ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

тыккырас

даҕааһын

Нууччалыы бегущий тонкой струйкой (напр

I

1 #

тыккыраа диэнтэн холб. туһ. Тымырдар тыккырастылар, Салаалар саккырастылар, Дьураалар чуккурастылар. Өксөкүлээх Өлөксөй. Онно-манна аппаларга тахсыталаабыт чалбахтартан кыракый сүүрүктэр тыккыраспыттара. Далан. Аарбын тэллэҕин анараа өттүнэн табалар барбыт суоллара тыккыраһан көһүннүлэр. "ХС"

II

2 даҕааһын #

Тыккыраан сүүрэр, тыккырыыр (хол., үрүйэ)

Нууччалыы Бегущий тонкой струйкой (напр., речка)

  • Ахтаҕын сибэккини, Чыычаах көрдөөх ырыатын, Тыккырас үрүйэни, Лыах тэлимниир сыһыытын.
    И. Гоголев
  • Кыракый аппаларынан, синньигэс силээннэринэн, бэл дулҕалаах сүлбэлэринэн уу тыккырас тымырдара тыгыаластылар.
    И. Сосин
  • Дьүүктэ тыккырас сүүрээнэ уу үрдүн бэрт кыратык дьиримнэтэрэ.
    ВЛ

«Т» буукуба