ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

уос

аат тыл

Нууччалыы губа

English lip

Ис хоһооно · 9
I

1 #

дьэбин уоһуй (уос) көр дьэбин. Маайа -- мичилийэ сылдьар бэйэтэ дьэбин уостара. Н. Якутскай. Үлэ киһитэ үөрэ-көтө сылдьар, Кыргыс киһитэ дьэбин уоһар. И. Гоголев

II

2 аат тыл #

анат. Киһи-сүөһү, көтөр-сүүрэр айаҕын кытыытынааҕы арыый халыҥ тириитэ

Нууччалыы Губа, губы

  • Уол үөһээ уоһун туора соттумахтаан кэбистэ.
    Амма Аччыгыйа
  • Ыарыытын тулуйа сатаан хараҕын быһа симтэ, алын уоһун хам ытырда.
    И. Гоголев
  • Михаил Иванович Таня илиитин уоһугар даҕайда.
    Н. Лугинов
Өссө холобурдар (1)
  • Киһим улахан баҕайытык көрөр, уоһа ибирдиир
    Т. Сметанин

3 аат тыл #

Ытар сэп-сэбиргэл буулдьатын аһарар турба курдук чааһа, оҥоһуга

Нууччалыы Часть огнестрельного оружия в виде трубы, через которую проходит пуля или снаряд по заданному направлению, дуло

  • Буҕаалтыр сүүһүн тыбыс-тымныы бэстилиэт уоһа хаарыйар.
    Н. Якутскай
  • Икки уостаах саа барахсан. Дьиэбэр маннык сэгэртэйим хаалбыта.
    Т. Сметанин
  • Эмискэ анараа диэкиттэн тыһыынча уос биирдэ өрө ньирилии түһэр: эмиэ ньиэмэстэр!
    ДАЛ УуУоО

4 аат тыл #

Туох эмэ дьөлөҕөһө, хайаҕаһа, туохха эмэ оҥо быһыы

Нууччалыы Углубление, выемка, желоб, надрез на чём-л

  • Аҕыс аһаҕас уостаах аҕыс атыыр сэргэни Алаарыччы анньан кэбиспиттэр.
    С. Зверев
  • “Көр эрэ, ол баҕана уоһугар чаһым турар, туохха эмэ түбэһэн, кэлбэтэхпинэ, кэриэс гынаар”, – диэбитэ кини.
    А. Сыромятникова
  • Дьиэ туттахтарына өһүөнү ууралларыгар баҕана уоһугар сылгы сиэлин кыбыталлар. “
    ХС

5 аат тыл #

Ким эмэ кэпсээнэ, тыла-өһө

Нууччалыы Рассказы, слова кого-л. [Одунча – Кулубаҕа:] Бу оҕо туох санааттан, туох буруйу-сэмэни оҥорбутун бэйэтин уоһуттан истиэхпитин баҕарабыт

  • Ити үһүйээн кэпсээни эн биһикки курдук тайҕаҕа сылдьар дьоннор уостарынан оҥорбуттар.
    И. Федосеев
  • Манна кэпсэммит түгэннэри барытын мин билэр дьоннорум уостарыттан суруйбутум
    П. Аввакумов

6 аат тыл #

Сүөһү аһылыга, айаҕа

Нууччалыы Прокорм, содержание скота. [Кыаһай оҕонньор] аҕабыыттаахтан сүөһү уоһугар ылбыт эргэ ырбаахытын арынан тараһатын тарбанна

  • Сайыҥҥы кэмҥэ сүөһүнү таах (мэнээк) ыытан уоһунан аһаталлара
    БСИ ЛНКИСО-193

7 аат тыл #

Ити сүөһүтүн уоһугар тугу биэрэр үһүнүй? "ХС"

8 этии #

Нууччалыы Невоздержанный на язык, болтливый (букв. имеющий открытые губы)

