Перевод с якутского
куобах
аат тыл
Нууччалыы заяц-беляк
English hare, rabbit
Ис хоһооно · 4
1 аат тыл #
Кэрбээччилэргэ киирэр уһун кулгаахтаах, кэлин уһун атахтаах кыһын маҥан, сайын бороҥ түүлээх кыра кыыл
Нууччалыы Заяц-беляк
Хас да куобах кылыыбын көрөн, туораан чонойбут. Амма Аччыгыйа Туһах эмис куобаҕын тото-хана сиэн баран, -- Утуйаары тэринэн, Ороннорун буллулар. Күннүк Уурастыырап Куобахчааннар, төрөөт, бэйэлэрэ эрэ талах төрдүгэр хаалаллар. Ийэ куобах кинилэри сыалаах үүтүнэн аһатаат, баран хаалар КЗА АҮө
2 аат тыл #
спорт. Икки атаҕы холбуу тутан уон икки туоска ыстанар спортивнай оонньуу
Нууччалыы Куобах - вид якутских национальных спортивных прыжков; прыжки на двенадцать меток на двух ногах вместе
Ыстаҥа, куобах, кылыы билигин спортивнай күрэхтэһиилэр биир суол сүрүн көрүҥнэрэ буоллулар. ЧМА ЯНПИД. Ордук тэнийбитинэн атах оонньуулара буолаллар: кылыы, ыстаҥа, куобах, буур, быа көтүүтэ. М. Чооруоһап Ср. хак. хобай ‘торчать’; тув. ковай ‘приподниматься’+ -х (от глагол-х имен результата действия) букв. ‘торчащий (зверь), т. е. заяц’
3 этии #
Нууччалыы Трусливый. [Комсомолец:] Куһаҕан дьыала таҕыста
Куобах сүрэх - куттас, куттаҕас (оҕо, киһи) Биһиги ячейкаҕа биир куобах сүрэх уол баара көһүннэ. С. Ефремов Куобах уоһа - ойуурга дьөлүтэ түспүт оҥхойдордоох сир. Θ Неровное бугристое место в лесу. - Тайах улаханнык эмсэҕэлээбэтэх, көрүҥ, - диэбитэ кини. Биһиги куобах уоһун быһыта үктэтэлээн барбыт суолун көрбүппүт. Далан Үрэх ыарҕалаах өттө бүтүннүү, куобах уоһун курдук, туора-маары аҥхалаат, хайыта барыы эбит. В. Яковлев
4 этии #
Куобах кыырда - куобаҕы бултаһар мэкчиргэлэргэ киирэр бөдөҥ, тыҥырахтаах көтөр, модьу атах
Нууччалыы Филин. Куобах кыырда диэн ааттанар модьу атах киэһээни быһа үгүрүөлээн-үгүрүөлээн баран, тотон, эмиэ күлэн-салан алларастаан баарта. Суорун Омоллоон