тартаран иттэни баран түһүтэлиир. Эрилик Эристиин Ойоҕун кытта эр киһи быһыытынан үчүгэй аҕайдык сэһэргэһиэн баҕаран, хонууга тиийиэн иннинэ ситэ охсоору, туох баар муҥунан сүүрэн испитэ М. Доҕордуурап
2 #
дьөһ
Олбуор муҥунан сибэккилэр Кыһыл, күөх уоттара кытыастар. С. Данилов Кыраай Сибиир иэнин муҥунан Кыһыл көмүс дэхсилии ыһылынна С. Васильев
3 #
Миэстэ сыһыанын бэлиэтээн, хайааһын туох эмэ иэнин тухары тарҕанарын көрдөрөр
Нууччалыы Выражая пространственные отношения, указывает на распространение действия на всю территорию чего-л. (на весь, на всю)
4 #
Хайааһын миэстэ сыһыанын бэлиэтээн, туох эмэ киэлитин, кээмэйин тобус-толору, тилэри тарҕанарын, оҥоһулларын көрдөрөр
Нууччалыы Выражая пространственные отношения, указывает на совершение, распространение действия на весь объём, пространство и т. п
Түөһүм муҥунан көҥүллүк тыынабын. И. Гоголев Сиикэй хаптаҕаһы айаҕын муҥунан симинэн баран курдурҕаччы ыстыыра.
Н. ЛугиновМаксим Ходоороп омуннаахтык хос муҥунан күлэн сатарытта ХС