Этиилэр

Айаҕа (уоһа) аһылынна көр айах I

  • Доропуун оҕонньор уоһа аһыллан, кэпсии-ипсии түһүөх санаата кэллэ.
    Н. Заболоцкай
  • [Бытыа оҕонньор] уоһа аһыллан кэпсээн киирэн бардаҕына, туох да кыайан тохтоппот сэһэннээх, тойуктаах кырдьаҕаһа.
    ХС

Аҥаар уоһунан көр аҥаар

  • Бассабыыктары аҥаар уоспутунан хайҕыыбыт, аҥаарбытынан сирэбит.
    А. Софронов
  • Аһаҕас уостаах кэпс. – истибитин иһигэр туппат, кэпсии сылдьар Ити киһи аһаҕас уостаах, сэрэн.

Иккис уоһунан көр иккис

  • Биир уоскунан махтанаҕын, оттон иккис уоскунан киһи маанытын-күндүтүн, кэһиитин ылбаккын!
    М. Попов

Өрөөбүт уоскун өһүл көр өһүл

  • Өрөөбүт уоспун Өһүлэн, Хоммут уоспун Хоҥнорон, Оҕолорбор-биэбэйдэрбэр Олоҥхолоон да көрүүм…
    П. Ойуунускай
  • Ырыаһыт ыксыыр күнүгэр Өрөөбүт уоһун өһүлэр.
    Баал Хабырыыс
Өссө холобурдар (1)
  • Өрөөбүт уоһа (өһө) өһүллүбүт (хоммут уоһа хоҥнубут) көр өһүлүн. Өрөөбүт уоһум өһүлүннэ, Дьэбиннийбит күөмэйим дьэҥкэрдэ.
    С. Васильев

Саа уоһугар тур көр саа

  • [Харабыл тойоно:] Бирикээһи мас курдук толоруҥ!

Ким толорботох

саа уоһугар туруоҕа.

  • Ыар мүнүүтэлэргэ, бэл, саа уоһугар туран, дьоруойдар сарын-сарыннарыттан өйөһөн, өрөгөйдөөх ырыанан биир сомоҕолонон, өлөр өлүүнү хорсуннук утары көрсөллөрө дии.
    Э. Соколов

Саа уоһугар туруор

тирээн туран ытан өлөр.

соотв. ставить к стенке.

  • Хаанымсах бандьыыттар -- Эрилик Эристииҥҥэ өстүйбүт хара санааларыгар кини кырдьаҕас ийэтин, түөрт чугас уруутун, икки күтүөтүн саа уоһугар туруорбуттара.
    Н. Тобуруокап
  • Балаҕаччыга бандьыыттар учууталбытын саа уоһугар туруорбуттарын Сэмэн уу хараҕынан көрбүтэ.
    ХС
Өссө холобурдар (1)
  • Уос бааһа сүппэтинэн (төлөт) түөлбэ. – суолтатыгар, аатыгар эрэ (иэс хаалыаҕынааҕар туох түбэһэринэн төлөт). Чем ни попало, лишь бы не пропало (заставлять вернуть долг – букв. подобно тому, как не пропадает след от раны на губе).

Уоска бэрдэрбит (оҕустарбыт) курдук

эмискэ, соҕотохто (саҥата суох бар).

Внезапно, вдруг, неожиданно (замолчать – букв. как будто в губы ударили).

  • Саала иһэ, уоска бэрдэрбит курдук, чуумпура түстэ.
    В. Ойуурускай
  • Василий Макарович уоска оҕустарбыт курдук туран хаалла.
    А. Сыромятникова
Өссө холобурдар (1)
  • Аргыылап оҕонньор өрө баргыытаан иһэн, уоска бэрдэрбит курдук, ах барда.
    ХС

Уоска бэрдэрбиттии (оҕустарбыттыы)

уоска бэрдэрбит (оҕустарбыт) курдук диэн курдук.

