Перевод с якутского
сымыһах
аат тыл
Нууччалыы нижняя губа (человека или животного). [Кирилэлээх] тоҥмут омуннарыгар сымыһахтара сыстыспат, тиистэрин тыаһа лачыгырас буолбут
1 аат тыл #
Киһи-сүөһү аллараа уоһун аллараа өттө, төрдө
Нууччалыы Нижняя губа (человека или животного). [Кирилэлээх] тоҥмут омуннарыгар сымыһахтара сыстыспат, тиистэрин тыаһа лачыгырас буолбут
Ньукулай Дьөгүөрэбис үөрэн сымыһаҕа ыпсыбат буолла. Р. Кулаковскай "Сөөп-сөп. Куруускалыаҕыҥ!" – Чиэппэрдээх үөрүүтүгэр сымыһаҕа ыртаччы таппыт И. Никифоров
2 этии #
Нууччалыы Стараясь изо всех сил, что есть силы (букв. прикусив нижнюю губу)
Этиилэр
Сымыһаҕын быһа ытыран
1) сорунан, эр санааны ылынан, тулууру киллэринэн Уоһум ибигирээн барбыта, ону көрдөрүмээри сымыһахпын быһа ытыраат киэр хайыспытым. И. Гоголев. Киһи сымыһаҕын быһа ытыран баран, ынчыктыы-ынчыктыы, икки атаҕын, аҥаар илиитин соһон сыылбыта. Суорун Омоллоон. Бары сымыһахтарын быһа ытыран, тимир курдук тыйыһыран, саҥата суох олордулар. Г. Нынныров; 2) тугу да гынар кыаҕа суоҕуттан абаран, кыыһыран.
Раздражаясь, злясь на собственную беспомощность.
Мин тоҕо эрэ ытыах киһи буруйбун билинэн, сымыһахпын быһа ытырдым. Н. Заболоцкай Хаайтаран, абаран, сымыһахпын быһа ытырбахтыыбын. П. Аввакумов
Өссө холобурдар (1)
Кинээс, сымыһаҕын быһа ытыран, мэктиэтигэр хабырынан ылла. В. Протодьяконов