ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

сыккыстаа

туохтуур

Нууччалыы течь маленькой тонкой струйкой, струиться

1 туохтуур #

Кыра сүүрээн буолан сүүрт

Нууччалыы Течь маленькой тонкой струйкой, струиться

  • Саас аайы быһыт уута улам кэҥээн, халыйан испитин таһынан, аны буор быыһынан сыккыстаан, -- уу, бука, көстүбэтинэн сири өҥсүтэн эрдэҕэ буолуо.
    Амма Аччыгыйа
  • Бу эбэҕэ Тарыҥ үрэҕэ диэн синньигэс от үрэх сыккыстаан түһэр, онно күөнэҕэ элбэҕин көрөн сөҕүөҥ.
    И. Гоголев
  • Тайҕаҕа тыа анныгар сытар дьапталҕа мууһун, сиигин күн уота сылыттаҕына, оргууй аҕай ууллан, өрүскэ тохтообокко сыккыстаан киирэ, аһата турар
    Б. Павлов

2 туохтуур #

Күөдьүйэн кэлбэккэ эрэ, уһуннук уонна бытааннык умай

Нууччалыы Гореть, не разгораясь, долго и слабо

  • Оһоххо үс-түөрт хардаҕас туора-маары түһэннэр, уот сыккыстаан умайа турар.
    Р. Кулаковскай
  • Төбөтө маҥхайыар диэри уот бөҕөнү күөдьүппүт оҕонньор түптэни оргууй, сыккыстаан умайарын курдук оҥорбут этэ.
    С. Дадаскинов
  • Гараас диэкиттэн буруо тахсарын көрбүтүм, туох баҕайыный, үлэһиттэр бөҕү умаппыттара аныаха диэри сыккыстыыр дуу диэммин, дьиктиргээбитим
    И. Никифоров

3 туохтуур #

Мөлтөхтүк биллэн аас; сэниэтэ, көҕө суохтук буол

Нууччалыы Проявиться слабо; происходить без задора

  • Биэбэйиэм, биһи күн ортобут Уһуурун туһугар олоруох. Түүннэртэн сыккыстаан ордубут Сырдыктан түөспүтүн толоруох.
    Р. Баҕатаайыскай
  • Аркадий харахтарыгар үөрүү төлөнө сыккыстаан ааста.
    В. Яковлев
  • Аҕаа, хаһааҥҥа диэри дьадаҥытык сыккыстаан олоробут?
    У. Нуолур

«С» буукуба