  • Аҕабыыт уоска бэрдэрбиттии ах барда, тугу да булан эппэккэ, -- салгыны эҕирийбэхтии турда.
    Болот Боотур
  • Кулуба уоска бэрдэрбиттии саҥата суох олорбохтоото.
    И. Гоголев
Өссө холобурдар (1)

Уоска бэрдэрдэ

эмискэ, соҕотохто саҥата суох барда.

Замолчать внезапно, неожиданно (букв. дать ударить в губы).

  • [Дьэллиикэп Дьэкиим:] Эн тылыҥ-өһүҥ кытаанаҕыттан, соһуйаммын, уоска бэрдэрэн олоробун…
    П. Ойуунускай
  • Кэпсэтэ олорбут дьон уоска бэрдэрдилэр.
    М. Доҕордуурап
Өссө холобурдар (2)
  • Сергей уоска бэрдэрбитэ, Нарыйаттан итини хайдах даҕаны күүппэтэҕэ.
    В. Яковлев
  • Тэҥн. хам барда.

Уоскун минньит

айаххын минньит диэн курдук (көр айах I).

Өссө холобурдар (1)
  • Бааҥка кэнсиэрбэ баарын холбоон, бары тэҥҥэ үллэстэн, уостарын минньиттилэр.
    И. Петров

Уос кураанах

саҥата суох, мээнэ, таах.

Безмолвно, молчаливо (букв. губы пустые).

  • Уос кураанах сытыахтааҕар сэһэргэһиэх эрэ. ПЭК СЯЯ. Оҕонньор онуоха да кыһаллыбата, уос кураанаҕын олоруохтааҕар, киһини көрбүччэ саҥардаҕа буолуо.
    А. Сыромятникова

Уос номоҕо

куруук туттуллар тыл, кэпсэниллэр кэпсээн.

соотв. притча во языцех.

  • Сыыспат наадатыгар “биэстэ кээмэйдээ, биирдэ быс” диэн уос номоҕунан салайтарабын.
    Р. Баҕатаайыскай
  • Үөрэҕэ суох саха оҕонньотторо “атах анныттан алдьархай тахсар” диэн уос номохтоох этилэр.
    ХС

Өс хоһоонноро

үйэттэн үйэҕэ уос номоҕо буолан баран иһэр бэргэн этиилэр.

  • Багдарыын Сүлбэ. Эһэлэри кытта кыс хаар ортото көрсүһэр былыр-былыргыттан киэҥ кэпсээҥҥэ киирэр, уос номоҕо буолар. ПАК АаТХ.

Уос номох оҥоһун

номох оҥоһун (гын) диэн курдук (көр номох).

  • Былыр-былыргыттан дьон үтүөҕэ-кэрэҕэ тардыһар үтүө санааларын ханнык эмэ сиэдэрэй үүнээйинэн -- сирэйдээн уос номоҕо оҥостор идэлээхтэр.
    И. Федосеев
  • Истэр былаһын тухары 1936 сыллаахха П. А. Ойуунускай тыл эппит ыһыаҕын уос номоҕо оҥостоллор.
    ЭК

Уос номоххо киир

номоххо (кэпсээҥҥэ, сэһэҥҥэ, хоһооҥҥо) киир (сырыт) диэн курдук (көр кэпсээн).

  • Оннооҕор, бэл, дьон уоруйахтарынан, сымыйаччыларынан, ол-бу кыра кыйымсах идэлэринэн уос номоҕор киирэр гына сураҕырааччылар буолб аат.
    С. Тарасов
  • Дьэ итинэн, “Отелло курдук күнүүһүт” диэн уос номоҕор киирбит, дьиҥэр – киһиттэн эрэ кэрэ, үтүө, эрэнигэс, итэҕэйимтиэ сүрэхтээх хара мавр олох олорон бүтэр. Эрчимэн.

