ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

иккис

ахсаан, аат тыл

Нууччалыы второй

English second

1 аат тыл #

икки диэнтэн кэр. ахс. аат. Иккис кылаас. Иккис уруок. Иккис мэндиэмэҥҥэ бэрт боччумнаахтык туттан таҕыста. Амма Аччыгыйа. Үлэ иккис күнэ эмиэ улахан күүрүүлээхтик барда. М. Доҕордуурап

2 этии #

Нууччалыы Вторая родина

Этиилэр

Иккис төрөөбүт дойдута

ким эмэ атын сиргэ тиийэн уһуннук үлэлээн, олохсуйан дьиҥнээх төрөөбүт дойдутун курдук саныыр сирэ Онтон ыла Саха сирэ кини иккис төрөөбүт дойдутунан буолбута.

  • "ХС".

Иккис тыына киирэр

күүһэ эстэн, мөлтөөн иһэн, эмискэ кэҥээн, эрчимирэн кэлэр.

У него появляется второе дыхание.

  • Кыргыылаах [ат] сир ортотун ааһыыта хайаан да эбиэхтээх, ити бириэмэҕэ иккис тыын киирэр этэ. "Чолбон".

Иккис уоһунан

атын өттүнэн, атын өттүттэн.

С другой стороны (букв. второй губой).

  • Биир уоскунан махтанаҕын, оттон иккис уоскунан киһи маанытын-күндүтүн, кэһиитин ылбаккын! "ХС"

«И» буукуба