ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

идея

аат тыл

Нууччалыы идея

1 аат тыл #

Киһи олоҕу көрүүтүн сүрүн бириинсибэ өйүгэр-санаатыгар көстөр өйдөбүлэ уонна онно кини сыһыана

Нууччалыы Идея (понятие, представление, отражающее действительность в сознании человека, выражающее его отношение к ней и являющееся основным принципом мировоззрения)

  • Гуманизм идеятын, бөлүһүөпүйэтин кытта нуучча норуота бу күн сиригэр төрүт бииргэ төрөөбүт курдук.
    Суорун Омоллоон
  • Марксизм-ленинизм идеяларын тарҕаппыттара
    ОГГ ТЛ-8

2 аат тыл #

Туох эмэ ис хоһоонун биэрэр сүрүн санаа

Нууччалыы Идея (основная мысль, определяющая содержание чего-л.)

  • Оччоҕо ырыабыт иитэ-саҕата суох буолан хаалар, сүрүн идеята суох, суолтата суох, аналлаах сүрүн наадата суох буолан хаалар.
    П. Ойуунускай
  • Туох ханнык иннинэ, ыҥырыы сүрүн идеята оробуочайдар ортолоругар киэҥник сырдатылынна
    Кыым

3 аат тыл #

Санаа, өй уган биэрии; былаан

Нууччалыы Мысль, план. [Булат:] Мэндэ биһиэхэ үчүгэй сюрприһы бэлэмнээбит. [Мэндэ:] Оксана идеята

  • Эн эппит идеяларыҥ, онтон да атыттар миэхэ эмиэ оруобуна үс сыллааҕыта, саҥа үлэлээн истэхпинэ кэлбиттэрэ.
    Н. Лугинов
  • Табаарыс Кылбановскай биир эмэ оригинальнай идеяны дуу, методиканы дуу эппитин биһиги билбэппит.
    В. Яковлев
  • Кини Дьөгүөссэ идеятыгар хайыы-үйэ сайдыы суолун хараҕынан көрөргө, кулгааҕынан истэргэ, этинэн-хаанынан билэргэ дылы буолбута
    ХС

«И» буукуба