Уостан түспэт көр түс I

  • Оҕонньор аата ол күн дьон уоһуттан түспэтэҕэ.
    Г. Угаров
  • Бырааһынньык икки-үс күнүн сонуна сылы быһа уостан түспэккэ кэпсэнэр, мөккүөрү да үөскэтэр.
    ХС

Уостан уоска

киһиттэн киһиэхэ, дьонтон дьоҥҥо.

соотв. из уст в уста.

  • Ойдо, көттө уостан уоска Улуу поэт Маяковскай Поэзията норуокка. Эллэй.

Уостарынан үллэстэллэр

кими да матарбакка, бэйэ-бэйэлэригэр тэҥҥэ үллэрэллэр (үксүгэр аһы).

Делиться поровну, на брата, никого не обижая (обычно еде).

  • Өйүө астарын тобоҕун уостарынан үллэстэллэр.
    Н. Якутскай
  • Эти сонно тута уоспутунан үллэһиннибит.
    С. Федотов

Уос (тыл) тумалыга көр тумалык

  • [Доодороп кулуба:] Бу баай диэн уос тумалыга буолбут дьон – биһиги тыл этэрбитин көҥүллүүгүт дуо?
    Эрилик Эристиин

Уоһа сөлүннэ

тыла сөлүннэ (өһүлүннэ) диэн курдук (көр тыл).

  • Холуочуйан, уоһа сөллүбүт.

Уоһа уокка тиийбит

кыыһыран, өһүргэнэн уоһа уһаабыт, чорбойбут.

соотв.

  • надуть губы (букв. губы его дошли до камелька).

Уоһа (уоһугар) уоһахтаах,

сааһынан эдэр, олох быһыытын-майгытын билэ илик.

Молоденький, еще неопытный в жизни, желторотый.

  • Уоһахтаах эбээт уоһа, Ууну ааһыа, уоту туоруо.
    И. Гоголев
  • Эһиги оччугуй оройдоргут, Уоскутугар уоһахтаахтаргыт.
    С. Васильев
Өссө холобурдар (1)
  • [Граф – Петяҕа:] Мин эйиэхэ этэбин – солуута суох, уоһа уоһахтаах да, өссө байыаннай сулууспаҕа бараары гынар!
    Л. Толстой

Уоһа уһуктаммыт

тыла уһуктаммыт диэн курдук (көр уһуктан).

Уоһугар киллэрдэ

тугу эмэ оҥоруон, саҕалыан иннинэ ол туһунан кэпсээ-ипсээ.

Говорить, рассуждать о чём-л. прежде чем предпринять что-л.

  • Туох тылы уоһугар киллэрэн Туох халлаан тойугун туойуой?
    И. Чаҕылҕан
  • “Бу икки атахтааҕы саралаан сииргитигэр умса түһэҥҥит, бэл күн төһө буолбутун билбэт буоллаххыт”, – диэн уоһугар киллэрэн барар.
    ХС

Уоһунан барар

сүөһү саас сирин бэйэтэ булан, эрдэ мэччийэн, аһыыр.

Кормиться с поля, не получая сена (о раннем начале пастьбы скота весной).

  • Мантан инньэ сүөһү уоһунан барыа. ПЭК СЯЯ. Быйыл саас сүөһү бэркэ уоһунан барда. ПИС СТС. Уоһун була илик түөлбэ. – ситэ сыһыйа илик, салайыыны истибэт (сылгыны этэргэ). Не привыкший ещё слушаться поводьев (букв. губы свои ещё не нашёл – о лошади).

Уоһун иһигэр көр ис IV

  • Киһитэ биир кэм уоһун иһигэр тугу эрэ ботугуруур.
    Н. Якутскай
  • Кымаах Баһылай тугу эрэ уоһун иһигэр киҥинэйэн кэбистэ.
    А. Бэрияк

Уоһун кытта кэпсэтэр (саҥарар, ботугуруур)

бэйэтин кытта бэйэтэ кэпсэтэр, ис санаатын кыратык саҥаран, ботугураан саныыр.

соотв. бормотать себе под нос.

