ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

тыргый

туохтуур

Нууччалыы чёткой, тонкой струйкой, линией подниматься вверх (напр., о дыме); протягиваться вдаль (напр., о дороге); бить, ударять куда-л.

туохтуур

Ырылхай, синньигэс сурааһын буола сыыйыллан таҕыс (хол., буруону этэргэ); бара тур (хол., суолу этэргэ); тык (хол., күн сардаҥатын этэргэ)

Нууччалыы Чёткой, тонкой струйкой, линией подниматься вверх (напр., о дыме); протягиваться вдаль (напр., о дороге); бить, ударять куда-л. (напр., о солнечных лучах)

  • Биһиги киэһэ сөрүүн түһүүтэ сайылыкпытыгар тиийбиппит: дыр курдук синньигэс, чээл күөх ньуурдаах от үрэх тоҕойугар мастар быыстарыттан күөх буруо өрө тыргыйан көһүннэ.
    Далан
  • Күн сип-синньигэс сардаҥата мастар быыстарынан тыргыйан, кыһыл көмүс лиэнтэлии салгыҥҥа ыйанан турар.
    В. Протодьяконов
  • Дэҥ-дэҥ үрэхтэр бастарынан торҕоннообут хотугу үөр бөрөлөр суоллара тыргыйар
    Айталын

«Т» буукуба