ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

күдьүс

даҕааһын

Нууччалыы ровный; сплошной

Ис хоһооно · 4

1 даҕааһын #

даҕ

  • Ыраас күөҕүнэн ытыллар, күдьүс күөҕүнэн көҥүл холку күөгэлдьийэр.
    П. Тобуруокап
  • Хатастар үүнүүлэрэ үрдээһинин биир сүрүн төрүөтүнэн саҥа күдьүс бааһыналары оҥостубуттара буолла
    Кыым

2 даҕааһын #

Биир тэҥ; кэлимсэ

Нууччалыы Ровный; сплошной

3 даҕааһын #

Күн тура-тура биир, салгымтыалаах

Нууччалыы Повторяющийся изо дня в день, однообразный, скучный

  • Ыанньыксыт кыргыттар -- күннэтэ хатыланар күдьүс үлэттэн салгыбыттарын -- этэллэр
    ХС

4 этии #

Нууччалыы Безостановочно, непрерывно, не переставая, не прекращаясь; ровно

  • Биир күдьүс - 1) тохтообокко, биир тэҥник, быстыбаттык Бардар бараммат дэхси хонуу биир күдьүс нэлэһийэр.
    П. Филиппов
  • Кыһыл болуоссат. Дьон уһуга биллибэт субурҕата Мавзолейга устан барар. Кинилэри кытта биһиги биир күдьүс үктэһэн барабыт.
    П. Аввакумов
  • Сипсики Силиппиэн, көрдөөх сонун диэн күлбэккэ, кутурҕаннаах сонун диэн хомойбокко, биир күдьүс симик куолаһынан наҕылыччы кэпсиирин таптыыра. Л. Попов; 2) биир тэҥ, салгымтыалаах. Θ Непрерывный, монотонный; скучный, однообразный. Куорат тыаһа-ууһа улам аччаан, биир күдьүс бүтэҥи дорҕоон буолан Аянитов кэннигэр куугунуура. Софр. Данилов. Күн ахсын уларыйбат биир күдьүс олох устара.
    П. Филиппов
Өссө холобурдар (3)
  • Сыарҕалар сыыгыныы, кыыкыныы биир күдьүс ырыаны ыллаабыттара.
    И. Федосеев
  • Биир күдьүс буолан - барыта биир кэлим буолан, барыта биир көстүү буолан. Θ Как одно целое, монолит. Кини аргыһа Дьэллик ньыкыйыаҕынан ньыкыйан, бастыын-көхсүлүүн биир күдьүс буолан, хамсаабакка, нүксүллэн олорор.
    И. Никифоров
  • Кини арыычча атына диэн, сиһэ олус көнөтө бэрт этэ, моойдуун, кэтэхтиин барыта биир күдьүс буолан, -- хайыһар курдук чинэччи тарда сылдьар эбит. Н. Заболоцкай

«К» буукуба