  • Атах ороҥҥо олорор хараҕа суох оҕонньор, уоһун кытта ботугуруур саҥата иһилиннэ.
    Н. Неустроев
  • Даарыйа эмээхсин хараҥа муннугар токуйан олорон, уоһун кытта саҥарда.
    Амма Аччыгыйа

Соҕотоҕун сылдьан уоһу кытта кэпсэтии

үгүс булчут үгэһэ. Т. Сметанин. Уоһун оҕунуохтаа кэпс. – кимиэхэ эмэ бэрик биэр.

Давать взятку кому-л. (букв. губы намазать).

  • Кистии-саба уоһун оҕунуохтатарын сөбүлүүр тойон дииллэр.
  • Уостарын оҕунуохтаатахха эрэ хамбаайын чааһын биэрэллэр. “Кыым”.

Уоһун сиигирт

кыратык тугу эмэ амсатан иһэрт.

Дать немного попить чего-л.

  • – Тоҕо үчүгэй аҕай урууну иҥнэри тарпатыҥ, үтүө күҥҥэр кулуттарыҥ уостарын сиигирдиэ да эбиккин.
    А. Сыромятникова
  • Ыһыахха барбах уоһу сиигирдэр кэриэтэ кымыстаабыттара.
    П. Аввакумов
Өссө холобурдар (1)
  • Уоһун тарт түөлбэ. – сылгыны айааһаа, сыһыт. Объезжать лошадь. Уоһа тардыллан ыытыллыбыт сылгы.
    НАГ ЯРФС

Уоһун (уоһугар) уоһаҕа куура илик

олох быһыытын-майгытын үчүгэйдик билэ илик, олус эдэр.

соотв. молоко на губах не обсохло.

  • Били оҕонньор этэринии эттэхпинэ, уоһугар уоһаҕа куура илик, атах сыгынньах акаары кыыска кыырыктаах баспын бэриннэмий!
    Суорун Омоллоон
  • Биһи уоспут уоһаҕа Куура илик оҕолор Кыыһар туман буурҕаҕа Кыттан баарпыт дии, доҕор.
    П. Тобуруокап
Өссө холобурдар (1)
  • Бэйэтэ буоллаҕына уоһун уоһаҕа куура илик адьас эдэр оҕо киһи.
    ХС

Уоһуттан (тылыттан) түһэрбэт (түспэт) көр түһэр

Оттон Мирон Маняттан Ол киэһэ арахпатах, Аптаах таптал ырыатын Уоһуттан түһэрбэтэх. С. Данилов. Поэт 350-чэ хоһоонноругар музыка суруллан, норуот уоһуттан түһэрбэккэ таптаан ыллыыр ырыалара буоллулар. “Чолбон”. Уһуктаах тыллаах (уостаах) кэпс. – олус сытыы тыллаах.

соотв. острый на язык.

  • Оччо үлүгэр ас тахсыбытыгар уһуктаах уостаах обургулар хам буолуохтара баараа: туос сымыйа ол-бу хобу-сиби тарҕаппыттара. Софр. Данилов. Аҕабыыт кыыһа, сылаас эркиҥҥэ көхсүнэн буолан, быыстала суох ботугуруу турда. Уоһа уһуктаах, чорбоҥолос.
    А. Сыромятникова

Хоммут уоскун хоҥнор

өрөөбүт уоскун өһүл диэн курдук (көр өһүл).

