ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

дэхсилээ

туохтуур

Нууччалыы выравнивать, делать ровным, гладким

1 туохтуур #

Оллура-боллура суох оҥор, тэҥнээ, көннөр

Нууччалыы Выравнивать, делать ровным, гладким

  • Кини бэйэлээх [массыына] чочоруспут дулҕалары, ыдырыспыт ыарҕалары ыстаал ытыстарынан имэрийтэлээн дэхсилии, тэҥнии сылдьара.
    Амма Аччыгыйа
  • Таня былырыын титиигин аппатын дэхсилээбит өттүгэр, урут тахсан, дьукаах Аана ынахтарын баайталаабыта.
    М. Доҕордуурап
  • Прокопий, мастерогунан эркиҥҥэ устукатуурканы дэхсилии туран, ыҥырар саҥаны истэн, эргилиннэ
    В. Протодьяконов

2 туохтуур #

Саас-сааһынан бэрээдэктээ, сааһылаа

Нууччалыы Приводить в порядок, выравнивать

  • Бииктэр биэссэр ырыаны икки ытыһынан дэхсилииргэ, тэнитэргэ, хомуйарга дылы гынар.
    Амма Аччыгыйа
  • Нууччалыы хоһооннорго билбэт тыллара үгүс буолаллар да, ол аһаҕас аҥхалааттары Микиитэ бэйэтин сэрэҕинэн дэхсилээн өйдүүр
    Амма Аччыгыйа

«Д» буукуба