ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

дэхси

даҕааһын, аат тыл, сыһыат

Нууччалыы гладкий; уровень; ровный

English smooth, level

Ис хоһооно · 11

1 даҕааһын #

Нууччалыы гладкий; уровень; ровный

English smooth, level

  • дэхси суол
    ровная дорогаa smooth [or level] road

2 даҕааһын #

Оллура-боллура суох, кылааккай, көнө ньуурдаах

Нууччалыы Гладкий, ровный (о поверхности)

  • Дьөгүөрдээн күлэн дэхси тиистэрэ килэриспитинэн уолун одуулаһар.
    Амма Аччыгыйа
  • Тоҕой сэлэ устуруустаммыт курдук дэхси ньуурдаах, быйаҥынан аатырбыт ходуһатын өбүгэ саҕаттан Бадаайаптар удьуордара бас билэллэр.
    Л. Попов
  • Массыына оҥоһуулаах дэхси суол устун элээрэн истэ
    Н. Лугинов
Өссө холобурдар (3)
  • Мин итини бэйэм ааспыт олохпун эргитэ санаан баран этэбин. Биир дэхси үчүгэй, олус үүт-тураан чуумпу олоҕу олорбут киһи, бука, ахсааннаах буолуо.
    С. Никифоров
  • Эһиил бурдук сириттэн дэхси кэриэтэ үүнүүнү ылар суолга үктэннибит.
    М. Доҕордуурап
  • Биэни бары сиргэ дэхси ыатыахха
    С. Васильев

3 даҕааһын #

Көнө сурааһын курдук, тэҥ (кэккэ)

Нууччалыы Прямой, ровный; равный по размеру

  • Дэхси хаамыынан чиҥник үктэнитэлээн, холкутук, күүстээхтик нэлэччи дайбаталаан, колонналар кэлэн олбуорга киирэллэр.
    Амма Аччыгыйа
  • Отучча булуук, бэрт элбэх тимир бараналар, субу үлэҕэ киирэрдии, биир дэхси кырылаабыттар
    А. Федоров
  • Эн суолуҥ дэхситэ-дэһимэҥ, Элбэх сыыс от суолбар сытара, Оҥооччу, тигээччи, күлүмэн, Эриллэр эриэн үөн да баара. Эллэй. Эрдээх дьоннуун аргыстаһан Суол дэхситин талымаар.
    С. Данилов
Өссө холобурдар (2)
  • Кинилиин [быраапсай киһилиин] дэхсигэ халтарыйыам. Ойуурга мунан муҥнаныам
    Л. Попов
  • Илларион Леонтьевич бэйэтин хорсун сырыыларын бүтүннүүтүн дэхси кэпсээтэҕинэ, ол олус уһун буолуох этэ
    ССХУо

4 даҕааһын #

Ханна баҕарар биир тэҥ, биир кэлим

Нууччалыы Сплошь одинаковый

  • Хабыс-хараҥа ортотугар уот умайан күндээрэрэ көрүөххэ кэрэ да буоллаҕа ээ. Аан дойду үрдүгэр дэхси ити курдук уот умайан олоҕу сырдатыахтаах.
    А. Софронов
  • Дэхси холбоһуктааһын баран, тыабыт хаһаайыстыбата бастыҥ техникалаах, баһаам элбэх массыыналах, биэс уон сопхуостаах, түөрт уон холкуостаах буолла
    Эллэй

5 даҕааһын #

Биир тэҥ (тыас туһунан)

Нууччалыы Равномерный

  • Иһирдьэ им-дьим сыттахтарына, таһырдьаттан дэхситэ суох, хоһооно иһиллибэт ырыа мөлтөхтүк доргуйан иһиллибитигэр, Попов хаһыаты ууммутунан баргыйа түстэ.
    Амма Аччыгыйа
  • Улуу куорат биир дэхси ньиргиэрэ, Үүммүт күнү айхаллыыр өрөгөйдөөх ырыата Сири сиигинэн эҥсиллэ дуорайар.
    А. Бэрияк
  • Хотуттар диэки өттүгэр [остуолга] биир дэхси кэпсэтэн чубугураһаллар. Л. Толстой (тылб.)

6 даҕааһын #

Холку (быһыы-майгы)

Нууччалыы Ровный, уравновешенный

  • Кини [Наташа] дэхси, холку, букатын уруккутун курдук, үөрэ-көтө сылдьар. Л. Толстой (тылб.)

7 даҕааһын #

Очура-чочура суох (олох, олох суола)

Нууччалыы Спокойная, размеренная (жизнь, жизненный путь)

  • Ийэлээх аҕата соҕотох оҕолорун суола көнө уонна дэхси буоларын туһугар туохтарын да харыстаммат этилэр.
    Н. Лугинов
  • Институкка киирэр суол биир дэхситэ, ньулууна суоҕа
    ЧЮМ ТӨК

8 аат тыл #

суолт. Көнө, оллура-боллура суох ньуур

Нууччалыы Гладкость, ровность

9 сыһыат #

Ханна баҕарар биир тэҥник

Нууччалыы Везде одинаково. [Оҕонньор:] Икки атахтаах эрэйи көрөөрү төрүүр диэн этэллэр

10 сыһыат #

Тугу да көтүппэккэ, барытын

Нууччалыы Все до единого, ничего не пропуская

11 этии #

Нууччалыы Равнина. Ташкентан тэйэн истэхпит аайы хайата суох көнө ньуурдаах дэхси сир тус арҕаа диэки сыыйа намтаан, кэҥээн, ыраатан көҕөрүмтүйэн көстүтэлиир. "ХС". Сир шарын ньуура эҥин араас сорох сирдэргэ уонунан килэмиэтиргэ дэхси сирдэр нэлэһэн сыталлар, сорохторго хаар, муус арҕастаах хайалар нөрүһэллэр. МНА ФГ. Дьон үлэлэрэ бадарааны уонна курааны кыайара. Дэхси сири ханааллар быһыта сүүрэллэрэ. КФП БАаДИ

Этиилэр

Дэхси сир

көнө, элбэх оллура-боллура суох ньуурдаах киэҥ нэлэмэн сир

«Д» буукуба