Перевод с якутского
торуой
аат тыл, даҕааһын
Нууччалыы бесцельно или без пользы бродить. [Хаайыылаахтар] ким баһын бүк түһэрэн санаарҕаан олорор, ким торуой хаамар, ким кэпсэтэр
Ис хоһооно · 5
1 #
III: торуой хаамп – халтайга, мээнэ (хаамп)
Нууччалыы Бесцельно или без пользы бродить. [Хаайыылаахтар] ким баһын бүк түһэрэн санаарҕаан олорор, ким торуой хаамар, ким кэпсэтэр
[Маҕалай Мөрүөн:] Сээкэйин бэлэмнэнэн да баран, нэһилиэгэр торуой хаамыахтыа эбит. Уустаах Избеков. Иосибы эмиэ утуйдаҕа диэбитэ, суох, киһитэ хостон хоско торуой хаамыталыы сылдьара В. Яковлев
2 этии #
Этиилэр
Орто дойду көр дойду
Орто торуой Улуу дойдум Тупсан туналыйда. Саха фольк Тугу туһанаарыбын, тугу оҥороорубун орто торуой дойдуга олорорум буолуоҕай.
П. Ойуунускай
Өссө холобурдар (1)
[Кулун Куллустуур:] Орто торуой ырай дойдуга Уһугунан дугуммут, -- Бороҥ урааҥхай биирдэ да Көстүбэтэ тоҕо кыһыылааҕай? ТТИГ КХКК
3 аат тыл #
Эбиэккэ миин кэнниттэн бэриллэр итии ас
Нууччалыы Обеденное блюдо, следующее за супом; второе
Дьолго, ас биэрээччи соҕотох: миин да баһар, торуой да биэрэр, хомпуот да кутар. Р. Баҕатаайыскай [Пётр Иванович] мииниттэн аҕыйах ньуосканы амсайбыта, торуойуттан олох да көҕүрэппэтэҕэ С. Никифоров
4 даҕааһын #
суолт., кэпс. Иккис (суорт, сир кылааһа)
Нууччалыы Второй (сорт, земельный класс). [Баай Байбал:] Эн эһэҥ, аҕаҥ, эһэҥ эһэтэ, эһэҥ эһэтин аҕата хаһан даҕаны торуой кылаас сирин сирдэммиттэрин -- истэ илигим
Бастыҥ окко наадыйбаппын. Торуой от сөп. М. Доҕордуурап Торуой суорт эт муунтата уон түөрт харчы. М. Горькай (тылб.) Орто, туйгун буолбатах. Θ Удовлетворительный. Мин Москубалаары олоробун. Туругум торуой соҕус. "Чолбон". Русск. второе
5 аат тыл #
, эргэр., хаарты. Саҥа холуода хаартыны арыйарга түһээн төлөбүр; буокканан күндүлээһин иһин хаһаайыҥҥа хаартылыыр дьон сүүйүүтүттэн тустаах төлөбүр (бытыылката – 5 солк.)
Нууччалыы Таксовая плата за вскрытие новой колоды игорных карт; карточный оброк; определенная плата хозяину за угощение водкой (бутылка – 5 рубл.) с выигрыша участников игры. [Ньукулай:] Хараҥата бэрт буолсу, ыл, Дьөгүөссэ, торуойга уотта тут
Мааҕын сарсыардаттан мин итириэхпэр диэри дьиэҥ торуойунан, бэйэҥ сүүйүүгүнэн, арыгы атыытынан эйиэхэ үс мөһөөх биэс уон сүүс киирдэ. Амма Аччыгыйа [Чуохаан кэргэнэ] сүүйбүт дьонтон остуолун торуойун тутан ылар. И. Гоголев Русск. второй