ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

торум

аат тыл, даҕааһын

Нууччалыы контур, очертания чего-л. [Ыччат] кэлэр кэскил торумнарын билэрэ, өйдүүрэ наада

English concept, idea

Ис хоһооно · 4

1 аат тыл #

Туох эмэ сүрүн барыла, тутаах өттө

Нууччалыы Контур, очертания чего-л. [Ыччат] кэлэр кэскил торумнарын билэрэ, өйдүүрэ наада

  • Багдарыын Сүлбэ. Суруйааччы кумааҕытыгыр Кулаковскай туһунан пьеса былаанын торума баар. КНЗ ТС. Индоевропейскай төрүт тыл -- уопсай торумнара балайда итэҕэтиилээхтик сабаҕаланан тураллар
    СПА СТИ

2 аат тыл #

Туох эмэ барбах биллэр бэлиэтэ, омооно

Нууччалыы Примета, знак, признак чего-л. [Былыр көмүллүбүт киһи] билигин ол иинин торума биллэр

  • Саха сэһ. I. Хаардаах мастар быыстарынан -- толоон торума эйэҥнээн көстүбүт.
    Амма Аччыгыйа
  • Ханаалы киһи ханаал диэбэт, торума эрэ баар
    В. Яковлев
  • Дьиэлээх тойон кэтит сүүстээх, торум курдук хара бытыктаах.
    Амма Аччыгыйа
Өссө холобурдар (2)
  • Мииткэ Сергучевтаах диэки барар сатыы киһи торум суолун устун бара турда.
    И. Никифоров
  • Аан дойду ньыгыл укулааттара -- Торум от буолан тостоллоро
    И. Эртюков

3 даҕааһын #

суолт. Омооно эрэ биллэр, дуона суох

Нууччалыы Едва заметный, еле видимый

4 этии #

Торум айах - кымыс иһэргэ аналлаах улахан чороон Торум бытык - уот иччитин эпиитэтэ. Эпитет духа-хозяина огня. Торум бытык, Хатан Тэмиэрийэ, Аан Уххан, Тойон эһэм! Торум тиэргэн - сүүнэ улахан сүөһү дала, киэҥ-куоҥ (бөҕө) хааччах. Широкий (громадный) скотный двор, просторный (крепкий) загон. Торум тиэргэн киэркэйдэ эбээт, сэгэрдээр. Саха сэһ. 197 7. Торум ыһыах - муҥутуур дэлэй ыһыах. В высшей степени обильный кумысный праздник (ысыах). Дэлэй ыһыах тэлгэммит, торум ыһыах барҕарбыт. ПЭК ОНЛЯ I. Срю шор. тоорум ʻзарубкаʼ

Нууччалыы Большой кумысный кубок (чорон)

«Т» буукуба