ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

тыккыраа

туохтуур

Нууччалыы течь (о воде, жидкости), подниматься (о дыме) тонкой струйкой, едва пробиваться сквозь что-л. непрозрачное

1 туохтуур #

Синньигэстик сыыйыллан сүүр, сүүрт (ууну, убаҕаһы этэргэ), таҕыс (буруону этэргэ), тык (сырдыгы этэргэ)

Нууччалыы Течь (о воде, жидкости), подниматься (о дыме) тонкой струйкой, едва пробиваться сквозь что-л. непрозрачное (о солнечном луче)

  • Булчут уол күн ортото буолуута хайаттан тахсан тыккырыы сытар ып-ыраас дьүүктэ уутун таһыгар кэлэн тохтообута.
    Далан
  • Итинтэн-мантан күөх буруолар тыккыраатылар.
    Е. Неймохов
  • Оҥойо сытыйбыт кыараҕас түннүктэринэн күн уота тыккыраан киирэн дьиэ иһин үдүк-бадык сырдатар
    Ф. Постников

2 туохтуур #

Көстөр-көстүбэт уһун синньигэс сурааһын буолан бара тур (ыллыгы, ороҕу этэргэ)

Нууччалыы Тянуться, виться еле заметной линией (о тропинке)

  • Үрүйэни куулатыттан халдьаайытыгар диэри куобах хорулҕан орохторо тыккыраан сыталлар.
    Эрилик Эристиин
  • Иринньэх ойуур быыһынан үөһэ диэки ыллык суол тыккырыыра.
    И. Федосеев
  • Мин сахам ыллыга Алаастан алааска Синньигэс тымырдыы Тыккырыыр буолара.
    Д. Дыдаев
Өссө холобурдар (1)
  • Ср. алт. тыркыра ʽдрожать, трепетать; трепыхаться, дребезжатьʼ

«Т» буукуба