  • Чобуо Доргуунча Чокуур таас сототун Туора көтөҕөн олорон, Бэйэ бодотун тардынан, Хоммут уоһун хоҥнордо, Өрөөбүт уоһун өһүллэ.
    С. Зверев
  • “Көр эрэ!” – диэн мин мэлдьи аҕыйах саҥалаах таайым бу киэһэ иккиһин хоммут уоһун хоҥнордо.
    Н. Габышев
Өссө холобурдар (2)
  • Хоммут уоспун хоҥнороору Хомуспун охсо сатыыбын.
    Баал Хабырыыс
  • Ыт уос буолла көр ыт II

9 этии #

Нууччалыы Специальные деревянные крючки на коновязи для поводьев лошади

Этиилэр

Куобах уоһа көр куобах

  • Манна куобах уоһа саҕаланна, мастарын лабаалара маҥан бытыктанан бардылар.
    Суорун Омоллоон
  • Барыта куобах уоһа аҥхай-оҥхой дулҕа дойду, айанныырга олус эрэйдээх.
    ХС
Өссө холобурдар (2)
  • Сэргэ уоһа эргэр. – сэргэ ат тэһиинин иилэ быраҕарга анаан оҥоһуллубут чорбохторо Тоҕус уостаах тойон сэргэ.
  • Аҕыс аһаҕас уостаах аҕыс атыыр сэргэ.
    С. Зверев

Тыыраҕас уос көр тыыраҕас

  • Уол төрүөҕүттэн тыыраҕас уостаах.

Уос аһаҕас дорҕоон көр дорҕоон

Уос аһаҕас дорҕооннорун этэргэ уос ордук күүскэ үлэлиир. ПНЕ СТ. Уос бааһа бэт. – дьиэ сүөһүтүн ыарыыта: хабарҕа ыарыыта, күөмэйдэппит, сиир сиэһинэ.

Болезнь домашних животных: скарлатина, дифтерит.

  • Кыһына ичигэс буолан, уос бааһа сир ахсын дэлэйбит. “Саха с. ”. Маны [хабарҕа ыарыытын] сахалар өссө күөмэйдэппит, уос бааһа, сиир сиэһинэ эҥин диэн ааттыыллар. НПИ ССЫа.

Уос бүтэй дорҕоон көр дорҕоон

Ордук маарыннаһар уос бүтэй дорҕооннорун саҥаралларыгар да, суруйалларыгар да булкуйаллар. КИИ МКТТҮө. Уос дорҕооно тыл үөр. – уос кыттыгастаах үөскүүр саҥа дорҕооно.

Звуки речи, образуемые с помощью губ человека (губные звуки).

  • Саха тылын уос бүтэй дорҕоонноро: б, м, п. Уос аһаҕас дорҕоонноро: о, ө, у, ү.
    М. Чооруоһап

Уостаах ох көр ох

Былыр саха сэриилэһэр, бултуур саата, сэбэ: кураахтаах саа диэн, уостаах ох диэн баара үһү. БСИ ЛНКИСО-193 8. Уоһа ыпсыбат кэпс. – олус үөрэн, күлэн айаҕа сабыллыбат буолбут.

соотв. рот до ушей.

  • Луиза Алексеевна үөрэн да диэн оттон, төһөнү үөрүөй, уоһа ыпсыбат. Багдарыын Сүлбэ. Мин, булчут киһи буолан, дьэ үөрдүм, күлэн уоһум ыпсыбат буолла.
    ХС

Уоһун хомоҕой салыыр көр салаа I

  • [Маҥнайгы отчут:] Уоспутун хомоҕой салыаҕа, Уоспутун Оруос Баай көрүөҕэ, Уоран аһаабыккыт диэҕэ. (Бары уостарын күлүнэн соттоллор).
    П. Ойуунускай

Үтүлүк уоһа

үтүлүк аһаҕаһа.

Отверстие рукавицы.

  • Оҕонньор үтүлүгүн уоһунан илиитин таһааран далбаатаабытыгар уола сүүрэн кэллэ.
    Саха фольк
  • Икки илиитин үтүлүктэрин уостарынан таһааран, ытыстарын көрдөрө нэлэппитинэн, дьиэлээх тойон киирэн кэлэр. Амма Ачыыгыйа.

Чөмчөкө (сирэй, уос) олоруута көр олоруу

  • Хайыаҕай, сирэйин, уоһун олоруута оннук

«У» буукуба