ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

куобахтаа

туохтуур

Нууччалыы охотиться на зайцев

1 туохтуур #

Куобаҕы бултаа

Нууччалыы Охотиться на зайцев

  • Сарсыарда, халлаан саҥардыы сырдаан эрдэҕинэ, биһиги мырааҥҥа куобахтыы таҕыстыбыт.
    Амма Аччыгыйа
  • Чэ бэйи, тукаам, сотору Куобахтаан аҕаҥ кэлиэ
    Эллэй

2 туохтуур #

спорт. Икки атаҕы холбуу тутан уон икки туоска ыстаныталаа

Нууччалыы Прыгать на двух ногах в длину на двенадцать меток

  • Куолуларынан хаарга куобахтаатылар. Киристипиэл тулуппата.
    Амма Аччыгыйа
  • Ааста дии кылыйар, куобахтыыр... Сотору тайахпын кыһыныам. Кэллиҥ дии сохсонон куобахтыыр, Киэҥ сири кэриппэт кыһыныам!
    Р. Баҕатаайыскай

3 туохтуур #

Күүскэ тэбэн оргуй (хол., чэй аһаҕас иһиккэ оргуйарын этэргэ)

Нууччалыы Кипеть, бурлить

  • Ол икки ардыгар, чэйим оргуйан куобахтаабытынан барбыта
    Хомус

«К» буукуба