Перевод с якутского
сымыыт
аат тыл
Нууччалыы яйцо
English egg
Ис хоһооно · 6
1 аат тыл #
Нууччалыы яйцо
English egg
куурусса сымыыта куриное яйцоa chicken egg сымыыт уоһаҕа яичный желтокegg yolk
2 аат тыл #
Көтөрдөр уонна атын харамайдар үөскэхтэрэ буолар, ньолбоҕордуҥу төгүрүк быһыылаах чараас хах иһигэр сылдьар, белоктаах уоһахтан турар сыыйыллаҕас убаҕас
Нууччалыы Яйцо. Күндэли үрэх кытылыгар соҕотоҕун хаалан, сымыыт баттаабыт хоодуот хааһы Валерий Иванович кэрэхсии көрдө. Л. Попов. Чыычаах сымыыта бөҕөнү итигэстээтим, үтүлүкпүн толору хаалаатым. Н. Тарабукин (тылб.)
3 аат тыл #
ас аст. Ас көрүҥэ
Нууччалыы Яйцо как продукт питания
Дарыбыанаба суумкатыттан сымыыт бөҕөнү, халбаһыны, буспут эти, бэйэтэ туустаабыт тууччах өрөҕөтүн таһаарда. Л. Попов Ордук, сыалаах, соркуойдаммыт буоллун, сатаатар сыаҕа буспут сымыыты тото сиэбит киһи. М. Шолохов (тылб.)
4 аат тыл #
анат. Атыыр харамайдарга уонна эр киһиэхэ сиэмэ үөскэтэр быччархай
Нууччалыы Семенники (человека, млекопитающего)
Оҕус сымыыта түһэрин саһыл кэтэспитигэр дылы (өс хоһ.). Сымыыт да тутулуга араастаах. Сорох атыырдар [сылгылар] сымыыттарын быата уһун буолан, аллара түһэ сылдьар буолар АНП ССХТ
5 этии #
Этиилэр
Сымыыттааҕар бүтэй, балыктааҕар кэлэҕэй
балыктааҕар кэлэҕэй диэн курдук (көр балык).
Сымыыттааҕар бүтэй, балыктааҕар кэлэҕэй, Үрүҥ туҥуй, уу бүтэй Уол буоллун, баҕардар!
Өксөкүлээх ӨлөксөйБу, букатын саллар сааһын, үллэр үйэтин тухары биир алтан харчылааҕы эргинэн эбиммэтэх, сымыыттааҕар бүтэй, балыктааҕар кэлэҕэй киһи киэнэ муҥутуур кэнэнэ оҕонньор! Амма Аччыгыйа
Өссө холобурдар (1)
Сорох киһиҥ кирик-хорук туттан, сымыыттааҕар бүтэй, балыктааҕар кэлэҕэй буолан көһүннэр даҕаны, иһигэр бэйэтин дьиҥ баарынааҕар быдан улаханнык сананааччы ээ. Софр. Данилов
6 этии #
Нууччалыы Зародыш в яйце. [Сүөдэр] кыракый уҥуох көхсө, синньигэс моонньо, ыараханнык түөрэҥнээбит улахан төбөтө, күөх мэҥнэрдээх кубаҕай сирэйэ – барыта хайдах эрэ сымыыт иччитигэр маарынныырга дылы
Этиилэр
Сымыыт иччитэ
сымыыттан тахса илик көтөр оҕотун үөскэҕэ Амма Аччыгыйа.
Сымыытта баттаа
бэйэҥ сылааскынан сылытан оҕо таһаараары сымыыккын саба баттаан олор (көтөр туһунан).
Сидеть на яйцах (о птицах).
Улахан татыйык элбэх төрүөхтээх. Кини эрдэ уйаланар уонна уон иккигэ диэри сымыыты баттыыр. ББЕ З
Сымыыт уоһаҕа
үрүҥүнэн бүрүллүбүт сымыыт хойуу араҕаһа.
Желток.
Төрөөбүтэ сыл аҥаара буолбут оҕоҕо сүүрбэ
биэс уон грамм тобуруогу, сымыыт уоһаҕын (сиикэйдии эбэтэр бүтэйдии буһаран баран) аҥаарын сиэтиллэр.
Дьиэ к.
Сымыыт үрүҥэ
буһардахха маҥхайан кэлэр, сымыыт дьэҥкир өттө.
Белок (яйца).
Тирии бүрүөһүнү сиикэй сымыыт үрүҥэр илитиллибит сиэрис тирээпкэнэн ыраастаныллар. Дьиэ к. Ср. тат. йомырка, алт. дьымыртка, хак. нымырха ‘яйцо’