ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

торумтуй

туохтуур

Нууччалыы слегка чернеть, едва пробиваться

1 туохтуур #

Кыратык хараар эбэтэр олус биллэр гына үүн, оннук көһүн (бытык туһунан)

Нууччалыы Слегка чернеть, едва пробиваться (об усиках)

  • Торумтуйбут бытыктаах, ноҥсоллубут быһыылаах, дорҕоонноох куоластаах, тойонноохой доҕоччугум. ПЭК ОНЛЯ I. Турар дьүһүнэ Ньолоҕор ньуурдаах, Токурукай атахтаах, Торумтуйар бытыктаах.
    А. Софронов
  • Тихон Павлов үөһээ уоһугар торумтуйбут хара бытыктаах
    А. Бэрияк

2 туохтуур #

Күлүгүр, нэһиилэ биллэр буол (хол., хайаны, киһини этэргэ)

Нууччалыы Слегка темнеть, быть едва заметным (напр., о горах, человеке)

  • Өрүс нөҥүө өттүнээҕи буор хайалар -- күөх торҕо дьураа буолан торумтуйаллар эрэ.
    Н. Якутскай
  • [Оҕонньор] Тохсунньуга дьоҕойон Торумтуйа кырыарар
    М. Тимофеев

«Т» буукуба